«Аптаах холбуйачаан» тугу кэпсиирий?
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Другое
17.02.2021

«Аптаах холбуйачаан» тугу кэпсиирий?

Просмотры: 2859

Киһи күннээҕи олоҕор кинигэ суолтата сүдү. Ол курдук, кинигэ көмөтүнэн билиибит-көрүүбүт кэҥиир, толкуйдуу үөрэнэбит, тылбыт-саҥабыт сайдар, сытыы-булугас өйдөөх буолабыт уонна, билэргит курдук, ааҕар киһи ситиһиилээх буолар: үчүгэйдик үөрэнэр, үтүөҕэ-кэрэҕэ тардыһар. Дэлэҕэ даҕаны «Кинигэ – билии төрдө» диэн кини суолтатын туһунан этиллэр.

Эһиги кинигэни сынньалаҥҥа ааҕаҕыт, саҥаны, интэриэһинэйи билээри, эбэтэр уруокка бэлэмнэнээри, үчүгэй сыана ылаары.
Кинигэ араас буолар: халыҥ, чараас, ойуулаах, ойуута суох.

Кинигэни суруйааччы – автор айар, ол иһин кини аатынан бэчээттэнэн тахсар.

Бааллар өссө хомуурунньуктар, ол аата араас темаҕа, араас автордар айымньылара хомуллан, биир кинигэнэн тахсара.

Оҕолоор, биһиги библиотекабыт ааҕар саалатыгар баай ис хоһоонноох, сиэдэрэй ойуулаах, интэриэһинэй «Аптаах холбуйачаан» диэн хомуурунньук баар. Кинигэ тахсыбыт сыла – 1999 сыл, ол аата кини сааһа – 22-тэ. Үгүс оҕого бу сыллар тухары төһөлөөх көмөлөспүтэ буолуой кылаас таһынан ааҕыыга!

z.jpg

«Аптаах холбуйачаан» 15 араас темалартан турар:

  • «Айыл5а көстүүлэрэ» (күн, ый, тыал, былыт, этиҥ, холорук, сулустар, чаҕылҕан, кустук уо.д.а.)

x.jpg

Тыал, тыал намыраа

Тыал, тыал, оргууй буол-
Тымныынан тыыныма.
Тыал, тыал, киэр буол,
Чуумпуну аймаама.
Тыал, тыал, намыраа,
Налыйан уҕараа! (Сомо5отто)

  • «Үүнээйилэрбит араастара» (хатыҥ, тэтиҥ, харыйа, үөт, кытыан уо.д.а.).

Саамай бастаан тахсар сибэкки ханныгый, оҕолоор?
Оттон мастартан саамай уһун үйэлээх? 

  • «Дьиэ эргиннээҕилэр»: ынах, торбос, куоска, кулун, оҕус, таба, ыт, куруолук, биэ, кус, хаас туһунан хоһооннору булуоххут.

c.jpg

Иннокентий Эртюков холобур маннык суруйар:

Торбос

Саҥа хааман салҕалаата,
Мунна тымныы инчэҕэй.
Мэҥириир – ити саҥата,
Үүт көрдүүр кыччыгый.

  • «Тыа эҥэрдээхтэр»: эһэ, кырынаас, саһыл, моҕотой, куобах, тииҥ.

Саһыл

Кэрии тыана сэрэнэн,
Кэннин – иннин кэтэнэн,
Тоҥуу хаары ойуулаан,
Чопчу – чопчу дугунан,
Ыраас – ыраас буоллун диэн,
Ыраах – ыраах үктэнэн,
Саһыл ааспыт самана,
Саһарҕалыы кытаран. (Е. Васильев)

  • «Уу, хонуу олохтоохторо» (хомурдуос, үрүмэччи, кумаар, аһыҥка, ооҕуй, кымырдаҕас, сахсырҕа, кутуйах, собо уо.д.а.).

Кумаар

Уһуун-уһун тумустаах,
Унньулуйбут атахтаах,
Уран-чараас кынаттаах,
Кыһыл хаан утахтаах,
Өрүү аччык буолааччы,
Өрүү ытаан ылааччы,
Куһаҕантан куһаҕан
Кумаар түөкүн, арай, баар (Л. Попов).

  • «Көтөр эйгэтэ» (тураах, кэҕэ, тоҥсоҕой, элиэ, куба, кыталык, күөрэгэй, суор, аҥыр туһунан ааҕыаххыт).

v.jpg

  • «Дьыл кэмнэрэ» (кыһын, саас, сайын, күһүн – дьыл, айылҕа уларыйыытын туһунан).

Сылга хас ый баарый?

Тохсунньуттан ахсынньыга диэри бары 12 ый туһунан А. Кондратьев хоһооннорун булан ааҕыаххыт.

b.jpg

  • Саастыылахтаргыт туһунан 81-93 страницаҕа диэри «Оҕо-оҕо эрдэххэ» диэн темаҕа түмүллүбүт К. Туйаарыскай, П. Тобуруокап, А. Софронов, П. Ойуунускай о.д.а. суруйааччылар хоһоонноругар, кэпсээннэригэр ааҕыаххыт.

Эһиги мөкү быһыы диэн тугу этиэ этигитий? 

  • «Үчүгэйи оҥоруом, куһаҕаны ончу умнуом» диэн темаҕа А. Аччыгыйа «Тоҕус төгүл тоҕо?» кэпсээннэргэ киирбиттэр.

n.jpg

  • Араас идэлээх дьон туһунан «Күн сири киэргэтэр, оттон киһини - үлэ» диэн темаҕа булуоххут.

Тракторист

Тирилээн – тарылаан
Тиэртэ тиэллэрэн,
Тркторист бэрдэ дэтэн,
Төрөлкөй бурдугу
Төрөөбүт дойдубар
Туттаран үөрдүөҕүм! (А. Слепцова)

  • «Кэрэ-бэлиэ күннэр» (Саҥа дьыл, Маай, Кыайыы күнэ, ыһыах).

m.jpg

  • «Оскуолаҕа киириэхпит» - детсад оҕолоругар анаан хоһооннор.

  • «Билии – көрүү аартыга» - билиэн-көрүөн баҕалаах тоҕочооннорго.

  • «Аптаах холбуйачаан» - саха, эбэҥки, юкагир, эбээн, чукча остуоруйалара.

  •  Хомуурунньугу түмүктүүр тема «Таабырыннар, чабырҕахтар, өс хоһоонноро».

6.jpg

Уопсайа 49 суруйааччы айымньыта киирбит хомуурунньукка.

«Аптаах холбуйачааны» хомуйан оҥорбут библиотекарь Галина Андреевна Кироваҕа библиотека өҥөтүнэн туһанааччылар махталлара улахан. Кыра саастаах ааҕааччыларга анаан тахсыбыт эрээри, сахалыы ааҕыыны сэҥээрээччилэр бары сөбүлүүллэр, туһаналлар.

Аптаах холбуйачаан: Хоһооннор, остуоруйалар, кэпсээннэр, таабырыннар./ Хомуйан оҥордо Г.А. Кирова. С.В. Иванова ойуулара. – Дьокуускай: Бичик, 1999. – 224 с.

Бэлэмнээтэ Матрена Аргунова,
«Моя библиотека» - 15 № филиал библиотекара

Смотрите также