Статья: Мандар кэрэтэ - бэлиэтигэр, бэлиэтэ - кэрэтигэр
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
04.03.2022

Статья: Мандар кэрэтэ - бэлиэтигэр, бэлиэтэ - кэрэтигэр

Просмотры: 2178

Борис Федорович Неустроев – Мандар Уус эдэр, оҕо сааҺыттан саҕалаан ойууну-мандары хомуйбута, билэр, көрөр туҺугар олоҕун анаабыта. Түммүтүн таҺынан оннуларын-туойдарын буллартаан долбуурга уурталаата. СааҺылаата. Наардаата. БыҺаарда. Суруйда. Хантан, кимтэн, хаҺан көстүбүттэрин сиҺилии кэпсиир паспордары толортоото. Ол таҺыгар уран илиитинэн ойуу арааҺын ситэрэн, саҥардан чөлүгэр түҺэртээтэ

20220301_114222.jpg

Мандар Уус ойуулар олохтоох ааттарыгар болҕомто уурбута кэрэхсэнэр. Сир аайы оччо тарҕаммат ойуу быҺыытынан “чааҕыр ойууну” киллэрбит. XVIII – XIX үйэлэргэ орто балаҺа улуустарга чорооннору, кытыйалары, көҥкөлөйдөрү элбэхтик киэргэппиттэрэ көстөр эбит. Бүлүү сүнньүнээҕи мас оҥоҺуктар киэргэллэригэр итинник ааттаах ойуулар биллибэттэр. “Таҥалай ойууну” сорохтор “ охторуу ойуу” дииллэр эбит. Хоту олорооччулар “ харыйалыы ойуу” диэн өссө атыннык ааттыылларын ыйбыт.
Борис Федорович дэгиттэр уус киhи. Уус диэн сахаларга олус киэҥ, дириҥ ис хоhоонноох өйдөбүл. Ылбычча киhи уус буолбат. Дархан уус үөhэлэртэн үөтүүлээх, айыылартан айдарыылаах диэн мээнэҕэ этиллибэтэҕэ биллэр. “Уустан бэл ойуун дьахханар, иннин быhа хаампат, кыhатын уотуттан чугуйар” диэн фольклорга кэпсэнэр. Этносемиотика тустаах норуот (холобур, сахаларга) олоҕор-дьаhаҕар, культуратыгар баар бэлиэлэри, символлары, кинилэр суолталарын үөрэтэр наука. Мандар үлэлэрэ, суруйуулара семиотикаҕа, ордук этносемиотикаҕа суолталаахтар.

Атын омук дьоно-сэргэт эСаха сирин туhунан аан маҥнай кини символическай дьүhүлгэнинэн: тымныы, алмаас, ыhыах диэн бэлиэ көстүүлэринэн билэллэр. Итилэр биhиги төрөөбүт дойдубут, норуот, омук быhыытынан сүрүн уратыларын бэлиэ быhыытынан көрдөрөллөр. Оттон тылбыт, саҥабыт, үгэспит, итэҕэлбит, олоҥхобут, оhуохайбыт, тойукпут, ырыабыт (кылыhахпыт), үҥкүүбүт, сэргэбит, чорооммут, хомуспут, таҥаспыт-саппыт, иhиппит-хомуоспут, аспыт-үөлбүт, ойуубут-бичикпит, орнаменнарбыт о.д.а. эйгэбит – бу барыта бэлиэ, символ суолталаахтар. Ол иhин биhиги норуот , омук быhыытынан, салгыы сайдыахпытын баҕарар буоллахпытына, бэлиэлэрбитин ,символларбытын дириҥник билиэхтээхпит, сайыннаран иhиэхтээхпит. Оччоҕо эрэ саха дириҥ өйдөөх, үрдүк культуралаах, сайдыылаах норуот, омук диэн дьүhүлгэни, өйдөбүлү үөскэтиэхпит, атын омук ытыктабылын ылыахпыт.
Орнаменнарбыт диэн тыл Мандары кытта быhаччы символическай сибээстээх. Ол аата саха орнамена диэтэрбит эрэ, Мандары өйдүү түhэбит. Кини аата саха саҥалаахха кэрэни, кэскиллээҕи санатар, үтүөҕэ, сиэрдээх быhыыга-майгыга, чэгиэн-чэбдик олоххо-дьаhахха угуйар.

Ыстатыйаны бэлэмнээтэ: Филиппова Раиса Дмитриевна, библиотекарь
Источник: Мандар Уус . - Дьокуускай : Бичик, 2007. – 192 с.

Смотрите также