Доллу Бэрдьигэстээҕэ
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Другое
24.07.2020

Доллу Бэрдьигэстээҕэ

Улуу Кыайыы 75 сыла
Просмотры: 2220

Бэрдьигэстээх диэтэххэ киһи үксэ Горнай улуус киинин өйдүү биэрэрэ чуолкай. Бүгүн Мэҥэ-Хаҥалас улууһугар Бэрдьигэстээх диэн сир баарын уонна кини дьоннорун туһунан саҥа кинигэ тахсыбытын билиһиннэриэхпит.

Бэрдьигэстээххэ

Баар эбээт, доҕоттоор,

Эбээ-эһээ алыптаах алгыһа,

Ийэ-аҕа үлүскэн үөрүүтэ,

Хаан-уруу тардыыта,

Удьуор утум ситимэ...

                    Саргылаана Плотникова.

 

7e7a4e91-2a50-43ac-a556-006616dae1.jpg

Доллу Бэрдьигэстээҕэ : Улуу Кыайыы 75 сыла / [Хомуйан оҥордо Н. Г. Толстяков]. – Дьокуускай : Сайдам, 2020. – 176 с. – ил.

Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө Доллу Бэрдьигэстээҕин ыччаттара 1941-1945 сылларга Улуу Кыайыыны уһансыбыт буойуннар, тыыл үлэһиттэрин, төрөөбүт Бэрдьигэстээхтэрин туһунан өйдөбүнньүк кинигэни эдэр көлүнэҕэ тиэрдэр сыалтан Толстяков Николай Гаврильевич хомуйан, 557 хаартыскалаах, халын тастаах, 230 ахсааннаах кинигэни бэчээттэтэн таһаардылар.

Бу кинигэ тугу кэпсиирий?

1. Бары билэрбит курдук бэс ыйын 22 күнүгэр 1941 сыллаахха Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии саҕаламмыта. Төҥүлү нэһилиэгин Доллу Бэрдьигэстээҕиттэн, кини  тулатыттан 67 туруу  дьон сэриилэһэр Кыһыл Армия кэккэтигэр ыҥырыллын Аҕа дойдуларын көмүскүү барбыттара. Бу аҕыйах нэһилиэнньэлээх сиргэ улахан сүтүк этэ. Кинилэр ытык иэстэрин чиэстээхтик толорбуттара. Аҕа дойдуларын, Арҕаа Европа сорох судаарыстыбаларын фашистартан, Азия дойдуларын Япония Квантунскай армиятыттан босхолооһуҥҥа хорсуннук сэриилэспиттэрэ. 31 буойун сэрии толоонугар сырдык тыыннара быстыбыта, 36 буойун кыайыы көтөллөөх эргиллэн кэлэн эйэлээх кэм күүрээннээх үлэтигэр күүстэрин харыстаабакка үлэлээбиттэрэ.

Сэрии ыар сылларыгар колхозка сүрүн үлэһитинэн оҕонньоттор, ыарыһах эр дьон, дьахталлар, оҕолор этилэр. Кинилэр дьарамай санныларыгар сэрии ыар сыллара сүктэриллибитэ. “Барыта кыайыы туһугар, барыта фронт туһугар!”, “Эн фроҥҥа тугунан көмөлөстүҥ?” - диэн улахан ирдэбиллээх ыҥырыынан үлэлээбиттэрэ. Иэдээн соҕотох сылдьыбатын курдук 1942-1943 сылларга сир дойду олус курааннаан, эбиитин алаас уонна үрэх ходуһаларыгар аһыҥа өрө туран от, бурдук үүммэтэҕэ. Республика, оройуон уонна олохтоох салалталар болҕомто уурбатахтарыттан, түргэнник бириэмэтигэр көмөлөспөккө аар-туор олохтон, ыарахан үлэттэн, кыһыҥҥы түптэлэс тымныыга мөлтөх таҥастан тоҥон-хатан, элбэх киһи хоргуйан, ыалдьан өлбүтэ биллэр. Аны ол быыһыгар сэриилэһэр фронтан хара сурук кэлиитэ – хайдахтаах ыар кэмҥэри тулуйан кыайыыга сырдык ыралаах олорон аастахтара аҕа көлүөнэбит! Кинилэр үлэлэрин 1950 сыллаахха 77 киьи “Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта туоһулуур.

Кинигэҕэ “Сэрии толоонугар хаалбыт буойуннар”, “Сэрииттэн эргиллэн кэлбиттэр” диэн хаартыскалаах, хаартыската суохтарга “Отечественная война” орден бэлиэлээх; “Ф. Энгельс” колхозтан “Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыттар хаартыскалаах, хаартыската суохтарга ити мэтээл бэлиэлээх кыра биографическай быһаарыылаах киирбитэ кэлэр көлүөнэҕэ бэрт өйдөбүнньүк оҥоһуллубут.

2. “Кыһыл Армия хааннаах фашистары урусхаллыа” диэн санаанан олорон, үлэлээн сэрии ыарыттан ордубут колхоз олохтоохторо төһө эрэ үөрэн, санаалара көтөҕүллэн 1945 сыл ыам ыйын 9 күнүн, Кыайыы күнүн, уруйдаатахтара, айхаллаатахтара! Ол да иһин буолуо, 1985 сылтан саҕалаан Доллу Бэлдьигэстээҕин тулатыттан төрүттээх-уустаах, бу эҥэр үлэлээн олорбут, үөрэммит дьоннор уонна кинилэр ыччаттара биэстии сыл аайы Улуу Кыайыы үбүлүөйдээх сылларын көтүппэккэ дойдуларыгар түмсэн ыһыах тэрийэн, ааспыты ахтан ааһар үтүө үгэстээх эбиттэр. Бэрдьигэстээх ыччаттара сэрии содулуттан хоргуйан өлбүт биир дойдулаахтара көмүллүбүт Хараҥа Уулаах диэн алаастарыгар анал суруктаах таас өйдөбүнньүгү 2005 сыллаахха ыытыллыбыт ыһыахха туруорбуттар.

3. Бэрдьигэстээх Саха сиригэр үөрэхтээһин сайдыытыгар историческай суолталааҕын педагогическай үлэ ветерана, Төҥүлү, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо Любовь Семеновна Аргунова дьаҥыһан туран чинчийэн үөрэтиитин түмүгэр элбэх материал уонна көрдөөн булбут архивнай справката бигэргэтэр. Ол курдук Доллу Бэрдьигэстээҕэр 1931-1932 сылларга Саха национальнай уопутунай-көрдөрүүлээх оскуолата (нууччалыыта ЯНОПШ) үлэлээбит. Онно республика чулуу дьоно, саха норуотун үөрэхтээһинигэр сүҥкэн кылааты киллэрбит Парфений Никитич, Надежда Евменьевна Самсоновтар, Лука Никифорович Харитонов, Вера Дмитриевна, Надежда Дмитриевна Давыдовалар үлэлээбиттэр. ЯНОПШ учууталлара үөрэтэллэрин таһынан нэһилиэнньэ ортотугар үгүс туһалаах үлэни ыыппыттар. Бастыҥ көрдөрүүлээх оскуола коллектива сайыныгар Төҥүлүгэ киирэн Дьокуускайтан, 5 улуустан учууталлар кэлэн идэлэрин үрдэтэллэригэр лекция ааҕаллара, араас методическай сүбэлэри биэрэллэрэ. Хомойуох иьин, бу оскуола суол-иис мөлтөх буолан Дьокуускай куораттан чугас Хаптаҕайга көһөрүллэн 9 сылтан ордук кэмҥэ үлэлээн республикаҕа киэҥ далааһыннаах үлэни ыыппыта.

4. Аргунова Л.С. булбут архивнай справката көрдөрөрүнэн Бэрдьигэстээххэ Саха сирин үрдүнэн бастакы мөлтөхтүк көрөр оҕолор республикатааҕы оскуолата 1938 сылтан үлэтин саҕалаабыт. Бу оскуола мөлтөхтүк көрөр оҕолорго олохторун суолун булалларыгар көмөтүн туһунан үөрэнээччилэр ахтыыларыттан ааҕан билиэххит.

5. Бэрдьигэстээх оскуолата нэһилиэнньэ ортотугар үтүө өртүнэн сабыдыаллаабыта элбэх. Нэһилиэк олохтоохторо ол кэмнэргэ биир түмсүүлээхтик общественнай олоххо, үлэҕэ үлүмнэһэ кытталлара. Ити ордук сэрии сыллырыгар колхозтаахтары үлэҕэ-хамнаска күүрдүүгэ элбэҕи оҥорбута өйдөнөр. Ол курдук салгын радиота бу оскуолаҕа эрэ баара, онон сэрии хаамыытын дьоҥҥо-сэргэҕэ тиэрдэрэ.

6. Ааспыт үйэ 60-с сыллар саҕаланыыларыгар колхозтары, бөһүөлэктэри бөдөҥсүтүү уххана күүскэ туран, 1965 сыллаахха Бэрдьигэстээх бөһүөлэгэ сабыллан, оскуола дьиэтэ  1966 сыллаахха Төҥүлүгэ көһөрүллэн киирэн детсад аһыллыбыт.

7. Николай Толстяков улахан тэрийэр үлэни ыыппыт: үйэ аҥарыттан ордук кэмҥэ ыһыллан хаалбыт дьону, кинилэр сыдьааннарын булуу, ахтыы ылыы.  Аны саамай кэрэхсэбиллээҕэ, “Аҕа-Ийэ уустарын ситиһиилээх дьоно” диэн салааҕа Бэрдьигэстээх олохтоохторун ыччаттара киирбитэ “дойду сурахтаах, сурт кэриэстээх” диэн өбүгэлэрбит ох тыллара кырдьыктааҕын өссө төгүл дакаастыыр.

Бу кинигэ Бэрдьигэстээх историятыгар аан аста. Ити курдук “Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат” диэн кэлэр көлүөнэ ыччатыгар Улуу Кыайыыны уһансыбыт, дойдубут сайдарын туһугар үлэлээбит, хорсун быһыы холобурун көрдөрбүт колхозтаахтар олохторун, үлэлэрин үтүө холобур оҥоһуннун диэн тиэрдэр ытык иэстэрин Бэрдьигэстээх ыччаттара толордулар.

Бу кинигэттэн элбэҕи билиэххит, урут ханна да улаханнык сырдатылла илик историческай чахчыйалары арыйыаххыт.

Бэлэмнээтэ Ирина Уваровская, ИМО сүрүн библиотекара.

Смотрите также