Үрүҥ тунах ыһыаҕынан Айыы дьоно, уруй-айхал! Бар ааҕаччыларбытыгар истиҥ-иһирэх эҕэрдэ!
Аҕа саастаах дьоммутугар, эйэҕэс эбээлэрбитигэр, убаастыбыллаах эһээлэрбитигэр ананан оҥоһуллан тахсыбыт үһүс подкаспыт* ыалдьыта Баайагантай Кулан Хаан Сэргэй уола буолла.
Уһун, киэн сэһэргэһии таҕыста. Кэпсэтиибит сүрүн тиэмэтэ ыһыах сиэрин-туомун туһунан. Икки сыл тухары ыһыах диэни билбэтэхпит үрдүнэн, быйыл ыһыаҕы көннөрү бырааһынньык эрэ курдук ылыммаппыт буоллар диэн баҕа санаалаахпыт.
Кэпсэтиибит ис хоһооно:
00:17 Бэйэни кытта билиһиннэрии
09:20 Түһүлгэ хайдах буолуохтааҕый
10:30 Сир тэтимэ
12:40 Ыһыахтыыр сирбит маннык буолуохтаах дэммэт
13:23 Күрүөлэнии диэн өйдөбүлэ
14:33 Саха итэҕэлэ каноннара суох
15:08 Ыһыахха сэргэ туруорааһына
20:09 Алгыһы сөпкө ылыныы
25:35 Күнү көрсүү
29:30 Алгыс сиэрэ-туома
33:40 Кымыс туһунан
35:55 Арчыланыы суолтата
37:54 Улахан киһи, оҕо сиэрэ-туома
38:06 Чэчир быһар төһө сөптөөҕүй
39:34 Салама ыйааһына
44:20 Улахан ыһыах айылҕаны кытта алтыһыыга киллэрбэт
Кулан Хаан туһунан эбии мантан билиэххитин сөп:
YouTube ситимигэр «Кулан Хаан» канаал
Кириин, истин, сэргээн, сүбэлэри олоххутугар киллэрин!
* сынньалаҥ кэмҥитигэр, дьиэ үлэтин быыһыгар, айанҥа истэргэ табыгастаах матырыйаал диэххэ сөп.