Хоһуйар ис хоһоонноох
Күрэх хонуутугар ыалдьыттааҥҥын,
Хомоҕойдук ааҕаҥҥын,
Уран тылы кэрэхсээҥҥин,
Сахалыы сайа саҥараҥҥын,
Таптаа төрөөбүт тылгын!
Саха народнай поэта Петр Николаевич Тобуруокап 1917 сыллаахха алтынньы 25 күнүгэр, сыарҕа хаара үллүктүүр кэмигэр, Үөһээ Бүлүү улууһун Ороһу нэһилиэгэр Өлөкөөн диэн сиргэ орто бааһынай дьиэ кэргэнигэр күн сирин көрбүтэ.
Петр Тобуруокап бары билэрбит курдук литератураҕа оҕо суруйааччытын быһыытынан киирбитэ. Саха народнай поэта чуор, ча5аан хоһоонноруттан, алыптаах остуоруйаларыттан оҕо төрөөбүт литературатын кытта билсиһиитэ, литератураҕа умсугуйуута саҕаланар. Төрөөбүт дойдуга таптал, айылҕаны мындырдаан ойуулааһын, оҕо кыратыттан чиэһинэй, кырдьыксыт буола улаатарын туһугар анаммыт хоһоонноро баай сахабыт тылынан, уустаан-ураннаан айыллыбыттара ааҕааччыны умсугутар. Ырыа – киһи олоҕун аргыһа, Петр Николаевич чахчы тыл маастара буолан, кини хоһооннорунан айыллыбыт ырыалар уостан түспэккэ күн бүгүҥҥэ диэри ылланаллар. Барыта 300-тэн тахса хоһооно ырыа буолан күөрэйбитэ. Ити курдук тыл ууһа-урана, сүмэтэ улуу поэт өркөн өйүгэр уһаарыллан, буһан-хатан, уһуйуллан тахсыбыт хоһоонноро, чабырҕахтара, остуоруйалара күн бүгүҥҥэ диэри үүнэр көлүөнэни билиигэ-сайдыыга кынаттыыллар.
Бу сыл сэтинньи 12 күнүгэр Сыырдаахтааҕы »Алгыс» култуура дьиэтигэр саха норуодунай поэта, суруйааччы Петр Николаевич Тобуруокап төрөөбүтэ 105 сылыгар аналлаах «Чыычаахтар күнү көрсөллөр» уус-уран ааҕыыга, сахалыы тыынынан иитии суолтатын өйдөтөр күрэх буолан ааста. Барыта 20-тэн тахса оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ, алын, орто сүһүөх үөрэнээччилэрэ «Кылаан Чыпчаал» аат иһин тыҥааһыннаахтык кииристилэр. Бу күн Петр Тобуруокап уостан түспэт хоһооннорун: «Тоҕо? », «Ытанньах герой буолбат», «Ийэ дойду таптала», «Улаатарым буоллар мин», «Чаҥый Чаҕаан» остуоруйа поэматыттан кытта быһа тардан аахтылар, көрдөрдулэр. Дьүүллүүр сүбэ быһаарыытынан «Кылаан Чыпчаал» ааты сүктэ Тулагытааҕы П.И.Кочнев аатынан 1б кылаас үөрэнээччилэрэ (сал. Петрова Наталья Леонидовна, «Чаҥый Чаҕаан»). Кырдьык даҕаны, ийэ тылбыт кэскилэ улуу суруйааччыларбыт айымньыларыгар, төрөппүт, уһуйаан, оскуола, библиотека, идэ биэрэр кыһалар үөрэхтэриттэн улахан тутулуктаах. Норуот үйэлэр тухары илдьэ кэлбит үтүө үгэстэрин, сиэрин-туомун, култууратын, личность быhыытынан сайдарга саха норуотун тылынан уус-уран айымньылара улахан суолталаахтар. Оҕо удьуорунан бэриллибит дьоҕурун, ийэ тылынан эрэ уһуганнарыахха, сайыннарыахха, арыйыахха сөп. Маннык сахалыы тыыннаах тэрээһиннэр омук быһыытынан бигэ тирэхтээхпитин, сайдыыбытын, таһыммытын, кыахпытын көрдөрөрүн умнумуоҕун. Тулагытааҕы кииннэммит библиотека үлэһиттэрэ туора турбакка, кинигэ быыстапкатын тэрийэн, кыттааччылар интэриэстэрин тардан, ааҕааччытын ахсаанын кэҥэттэ.
Саха поэзиятын таптааччылар, сүгүрүйээччилэр, доҕор оҥостон, ыллаан-туойан, эттэригэр-хааннарыгар иҥэрэн илдьэ сылдьалларын тухары Петр Николаевич Тобуруокап аата ааттана, ырыата ыллана туруо.
Балаһаны бэлэмнээтэ: Филиппова А.В.
Туһаныллыбыт литература:
Тобуруокап, Петр Николаевич (1917-2001) Хоһооннор; Сэһэн; Кэпсээннэр; Остуоруйа; Пьеса / Бүөтүр Тобуруокап; [хомуйан оҥордо Д.Ф.Наумов; киирии тылы суруйда П.В. Максимова, филол.н.д., проф.] .-Дьокуускай: Бичик, 2007.-142, [1]с.- (Саха суруйааччылалара оҕолорго).