Бугун “Сэргэх сэһэргэһии» түмсүү кыттыылаахтара уйгулаах улуу тунах ыһыаҕы уруйдаан-айхаллаан көрүстүбүт. Ыҥырыылаах ыалдьыппыт «Арыллыы» студия фольклорнай салаатын салайааччыта Наталья Сивцева ыһыах сиэрин–туомун сиһилии билиһиннэрдэ: алгыс түһүн тустээтэ, доллоһутар тойугун дуоратта, хомуһуннаах хомуһунан арчылаата, ыллам ырыатын бэлэх уунна. Түмүккэ Омоҕой өбүгэбит саҕаттан олохтоммут оһуохайы өрө туттубут.