Суруйааччы Николай Афанасьевич Апросимов
Кэлин сылларга Саха сирин дьоно бэйэлэрэ үбүлээн күндү дьоннорун, аймахтарын, бииргэ үөрэммит доҕотторун туһунан ахтыылары, кинилэр олохторун, үлэлээбит үлэлэрин киэн эйгэҕэ билиһиннэрээри кинигэ бэчээттэтэн таһаарар буоллулар.
Уус-уран литератураҕа ааҕааччы биһирэбилин ылан испит суруйааччы Николай Афанасьевич Апросимов оҕолоро 2015 с. аҕалара төрөөбүтэ 100 сааһыгар анаан кинигэ таһаарбыттара.
Суруйааччы Николай Апросимовы эдэр көлүөнэ оҕолорго аналлаах хомуурунньуктарга, саха тылын үөрэтэр учебниктарга аҕыйах кэпсээннэрин ааҕан билэллэр.
Николай Афанасьевич Апросимов 1916 с. кулун тутар 26 күнүгэр I Моорук нэһилиэгэр дьадьаҥы кэргэҥҥэ төрөөбүтэ. Суолаҕа аһыллыбыт оскуолаҕа, салгыы Бүтэйдээх 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрбитэ.
1933-1938 сс. М.И. Калинин аатынан колхозка таһаарыылаахтык үлэлээбитэ, производство маяга; колхоз комсомольскай тэрилтэтин сэкэрэтээринэн талыллан ыччат дьиҥнээх салайааччытынан биллибитэ. 1939 с. Дьокуускайдааҕы байыаннай оскуоланы бүтэрээт Томпо, Саккырыыр, Токо оройуоннарыгар партийнай-хаһаайыстыбаннай үлэлэргэ сылдьыбыта, партия райкомун сэкэрэтээригэр тиийэ үүммүтэ. 1950 с. доруобуйатын туругунан уурайбыта.
1952-1953 сс. төрөөбүт дойдутугар М.И. Калинин аатынан колхозка бэрэссэдээтэлинэн талыллан үлэлиир. Бу сылларга сыһыаннаах хас да ыстатыйа оройуон, республика хаһыаттарыгар тахсыталаабыта.
Николай Афанасьевич норуот тылыгар, тылынан айымньытыгар, литератураҕа интэриэһэ оҕо сааһыттан саҕаламмыта сабаҕаланар. Моорук нэһилиэгэр сүүрбэттэн тахса олоҥхоһут олорон, ыллаан-туойан ааспыттара биллэр. Олортон кэлиҥҥи көлүөнэ олоҥхоһуттарын истибит буолуон сөп. Аҕата Сүөдэрдээх Охонооһой, абаҕата Боодой Бүөтүр, убайа Сүөккэ биллэр сэһэнньит дьон этилэр. Олохтоох фольклору хомуйааччылар Иннокентий Сергеев, Афанасий Порядин да оруоллара, сүбэлэрэ баара чуолкай. Ол туоһутунан буолар “Томпо сэһэннэрэ” диэн кинигэтигэр көстөр сэһэн геройа – һэлургу диэн эбээн хоһууна.
Итини таһынан кини биллиилээх историк, историческай наука доктора С.А. Токарев 1934 с. ССРС этнографияҕа институтун сорудаҕынан научнай экспедицияҕа Моорук нэһилиэгэр сырыттаҕына тылбаасчытынан сылдьыспыта. 1937 с. ТЛИНЧИ фольклорнай экспедициятын чилиэннэрэ М.И. Коковин, И.Д. Новгородов уонна С.И. Боло этнография өттүнэн интэриэһиргээн Моорук нэһилиэгэр 3-4 сиргэ хаһыылары оҥорбуттара. Николай Апросимов кинилэргэ сирдьит, арыалдьыт буолбута. Сэһэн Боло үһүйээннэри хомуйарыгар уонна сэһэнньиттэр, олоҥхоһуттар испиэһэктэрин оҥороругар билэр дьонун кытта көрсүһүннэрээччи эмиэ кини этэ. Сэһэн Болоттон фольклору хомуйууга элбэх сүбэни ылбытын суруйааччы кэлин махталынан ахтар буолара. Экспедиция ити үлэтин түмүгэр Аба Уос Дьорҕо кийиитэ (кэлиҥҥи аата Саргы Куо) көмүгэ Дьокуускайдааҕы краеведческай музейга көрдөрүүгэ киллэриллэн 1998 сыллаахха диэри сыппыта.
Уус-уран литератураҕа аан бастаан 1946 с. “Хотугу сулус” сулунаал 17, 18 нүөмэрдэригэр тахсыбыт “Томпо сэһэннэрэ” диэн кэпсээннэринэн киирбитэ. Бу сурунаалга кини уонча кэпсээннэрэ, хас да очеркалара бэчээттэммиттэрэ. 1956 с. “Хотуттан кэпсээннэр”; “Холкуостаах коммунистар” диэн очерк, 1960 с. «Сүрүн үөскэ” диэн сэһэнин, 1964 с. “Үөлээннээҕим таптала” диэн кинигэлэрин таһааттарбыта. “Хотуттан кэпсээннэр”, “Сүрүн үөскэ” кинигэлэрэ ааҕааччыларга ордук биһирэммиттэрэ. Оҕолорго аналлаах “Хотуттан кэпсээннэр” эдэр ааҕааччыларынан да, литературнай критиканан да улахан сыанабылы ылбыта. Кинигэ бастыҥ айымньылара диктаннар уонна аахпыттан суруйуулар хомуурунньуктарыгар, оҕо саадын оҕолоругар аналлаах кинигэлэргэ, начаалынай кылаас үөрэнээччилэрэ ааҕар кинигэлэригэр киллэриллибиттэрэ.
“Сүрүн үөскэ” сэһэнин критиктэр Г.Г. Окороков, Н.П. Канаев үрдүктүк сыаналаабыттара. “...бэйэтин биһирэбиллээх геройдарын наар сырдык кыраасканан, схеманан биэрбит буолбатах. Кинилэри автор тыыннаах дьон курдук ойуулуур. ...Кинилэр олохтон бэйэтиттэн үөрэнэн, кинини баһылыырга дьулуһар дьон курдук көстөллөр”, - диэн сыаналаабыта Г.Г. Окороков1. Критик Николай Тобуроков бэлиэтээбитэ: “Хорошее знание жизни, умелое раскрытие темы продемонстрировали Николай Апросимов в повести “На стержень” (1960 г.), Семен Никифоров “Рассказы” (1961 г.)2.
Суруйааччы Николай Апросимов кэлин таһаарбыт, ордук оҕолорго аналлаах кинигэлэригэр, айылҕа, кыыл-сүөл туһунан кэпсээннэригэр фольклорнай-этнографическай матырыйааллары табыгастаахтык туһанара, олоҕун тиһэх сылларыгар хотугу омуктар олохторуттан суруйан испит романыгар үһүйээннэри киллэрээри хомуйбута.
Николай Апросимов суруйааччылар сойуустарын чилиэнигэр киирбэтэҕэ. Оччолорго Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бырабылыанньатын бэрэссэдээтэлэ Семен Данилов сойууска чилиэнинэн киирэргэ сайабылыанньа суруйарыгар этэн көрбүтүн: “Чэ, бэйи, саатар аны биир-икки кинигэни бэчээттэтэн баран...” – диэн буолумматаҕа. Кини оннук сэмэй киһи этэ... Кэлин сайабылыанньа харатын кумааҕытын быыһыттан дьоно булбуттара.
...“Сурт кэриэстээх”диэн саха
Мээлэҕэ эппэтэҕэ,
Үтүө дьыала, хагдарыйбакка,
Үүнүө үгүс үйэҕэ...
Бу хоһоону народнай поэт Серафим Кулачиков-Эллэй Суолаҕа сылдьан Николай Апросимов кэриэһигэр суруйбутун ааҕан биэрбитин мустубут дьон улаханнык биһирээн истибиттэрэ. Ол курдук кини олоҕо салҕанар, олорботох олоҕун оҕолоро, сиэннэрэ салгыыллар.
Апросимов Николай Афанасьевич / [хомуйан оҥордулар: Апросимов А. М., Апросимов Г. Н.; ред. Апросимов Ф. Н.]. – Майа, 2015. – 412 с.
Кинигэҕэ Н.А. Апросимов ХХ үйэ 50-60-с сылларыгар тыа сирин олоҕун, оччолорго туруоруллубут кыһалҕалары сырдатар кэпсээннэрэ, сэһэнэ киирбиттэр. Кинигэ икки түһүмэхтэн турар. Бастакы түһүмэххэ суруйааччы “Томпо сэһэннэрэ”, “Үөлээннээҕим таптала”, “Саллаат кэпсээнэ”, “Ыаллыылар”, “Сэргэ төрдүгэр”; очеркалар: “Холкуостаах коммунистар”, “Биир колхозка”, “Ийэттэн да араардахха”, “Охсуһуу суола”, “Сүрүн үөскэ” сэһэнэ; оҕолорго аналлаах “Хотуттан кэпсээннэр” киирбиттэр.
Кинигэ иккис түһүмэҕэр суруйааччы туһунан аймахтарын, табаарыстарын, алтыспыт суруйааччыларын, оҕолорун ахтыылара, хаартыскалар түмүллүбүттэр.
Апросимов Николай Афанасьевич туһунан ааҕан билиэххэ:
Мэҥэ Хаҥалас суруйааччылара уонна ааптардара : хомуурунньук / “Мэҥэ Хаҥалас улууһа” муниципальнай оройуон ; Мэҥэ Хаҥалас улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управленията ; И. М. Сосин аатынан оройуоннааҕы киин бибилэтиэкэ ; [хомуйан оҥордулар: А. М. Апросимов, Н. М. Винокурова, ред. М. И. Птицина]. – Дьокуускай : Кытыл, 2017. – С. 6-8.
Кырдьыбат кырдьаҕас Моорукпут / [хомуйан оҥорооччу-автордар А. М. Апросимов, А. И. Егоров, П. П. Зыков]. – Дьокуускай : Сайдам, 2016. – С. 25, 54, 64.
Сосин, И. Тоотуу Ньукулай // Уйулҕам уйан убайдара: ахтыылар / И. Сосин. – Дьокуускай : Бичик, 2013. – 150-156.
Моорук нэһилиэгэ / [хомуйан оҥордо А. М. Апросимов, Н. М. Ермолаев, И. М. Сосин]. – Дьокуускай : Сайдам, 2010. – С. 119, 163, 166, 358, 361-364, 418.
Знатные люди Мегино-Кангаласского улуса : биобиблиогр. справочник / Администрация муниципального района «Мегино-Кангал. район» ; межпоселенческая централиз. библ. система ; [сост. К. Н. Попова]. - М.: Графпресс, 2007. – С. 52.
Егоров, В. В. Литературная жизнь Якутии. Хроника. XIX-XX вв. Часть II. 1934-1985 гг. : Учебное пособие / В. В. Егоров. – Якутск : Изд-во Якутского ун-та, 2000. – С. 26, 44, 54, 62.
Писатели Восточной Сибири. Т. 1. – Иркутск, 1973. – С. 52. – Библиогр:. 9 назв.
Гурьев, К. Н. Воспитанники Якутской военной школы в боях и в труде / К. Н. Гурьев. – Якутск : Бичик, 2005. – С. 25.
***
Игнатьева, Д. Элбэҕи айыахтааҕа хааллаҕа / Дария Игнатьева // Эркээйи. – 2006. – кулун тутар 24 к. – С. 4.
Кононов, Н. Үтүөкэн киһи, суруйааччы / Николай Кононов // Ленинскэй знамя. – 1991. – Балаҕан ыйын 17 к. – С. 4.
Апросимов Николай Афанасьевич [некролог] // Соц. Якутия. – 1961. – 6 июля. – С. 4.
---------------------
1Окороков, Г. “Сүрүн үөскэ” / Гаврил Окороков // Кыым. – 1960. – Олунньу 11 к. – С. 4.
2Тобуроков, Н. Вечный поиск волшенства / Николай Тобуроков. – Якутск, 1981. – С. 114.
Ссылка:
* rusneb.ru / версия для слабовидящих: Апросимов Н. Сүрүн үөскэ
Бэлэмнээтэ Ирина Уваровская, ИМО сүрүн библиотекара.