2019 сыл тохсунньу ый саҥатыгар Тулагы –Киллэм нэһилиэгин Сыырдаах кулуубугар саха поэтессатын Наталья Михалева – Сайаны кытта көрсүһүү тэрийбиппит. Истиҥ көрсүһүү бүтүүтэ Сайа сэһэн суруйан саҕалаабытын иһитиннэрбитэ. Көрсүьүү бүтүүтэ библиотека ааҕааччыларын аатыттан махтанан, аһаҕас кинигэ тутуурдаах фарфоровай кыыс, кутуйах елка оонньуурун бэлэхтээбитим. Үүнэн эрэр кутуйах сылыгар суруйааччы киһиэхэ бэртээхэй талисман буолла диэн олус үөрбүтэ.
Сайа «Уйгур» диэн ааттаах саҥа сэһэнэ «Күрүлгэн» сурунаалга 2020 с..4с нүөмэриттэн саҕалаан 2021 с.1кы нүөмэригэр диэри бэчээттэннэ. Библиотекаҕа үлэлиирим тухары бу сурунаал курдук кэтэһиилээх манаһыылаах сурунаалы өйдөөбөппүн. Таптал туьунан араас суруйааччылар суруйдулар ини, суруйбатылар ини , ол гынан баран, бу Уйгур уонна Иэйэ тапталлара элбэх киһи сурэҕин хамсатта, уйадытта. Суруйааччы Сайа оҕо эрдэҕиттэн истибит, көрбүт, уос номоҕор киирбит Уйгур диэн дьикти ааттаах киһи туһунан суруйар.
Уйгур аатыттан. Уйгур олоҕо сэрии инниттэн өлүөр дылы кэпсэнэр. Кэпсиирин тухары саҕаланыаҕыттан бүтүөр дылы, Сайа бэйэтэ этэринэн, таптал туһунан. «Таптал туһунан буолла да, хайаан да сурэҕи – быары хамсатар долгутуулаах, Индия киинэтин курдук харах уулаах кэпсээн буолуохтааҕа уонна, биллэн турар, тапталлаахтар, олох бары моһоллорун туораан эрэ баран, улуу дьолго тиийиэхтээхтэрэ».*
Уйгуру дэһэртиир дииллэрин истэн улааппыт буолан, огонньор ыалдьа сыттагына тиийэн, быһаччы ыйытар:
- «Сэрииттэн тоҕо күрээбиккин кэпсиирин буоллар» диэн.
- «Тапталтан» диэн биир тылынан хардарда.*
Ити курдук, Уйгур бэйэтин олоҕун, бэйэтин дьиҥэ, мин оннук куһаган киһи буолбатахпын диэн эдэр суруйааччыга үйэ тухары биир сиргэ мунньулла турбут уу таһымныы туолан, хаайан турбут быһыты кэмэ кэллэ диэн кэбирэх сиринэн того көтөрүнүү кэпсээн барбыта.*
Уйгур уонна Иэйэ истиҥ сыһыаннара, ыраас тапталлара сэһэн саҕаланыаҕыттан бүтүөр дылы кэпсэнэр. Кинилэр тапталлара оҕо сылдьан оонньуу курдук таастаах бэрэмэдэйи Иэйэ Уйгурга моонньугар ыйаан , сорудахтаан дьиэлэригэр баралларыттан саҕаланар. Сэрии иннинээҕи тыа сирин эдэр ыччатын олоҕо, кинилэр олоххо көрүүлэрэ, доҕордоһуулара, куннээҕи тубуктэрэ олус учугэйдик суруллубут. Дьоллоох олохторун алдьархайдаах сэрии тимир ытыга ытыйан, тус туспа дьылҕалаах дьон оҥортуур. Иэйэ тапталын Уйгуру өлөр өлүүттэн, сэриигэ барартан быыһаан, ол кэмҥэ сиэргэ баппат быһыыны оҥорор. Туох баар хорсун санаатын, өйүн, күүһүн ууран туран Уйгуру күрүүргэ күһэйэн тылыгар киллэрэр. Кэлин Иэйэ Уйгурга тиһэх суругар ити быстах санаата хайдахтаах дьулаан дьылҕаҕа кинилэри тиэрпитин этинэн хаанынан билэн кэмсинэр.
Ити кэмтэн ыла Уйгур дэһэртиир буолар.
Уйгур төрөөбүт- үөскээбит сирин, дойдутун ыһыахтарын, атах оонньуутун таптыырын, тапталын туһугар олох араас охсуутун тулуйарын олус итэҕэтиилээхтик суруйааччы ааҕааччыга тиэрдэр. Ордук Сунтаар аатырбыт ыһыахтарын сылдьыбатах көрбөтөх киһиэхэ бу сэһэнҥэ хараххар көстөрүн, кулгааххар истэрин, бэл диэтэр, от- мас сытын сымарын ыларын курдук суруйар.
Иккис өттүнэн бу сэһэн олус эрэйдээх олох туһунан. Уйгур дэһэртиир диэн сааттаах аакка тиксэр, Иэйэ кыыс «дэһэртиир кэргэнэ» буолар. Уйгур бу кэриэтэ сэриигэ баран бастакы кыргыһыыга геройдуу өлөн, олоҕум устата сэрии геройа буолан, кэргэммин, оҕобун сааттаах олохтон быыһыам эбитэ дуу диэн санаата үүйэ- хаайа тутар.. Төһөлеех сэриигэ сүтүктээх дьон саҥатын тулуйан, тулалыыр эйгэҕэ куруук «дэһэртиир» аата хара мэҥ буолан арахсыбаттыы иҥмитин илдьэ сылдьан, олоҕор биирдэ таптаабыт Иэйэтин таҥара оҥостон олоҕун моҥоотоҕо. Иэйэ оҕо эрдэҕиттэн истиҥ дьүөгэтэ Огдуус барахсан олоҕун устата Уйгуру таптаан, кининэн олоҕо киэркэйэр. Иэйэ бүтэһик суругун Уйгурга тиэрдэн баран, мунньа сылдьыбыт хомолтотун этэн, ытаан -соҥоон, Уйгуру улаханнык соһутар.
Бу түгэн ааҕааччыга олох кэтэспэтэх, күүппэтэх өттүттэн буолла. Икки бииргэ төрөөбүт кэриэтэ дьүөгэлиилэр биир киһини таптаан, иккиэн дьоло суох курдуктар. Иэйэ тапталын быыһыыр быстах санаатыттан, Огдуос хардата суох анардас тапталыттан. Бу Огдуус курдук килбик, сэмэй майгылаах кыргыттар төһөлөөх харах уутугар суунан, истэригэр тапталларын иитиэхтээн, бүөбэйдээн, олохторун биир киһиэхэ анаабыттара буолуой.
Уйгур бэйэтэ өлөр өлүүтүгэр сытан билинэр: «…миигин айылҕа , киһи аайы бэрсибэт дьоҕурдарынан хадаҕалаан, уус тарбахтаан, түргэн атахтаан,күөгү күөмэйдээн айбыт эбээт. Мин билбитим курдук дьиҥнээх тапталы киһи барыта билбэт, билбэтэ да ордук».*
Үгүс ааҕааччы бу сэһэни ааҕан баран, улахан таптал, дьиҥнээх таптал баар эбит диэн түмүктүүллэр.
Сахалыы санаалааҕы, сахалыы тыллааҕы улаханнык уйадытар, ааҕааччылар эппиттэринии «уйгуурдар» саҥа сэһэн кинигэ буолан ыам ыйга бэчээттэнэн тахсарын кэтэһэбит. «Күрүлгэн» сурунаалга кылгатыллыбыт вариана тахсыбыт буоллаҕына, кинигэҕэ толору эбиилээх -сабыылаах буолуо диэн эрэнэбит. Библиотека ааҕааччыларыгар сандал сааһы көрсө кэрэ бэлэх буолар.
Елена Готовцева.