Биһиги библиотекабытыгар элбэхтик ааҕыллыбыт, куруук ааҕааччы болҕомтотун ылар суруйааччылартан саха народнай суруйааччыта Н.Г. Золотарев –Якутскай буолар. Сааһыттан тутулуга суох, эдэрдиин-кырдьаҕастыын Н.Якутскай «Төлкө» романын ааҕаллар. Сорох ааҕааччылар иккитэ, устэ хатылаан уларсаллар. Бу аҕыйах хонуктааҕыта эмиэ «Төлкө» роман салҕыытын «Илин уонна Арҕаа» диэн сэһэни суһал көмө суоппара киирэн суруттаран барбыта. Бу романы аахпыт дьоннору кытта санаа атастаһыыта, сүрүн геройдары ырытыы буолааччы. Тулагы-Киллэм сиригэр олорор буолан, бу романҥа кэпсэнэр сүрүн геройдарыттан биирдэрэ Киллэм дэриэбинэтин Лэгэнтэй атыыһыт буолар. Атыыһыт Лэгэнтэй кэргэнинээн иккиэйэҕин олороллор. 2 оҕолоро кыраларыгар өлбүттэр, үһүс оҕолоро итэҕэс буолан түһэр. Лэгэнтэй атыыһыт сатабыллаах атыыһыт буолан бэйэтин сүеһүтүн көҕүрэппэккэ, биир да муунта бэйэтин арыытын биэрбэккэ эргинэр. Кини кэлэр өттүгэр тугунан үчүгэйдик туһаныан, барыстаныан бэрт үчүгэйдик билэр.
Ааҕааччылартан куруук бу Лэгэнтэй атыыһыт туһунан ыйыталаһабын. Дьиҥнээх олоро сылдьыбыт атыыһыт буолуон сөп ду эбэтэр суруйааччы бэйэтэ айбыт уобараһа дуу диэн. Ааҕааччылар санааларын үллэстэбин.
Владимир Стручков саха литературатын бэркэ билэр, ырытар ааҕааччыбыт этиитинэн Лэгэнтэй атыыһыт суруйааччы фантазията , Николай Якутскай баай фантазиялаах суруйааччы диир.
Киллэм сиригэр 19 үйэ бүтүүтэ духобордар көһөн кэлэн олохсуйан, сир оҥоруутунан дьарыктанан, дьиэ- уот туттан олорбут сирдэрэ. Олохтоохтор кинилэри аттыкылар диэн ааттыыллара. Софья Баранова СР үтүөлээх артистката кэпсээнэ эмиэ киьи болҕомтотун тардар. Кини эбэтин төрөппүттэрэ эрдэ өлөн хааланнар, Андреев диэн атыыһыт таайыгар иитиллибит. Эбэм бииргэ төрөөбүт балта Манньыаттаах уолугар куоракка иитиллибит. Гимназияҕа үөрэммит. Эбэбин таайа үөрэттэрбэтэх. Бу Андреев атыыьыт Тулагыга бурдук мэлийэр миэлинсэлээх эбит. Бурдугунан килиэп астыыллар эбит уонна куоракка киллэрэн атыылыыллар үһү. Эбэм онно килиэп астыырга үөрэнэн эстэрээппэ буола сылдьыбыт. Олорбут сирбитигэр татаардар уонна аттакылар олороллор этэ диэн кэпсиирэ эбэм. Дьокуускай куоракка таайа, атыыһыт Андреев Казарменная диэн уулуссага двор №8 диэн аадырыска дьиэлээх эбит. Ол олбуорга хас да дьиэлээх эбит. Урут уулуссаҕа дьиэлэринэн нүөмэрдээбэккэ, олбуорунан нүөмэрдииллэр эбит. Бурдугу харайан уурар «Мучные склады» диэн тутуулаах эбит. Күөх хонуу үрдүгэр Куруһаалаҕа эбэм «түннүктээх» этибит диэн кэпсиирэ. Билиҥҥи өйдөбүлүнэн атыыһыт лавката буолуо. Кэлин архивтан ыйыталаһан билбитим эбэм таайын, атыыһыт Андреев туһунан. Үстэ кэргэннэнэ сылдьыбыт. Үһүс кэргэнэ Хачыкаат кулубатын кыыһын ылбыт. Үс кэргэн тухары биир да оҕо турбатах, оҕото суохтар эбит.
Лэгэнтэй атыыһыкка эмиэ оҕо турбатах. Онон, иккиэн атыыһыттар оҕо турбат ыаллара. Романҥа Манньыаттаах уолунаан эмиэ бааллар. Лэгэнтэй атыыһыт Маайалаах Сүөдэргэ кэпсииригэр. Манньыаттаах оҕонньорго хайдах олорон үлэлээн, дьиэлэнэн олорбуттарын кэпсиир: «…биһиги, ас-таҥас кыһалҕаланан, куоракка киирбиппит. Онно ити билиҥҥи Микииппэрэп атыыһыт аҕатыгар Манньыаттаах оҕонньорго улэгэ кэпсэппиппит . Ол олордохпутуна кыыс оҕо төрөөбүтэ. Мин онно саныырым: «Ама миигиттэн дьоллоох киьи бу орто дойдуга баар үһүө!» Кырдьык, үчүгэйкээн диэн бэйэлээх оҕо этэ. Оччоҕо Манньыаттаах оҕонньор саҥа байан эрэрэ. Кини обургу иҥсэтин, кини обургу сүрэгин бэлэһин көрүө этигит!? Байар дьулууругар түүн утуйар диэни, күнүс олорор диэни билбэт этэ. Мин түүн кинилэр лааппыларын маныырым. Күнүс лааппыга таһаҕас таһарым, сүгэрим- көтөгөрүм…» Кыыстара сэбиргэхтэтэн өлөн хаалар. Кэлин икки оҕолоруттан эмиэ маталлар.
Софья Баранова салгыы кэпсииринэн, революция кэннэ эбэтэ дойдутугар Мэҥэгэ барар. Таайа, атыыһыт Андреев кини барарын сөбүлээбэтэх. Эбэтэ барарыгар өлүүтүн көрдүүр таайыттан. Ону таайа Манньыаттаах уолуттан баран көрдөө, кини элбэҕи ылбыта диэбит. Эбэтэ Манньыаттаах уолугар тиийэн эмиэ өлүүтүн көрдүүр. Манньыаттаах уола тугу да биэрбэтэх. Эбэм оччоҕо балтыбын аҕал диэбит, онуоха атыыһыт сөбүлэһэн балтын биэрэн ыытар. 1924 с.атыыһыт Андреев өлбүт. Өлүөн иннинэ атыыһыт биллэрбит эбэбэр кэлэн өлүүтүн ыллын диэн. Эбэм барахсан кэргэн тахсан, сыл аайы оҕолонон, кыайан барбатах. Хойутаан тиийбит. Таайын кэргэнэ хойутаан кэллин, бэйэн буруйдааххын диэбит, ылар буоллаххына маны илдьэ бар диэн, үрүҥ көмүс чаанньык, үрүҥ көмүс молуоһунньук биэрбит. Эбэм олорбохтуу туһэн баран төттөрү аспыт. Маны ылбаппын, ити кэриэтэ миэхэ хаартыскаларда аҕал диэбит. Оннук хаартыска бөҕө тутуурдаах, уонна таҥара кинигэтэ өлүүлээх дьиэтигэр тиийэн кэлэр. Ити курдук, Тулагы-Киллэмнэ чахчы олоро сылдьыбыт Андреев атыыһыт туһунан Софья Баранова «Ааспыт ааспат амтана» диэн НВК телерадиокомпания сериалыгар уһулла сырыттахпытына кэпсээн турардаах.
Тулагы-Киллэм бочуоттаах олохтооҕо, 90 сааһын лаппа аһарбыт, кинигэни, хаһыаты илиититтэн араарбат ытык кырдьагас Семен Афанасьевич Илларионов эмиэ бигэргэтэр, сүөһүнэн эргинэр атыыһыт олоро сылдьыбыта диэн, ол гынан баран кырдьаммын чуолкайдыыр кыаҕым суох диэбитэ
Өссө биир ааҕаччыбыт СР тыа хаьаайыстыбатын үтүөлээх улэһитэ Андрей Андреевич Бочкарев «Төлкө» романы аҕата кэпсиириттэн сиэттэрэн аахпытым диир. Кини аҕата, Бочкарев Андрей Петрович Уус- Алдан улууһугар номоххо киирбит Майаҕатта Бэрт Хара үөскээбит Кыыс Хаҥа диэн алаас таһыгар сытар алааска 1911 с.төрөөбүт. Кыра оҕо эрдэҕиттэн олох ыараханын этинэн хаанынан билбэхтээбит аҕай киһи. Сэбиэскэй былаас олохтонуон иннинэ уончалаах сылдьан Тулагы-Киллэмнэ олохтоох Лэгэнтэй диэн баай атыыһыкка хамначчыттаабыт. Бу аатырбыт «Төлкө» романҥа суруллубут сылгыһыт Сүөдэр Маайатынаан күрүү сылдьан хамначчыттаабыт баай атыыһыттара буолар. Аҕам ол туһунан маннык кэпсиирэ: «Биьиги, хамначчыттар, олорор балаҕаммыт улахан уһун баайы хотону кытта силбэһэ турара. Мин кыьыннары атах сыгынньах кыстыыр буолан, таһырдьа «тахсан киирэрбэр» , уһун хотону унуордаан, кыбыыны курдат сүүрэн иһэн кэбиһиилээх оттон биир туту моту быһа тардан ылаат, күрүөнү унуордаан,атах сыгынньах ойуур иьигэр киирэн, ылбыт оппуттан сороҕун сиргэ (хаарга) тэлгээн баран , онно үктэнэн олорон «тахсан киирэрим». Андрей Андреевич аҕатын кэпсээнинэн, чахчы Лэгэнтэй атыыһыт Киллэмнэ олоро сылдьыбыт киьи буолан тахсар.
Николай Николаевич Нутчин, педагогическай үлэ бэтэрээнэ, сынньалаҥҥа олорор учуутал кэпсээнин истиэххэ. Оҕо сырыттахпына эбэм биһиэхэ «Төлкөнү» ааҕар. Эһэм сороҕун сыыһа суруйбуттар диэн көннөрөн кэпсиир этэ. Эһэм сэниэ ыал оҕото буолан хаартылыыр дьаллыктаах эбит, ыраах чугас тэлэһийэн хаартылыыр эбит. Ол сылдьан бэйэтин курдук бөдөҥ кугас уоллуун Бүөтээстиин Бодойбого туспуттэр. Онно арааһы барытын көрбүттэр, сүүйбүттэр, сүүттэрбиттэр даҕаны, мас кэрдиитигэр сылдьыбыттар,ороспуой мустубут дойдута диирэ. Эһэ харах Испирдиэнкэни,Истээх сону, Аҥар хараҕы эҥин кэпсиир этэ. Аҥар хараҕы киһи соччо толло көрбөт киһитэ этэ диирэ, ол арааһа Сылгыһыт Сүөдэр буолуо. Дьэ оннук сырыттахтарына Эһэ харах, баһылыктара эһэм аахха туһаайан биһиги суолбутун батыман, эдэр эрдэххитинэ тэскилээн, биһиги курдук буолуман, киһилии олорун диэн өйүөлээн-харчылаан Аанньаахтарыгар ( Өлүөхүмэҕэ) үүртэлээбит. Бандьыыттар да киһилии санаалаахтарын онно билбитим диирэ эһэм. Онтон кэлэн ойохтонон, оҕолонон олорбуппут диирэ.
Н.Г. Золотарев – Николай Якутскай 1947 с. тахсыбыт киһи дууһатын долгутар «Төлкө» роман, ааҕааччылар сөбүлээн ааҕар айымньылара буолан, күн бүгүҥҥэ дылы элбэхтик ааҕыллар кинигэлэр ахсааннарыгар киирсэр. Ааҕааччылар бу романынан уус -уран киинэ уһуллара буоллар тапталлаах суруйааччыбыт аата, айымньыта үйэтитиллиэ этэ диэн баҕа санааларын этэллэр.
Готовцева Е.М., библиотекарь.