Ымыы ырыа дьүөгэлэр
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Другое
30.08.2021

Ымыы ырыа дьүөгэлэр

Просмотры: 2718

Күөх от силигилээн турдаҕына от ыйыгар биһиги библиотекабытыгар ырыаҕа үөрэтэр куурус ыытылынна. Өр кэмҥэ дьиэҕэ хаайтаран олорбут дьоҥҥо бу дьарык сэргэхсийии быһыытынан олус көдьүүстээх буолла. Уопсайа 6 дьарык устатыгар норуот тапталлаах ырыаһыта, мелодиһа Анастасия Варламова «Аҕам алааһа» репертуарын үөрэттилэр, ис-хоһоонун ырыттылар, тыаҕа тахсан видеоҕа уһулуннулар.

Кууруһу библиотека волонтера, музыка бастакы категориялаах учуутала, Санникова Мария Алексеевна ыытта. Тэҥинэн биир кэмҥэ 6 – 7 киһи кэлэн хайдах күөмэйи ырыаҕы бэлэмнииртэн саҕалаан, сөпкө тыынарга, сыанаҕа туттуу-хаптыы уобараһын үөрэттилэр.

Кыттааччылар «Ситим» диэн ырыа ансаамбылын тэринэргэ быһаарыннылар, библиотека иһинэн буолар мероприятиелары ырыанан киэргэтэргэ, өссө даҕаны инникитин эбии ырыалары үөрэтэргэ бэлэмнэрин эттилэр.

Бүтэһик дьарык бырааһынньык хабааннаах ааста. Биир киэһэ библиотека иһэ ырыанан, истиҥ кэпсэтиинэн, алгыһынан туолла. Мария Алексеевна сэргэхситиигэ «Толкуйдаа» диэн олус сэргэх онньууну ыытта, ырыа ролигын презентациялаата, түмүккэ куурус туһунан тус санааларын эттилэр, “Кистэлэҥ доҕор” диэн бэйэ-бэйэлэригэр өйдөбүнньүк бэлэхтэрин туттарыстылар.


Куурус кыттыылаахтарын уонна салайааччытын санаалара:

Васильева Матрёна Дмитриевна: «Ырыа куурсун олус сөбүлээтим уонна биһирээтим. Кэрэхсэбиллээҕэ диэн – инники бэйэ-бэйэбитин билбэт дьон доҕордуу кэриэтэ буоллубут. Учуталбытыгар барҕа махтал! Барыбытын түмпүтүгэр, үөрэппитигэр-такайбытыгар, ырыа ис-хоһоонун илдьиритэн быһааран биэрбитигэр, Анастасия Варламова, Саха сирин ырыаһыттарын туһунан билиибитин кэҥэппитигэр».

Никонова Мария Романовна: «Аан бастакы дьарыкпытыгар учууталбыт «Аҕам алааһа» диэн ырыаны үөрэтиэхпит диэбитигэр олус үөрбүтүм. Анастасия Варламова төрүттээх дойдутугар учууталлаабытым кини кылааһын үөрэппитим. Ол иһин олус чугастык ылынан дьарыктанным».

Маринова Елена Николаевна: «Бу куурус туһунан инстаграм эйгэтигэр көрбүтүм, босхо эбит диэн үөрбүтүм. Ыллыахпын кыра эрдэхпиттэн наһаа баҕарар этим, ол эрээри дьонум утарсаллар этэ. Бу дьарыкка сылдьан элбэххэ үөрэнним, махтанабын учууталбытыгар уонна библиотека үлэһиттэригэр».

Еремеева Раиса Ивановна: «Мин нууччалыы иитиилээхпин, ол эрээри сахалыы ырыаны үөрэтэн ис дууһабыттан үөрдум. Дьиэттэн аралдьыйан абыранным. Хатастан сылдьан биир даҕаны дьарыгы көтүппэкккэ үөрэнним. Махталбыт улахан, өссө даҕаны инникитин маннык дьарыктары оҥоруҥ, биһиги ыллыырга бэлэммит». 

Санникова Мария Алексеевна: «Бу «Ситим» бырайыак сүрүн сыала-соруга диэн, ыллыан баҕалаах биир санаалаах дьону түмүү , анал дьарык көмөтүнэн сөпкө тыынарга, биир ырыаны толору уобарастаан, фонограмманан толорорго үөрэтии, ыллыыр дьоҕуру сайыннарыы, кэрэни кэрэхсииргэ туһаайыы, өйдөбүнньүк клип уһулуу диэн этэ. Бу сөпкө тыыныы киһи уопсай туругар, организм үлэтигэр эмиэ олус туһалаах.

Проект саҕаланыытыгар биир сүрүн боппуруоһунан репертуар талааһына этэ, элбэх толкуй кэннэ, Саха Республикатын народнай артыыската, Мэңэ – Хаңалас бочуоттаах гражданина, Саха Республикатын Үөрэ5ириитин туйгуна, айыл5аттан бэриллибит дэгиттэр талааннаах, мелодист, суруйааччы, бастыҥ общественник Анастасия Николаевна Варламова - дьон таптаан ааттыырынан Эдьиэй Настаа «Аҕам алааһа» диэн ырыатын үөрэттибит. Бу ырыа тэтимэ, дьүрүскэнэ аан айыл5алыын алтыһан эрэр курдук иэйиилээх. Айдааннаах куйдааннаах буолбакка, хайдах эрэ айыл5а иһиттэн бэйэтиттэн хостоон, ороон ылан, ой дуораана гыммыт курдук айдарыылаах. «Аҕам алааһын» ыллаатахпытына биһиги бука бары биир ньыгыл, биир буола туһэбит. Ырыа суолтата, ырыа модун күүһэ, дьэ маныаха сытар.

Ол курдук 1 ый устата, 6 дьарык иһигэр сыалбытын толору ситистибит. Куурус кыттааччылара олус активнай, баҕалаах дьон буолан, барыта уурбут – туппут курдук судургутук табылынна дии саныыбын. Хас дьарык аайы бука бары үөрэ-көтө көрсөбүт, ол кэннэ үөрэн-көтөн тарҕаһарбыт. Түмүктүүр тэрээһиҥҥэ олус истиҥ махтал тыллара, баҕа санаалар этилиннилэр. Түгэнинэн туһанан бу проегы өйөөбүт библиотека салайааччытыгар Герасимова Розалия Кимовнаҕа, библиотека үлэһиттэригэр, чуолаан Третьякова Марианна Алексеевнаҕа истиҥ махталбын тиэрдэбин. Бука бары доруобай , дьоллоох буолун!»

Смотрите также