Утуегэ - сырдыкка угуйа туруога
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Другое
06.08.2021

Утуегэ - сырдыкка угуйа туруога

Просмотры: 2177

Виталий Тимофеевич Андросовы олох оҕо эрдэхпиттэн билэр курдукпун, кини ырыаларынан иитиллибиккэ дылыбын. Дьиҥинэн, кинилиин эт саастыыбыт, онон кини ырыалара биһиги эдэр сааспытыгар эрэ сурулуннахтара, хойут тарҕаннахтара дии. Ол аата кини ырыалара саха киһитин сүрэҕин ортотунан киирэр, дууһатын кылын таарыйар классическай айымньылар эбиттэр.

Студенныы сылдьан биир сайын дойдубар баран кэлбиттээхпин. Кулуупка үҥкүү буолла, онно бииргэ үөскээбит, үөрэммит оҕолорбун көрүстүм. Саввинова Клара диэн Дьокуускайга университекка үөрэнэр кыыс олох саҥа, урут хаһан да истибэтэх наһаа үчүгэй ырыабын ыллаата. Аата да дьикти “Таптыыбын” диэн. Ол Виталий Андросов сабыс саҥа ырыата этэ. Билигин сэрэйдэххэ, оччолорго Клара оскуолаҕа биир кылааска үөрэммит Иванов Ваня диэн уоллуун доҕордоһор этэ. Ол уол медфакка биир кэмҥэ Виталийдыын студеннаабыт буолан бэркэ билсэр буолуохтаахтар. Киниттэн иһиттэҕэ дии саныыбын. Кэлин Иванов Иван Дмитриевич наһаа үчүгэй хирург врач буолан элбэх киһини өлөр өлүүттэн быыһаабыта. Үөһээ Бүлүүгэ кинини наһаа махталлаахтык саныыллар, хирургическай отделение кини аатынан ааттаммыта, кини аатынан уулусса баар буолбута, бэйэтэ төрөөбүт нэһилиэгин Сургуулук бочуоттаах олохтооҕо үрдүк ааттаммыта. Хомойуох иһин, эрдэ олохтон туораабыта.

Виталийдыын чугас билсиибит Гоша Неймоховка кэргэн тахсыахпыттан буолбута. Гошалаах Виталий, икки айар куттаах дьон, истиҥ доҕордуулар этэ. Кини биһиги сыбаайбабытыгар тамадалаабыта. Ол хаартыскалаах бэлиэбитин өрүү дьиэтигэр илдьэ сылдьар эбит этэ.

Виталий Тимофеевич айылҕаттан айдарыылаах, амарах санаалаах эмчит буолар, кини аҕата Тимофей Сосин, майор Сосин, аар саарга аатырбыт, номоххо киирбит военнай хирург врач. Сэрии кэмигэр военнай госпиталь начальнига, үс тыһыынчататтан тахса операцияны оҥорбут хирург. Оҕо сылдьан Советскай Союз пионердарын маҥнайгы слеттарын кыттыылааҕа буолан, Москваҕа Надежда Крупскаяны кытта көрсүһүүгэ сылдьыбыт, хаартыскаҕа түспүт эбит. Кэлин Москваҕа 1 медицинскай институту бүтэрэн, нуучча москвичка кэргэннээх, дойдутугар баара суоҕа 23 сааһыгар доруобуйа харыстабылын наркомун солбуйааччытынан ананан үлэлээбит эбит. Ол сылдьан Аммаҕа командировкаҕа барбыт. Бөтүҥ оскуолатын умайбытыгар буруйдаммыт оскуола директорын НКВД-лар кырбаан өлөрбүттэригэр, ыалдьан өллө диэн сымыйа ыспыраапка көрдөөбүттэрин буолуммакка, түүннэри өлүгү куоракка күрэтэн киллэрэн, анал комиссия тэрийэн, кырбанан өлбүтүн быһаартарбыт. Оннук хорсунун сэрии иннинээҕи репрессия үгэннээн турар кэмигэр көрдөрөн турардаах, оннук быһыыны “ол дойду” үлэһиттэрэ бырастыы гымматтара өйдөнөр. Ол иһин оччотооҕу нарком Илья Винокуров барахсан уолу Москваҕа үөрэххэ ыытан, аны дойдугар төннөөйөҕүн диэн алҕаан, быыһаан турардаах. Москваҕа хирург идэтин баһылаан араас сирдэринэн, Орто Азиянан иҥин үлэлиир. Ол сылдьан аатырбыт Рихард Зорге курдук, анал сорудахтаах Кытайга тахсан үлэлиир. Ол сорудаҕа билигин да секретнай грифтээх. Кытайга дьону эмтиир, ол быыһыгар хайа эрэ улахан салайааччы олоҕун быыһыыр, кыраныысса таһыгар харчы, бэлэх ыытар кыахтаах тос курдук тойону. Кытайдыын үчүгэйдии эрдэхпитинэ Тимофей Сосиҥҥа харчы, бэлэх кэлэрин наар детдомҥа биэрэр эбит, биири да бэйэтэ туһамматах. Кытайтан кэлээт да, сэриигэ военнай госпиталь начальнигынан барар, Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэһэр, бааһырбыттары эмтиир. Сэрииттэн төрөөбүт алааһыгар военнай самолетунан кэлэн түһэн, төрөппүттэрин көрсөн, дьону соһутан турардаах. Итиччэ ыраах сытар Саха сиригэр арҕааҥҥы фронтан чахчы улахан авторитеттаах буолан самолетунан көтөн кэлэ сырыттаҕа. Сэрии кэнниттэн дойдутугар И.В.Сталин соратнига, Советскай Союз маршала И.А. Булганин көмөтүнэн эрэ кэлэргэ көҥүл ылар. Оччо үчүгэй хируру бэйэлэриттэн ыытыахтарын баҕарбаттара өйдөнөр. Дойдутугар кэлэн Илин эҥэр улуустарынан үлэлиир, хирургическай отделениялары тэрийэр, дьону эмтиир. Ийэтэ Парасковья Дмитриевна аатырбыт судьуйа.

Итинник үтүө дьонтон төрөөбүт буолан Виталийбыт барахсан саха норуотун Саарына буола үүннэҕэ. Саха норуотун суобаһа диэн биһиги аҕабыт Егор Неймохов сыаналыыра. Тоҕо диэтэргин, Виталий хаһан баҕарар суобаһа этэринэн олорбута. Дьоҥҥо аламаҕай, аһыныгас санаалааҕа. Кыһалҕаҕа ылларбыт киһиэхэ өрүү туох баарынан, харда эрэйбэккэ, көмөлөһө эрэ сатыыра.

90 – с сылларга балыыһаҕа үлэлиир медсестра оҕото ыалдьыбытыгар республикаҕа маҥнайгынан аһымал концерт тэрийэн, харчы мунньан Израильга ыытан сүрэҕин операциялаппыта, эмтэттэрбитэ. Биһиэхэ кэлэн наһаа үөрэн, ол оҕо барахсан үөһэ этээскэ кирилиэһинэн олох аҕылаабакка көҥүл тахсар буолла ээ диэн кэпсээбитэ. Онно үөрбүт-көппүт сирэйэ харахпар субу баарга дылы.

Бииргэ бырааһынньыктыырбыт. Биһиги саҥа таас дьиэҕэ квартира ылбыппытыгар Сэмэн Туматтыын кэлэн көһөрбүттэрэ. Дьиэбит малааһыныгар кыра оҕо оонньуур аккордеонугар араас мелодияны оонньообутугар Сэмэн Тумат соһуй да соһуй буолбута. Онно “Хотугу сулус”, “Полярная звезда” сурунааллар кылаабынай редактордара, Егор Петрович биир дойдулааҕа Александр Александрович Егоров дьээбэлэммитин өйдүүбүн. Оннук ыллаан-туойан, бэрт сэргэхтик иллэҥ кэммитин атаарар этибит. Ийэлэрэ Парасковья Дмитриевна даачатын баран хомуйан, олбуор иһин харбаан, өртөөн, шашлыктаан кэлэрбит үчүгэй да буолара. Ол тухары Виталийдаах Гоша айахтара хам буолбакка кэпсэтэллэрэ, ыллыыллара.

Биирдэ казах суруйааччылара кэллилэр. Ону Виталий маннык суруйар.

Мин, уопсайынан, Гоша тылыттан тахсыбат этим. Эппитин улгумнук ылынарым. Биирдэ төлөпүөннүүр (казах суруйааччылара кэлэ сылдьар кэмнэрэ этэ): “Доҕоор, казах суруйааччылара Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыттарын истибитиҥ дуо?” Мин: “Истэн бөҕө буоллаҕа. Хаһыат, араадьыйа, ТВ ньиргийэ олорор дии”.

-Биһиги ол казах суруйааччыларын ыалдьыттата, көрсүһэ сылдьабыт. Манна бу казах суруйааччыта Виктор Тапыев баар. Истибитиҥ дуо оннук суруйааччыны?

Хайдах Дьөгүөрбүн түһэн биэриэмий? “Истэн-истэн бөҕө буоллаҕа дии (Ханнык эрэ хаһыакка делегация састаабын суруйбуттар этэ)”, диибин.

-Чэ, оччоҕо түргэнник таксита тут, баяҥҥын ыл, киһибитигэр саха ырыатын билиһиннэриэх, - диир. Хайыамый, доҕорбун өйөөтөҕүм дии.

Гошам күл да күл буолла. Ол Бииктэр Тапыев диэн университекка бииргэ үөрэммит табаарыһа, бэртээхэй ырыаһыт Покровскайтан күүлэйдии киирбитин дьээбэлээбит эбит – аатын-суолун казахтарга майгыннатан.

Ити Гоша юмора этэ. Биһиги кинини билэр, таптыыр буолун олох хомойбот да, өһүргэммэт да этибит.

Виталий барахсан өрүү кэһиилээх буолааччы. Биирдэ хотуттан улахан дүлүҥ саҕа нельма балык аҕалбыттаах. Ону төкүнүтэ сылдьан эрбиинэн кырбастаабыппыт. Эмиһэ, минньигэһэ сүр этэ. Оччолорго тоҥ, кыһыллар балык улахан дефицит, сиэхтээҕэр буолуох харахпытыгар да көрбөт этибит, ордук тууччаҕы, билигин дэлэйбитин аанньа.

Биһиги аҕабыт ыалдьыбытыгар наһаа хомойбута, туох кыалларынан көмөлөһө сатаабыта. Германияҕа эмтэнэ барар буолбуппутун истэн 200 доллар биэрбитэ. Оччолорго доллар диэн харчыны саҥа көрбүппүт.

Биир сайын Гоша “Хапсыһыы” сэһэнинэн А.С.Пушкин аатынан библиотекаҕа ааҕааччылар конференцияларын оҥордулар. Дьэ онно ким хайдаҕа биллибитэ. Тыл эппит дьон бары хайҕаатылар, саха литературатыгар саҥа көстүү диэтилэр. Арай биир, “доҕор” диэн аатырар табаарыс, бу сэһэн табыллыбатах, хаттаан суруй диэн “сүбэлээбитэ”. Онно Виталий барахсан доҕорун көмүскээн тыл бөҕө эппитэ. Ол конференция кэннэ Виталийдааҕы кытта Ойуунускай уулуссаҕа турар мас дьиэбитигэр кэлэн, Гошам Халыматтан бултаан аҕалбыт эмис андытын сиэбиттээхпит.

Виталий өрүү телевизорга тахсара, кэпсиирэ, ыллыыра. Ол уһулла барарыгар этэр: “Мин эһигини санаатахпына чэчэгэйбин тарбахпынан таарыйыам”, - диэн. Телевизорга уһулла олорон чэчэгэйин туттар, ол аайы биһиги наһаа үөрэбит, Виталийбыт биһигини санаата ээ диэн.

Виталий Тимофеевич дэгиттэр талааннаах киһи этэ. Биһиги кэммит ыччатын кумира, айылҕаттан айдарыылаах врач, эмчит, ученай, преподаватель, биллиилээх мелодист, ырыаһыт, суруйааччы, журналист, общественнай деятель. Билигин сөҕөбүн эрэ, хайаан барытын ситиһэрин. Төһөлөөх элбэх араас мероприятиялары, концертары, конференциялары тэрийбитин. Төһөлөөх элбэх кинигэлэри таһаартарбытын, ыстатыйалары суруйбутун.

Гоша 50 сааһын туолбутугар Виталий Андросов Сэмэн Руфовтыын Мэҥэ Алдаҥҥа арыаллаан бара сырыттылар. Онно тиийэн бырааһынньыктаан баран төннөрбүтүгэр Виталий, аны мин дойдубар Маттаҕа сылдьан ааһыаҕыҥ диир. Түүнү быһа утуйбатах дьон, сылайан утуйан хаалбыппыт. Маттаҕа барар суол ааспытын кэннэ биирдэ уһугуннубут. Онно күлэ-үөрэ Сэмэн Руфов экспромт айда:

Виталийбыт утуйбут,
Эппит тылын умнубут.
Аара хаалла Матта,
Уруукап онтон матта.

Кини Алампаҕа сүгүрүйэрэ, үҥэр таҥарата этэ. Ол иһин “Алампа” общественнай хамсааһыны тэрийэн, онно түсчүтүнэн буолбута. Егор Петровичка Алампа туһунан суруй, эн эрэ суруйар кыахтааххын диэн тыл көтөҕөн суруйтарбыта. Сэрэйдэххэ, ыарахан ыарыыны этинэн-хаанынан билбит суруйааччы Алампаны ордук чугастык өйдүө, киһи ылынар гына суруйуо диэтэҕэ буолуо. Кистээбэккэ эттэххэ, оччолорго Гоша доҕоро поэт Алексей Михайлов кэриэһин толорон, кини абаҕатын гражданскай сэрии геройа, сэрииилэһэргэ уһулуччу талааннааҕын иһин Саха маршала диэн ааттаммыт, М.Шолохов “Чуумпу Донун” геройа Григорий Мелехов курдук үрүҥ да буолбут, кыһыл да буолбут, бүтэһигэр, бандьыыт аатыран Советскай былаастан ытыллыбыт Сэмэн Михайлов – Чыамайыкинскай туһунан “Быһах биитинэн” романы суруйан баран, биллэр дьон туһунан аны суруйбаппын, суруйарга ыарахан, наар чахчыттан туораабатах эрэ киһи диэн хааччахха сылдьаҕын диир этэ. Аны бэйэм көҥүл темаҕа, тугу санаабыппын суруйуом диэн былааннааҕа. Ол санаата, хомойуох иһин, олоххо киирбэтэҕэ... Виталий тылын быһа гыммакка “Алампа” романы суруйбута Дьөгүөр бүтэһик айымньыта буолбута. Виталий Тимофеевич аны Петербург суруйааччыта, аатырбыт ”Звезда” сурунаал редактора Евгений Юрьевич Каминскайга “Алампаны” тылбаастатан, университет издательствотын кэпсэтэн, ректор Евгения Исаевна ону өйөөн, бэчээттэппитэ. Ол кинигэни Москваҕа ВДНХ-ҕа кинигэ дьаарбаҥкатыгар сүрэхтэтэн, онно Петербургтан Е.Ю. Каминскайы ыҥыртаран сырытыннарбыта, миигин ол выставкаҕа Евгения Ичаевна көмөтүнэн ыыттарбыта. Манна Дьокуускайга Каминскайы эмиэ хаста да ыҥыран сырытыннарбыта. Өссө Ил Түмэн народнай депутата, “Саха” НКИК салайааччыта И.М. Андросовы кытта кэпсэтэн, Е.П. Неймохов биир дойдулааҕа, Ил Түмэн депутата Д.В.Саввин тылбай-өспөй буолан көмөлөһөн, Иван Михайлович мааны массыынатын уларсан Тааттанан, Томпонон айаннаабыппыт, ааҕааччылардыын көрсүбүппүт, Алампа уҥуоҕар сүгүрүйбүппүт. Биһигини Егор Петрович доҕоро “Тааттаавтодор” генеральнай директора И.И. Бочонин маанылаан көрсүбүтэ, ас амтаннааҕынан, утах күндүтүнэн аһаппыта. Ыалдьыппыт Евгений Юрьевич наһаа сөҕөн-махтайан, астынан барбыта. Онно Виталий кэргэнэ Октябрина Ильинична мындырын сөхпүтүм. Мин үөһэнэн, транспорт, көрсүһүү тэрээһинин эрэ толкуйдуур буоллахпына, миигиттэн төһө эмэ балыс саастаах Октя ыалдьыппыт таҥаһын, тохсунньу томороон тымныытын тулуйдун диэн ичигэс таҥас, унтуу булан биэрэн абыраабыта. Инньэ гымматаҕа буоллар, киһибит тоҥуо, ыалдьыа эбит.

2017 сыл күһүнүгэр мин үбүлүөйдээбитим. Онно Виталий барахсан дьиэ кэргэнин кытта бары кэлбиттэрэ. Ыараханнык ыалдьа сылдьарын билбэппит. Миэхэ анаан икки ырыаһыты илдьэ кэлбит. Ол Саха народнай артыыһа Юрий Баишев Сайа “Барыта баар этэ” ырыатын ыллаата. Геннадий Семенов-Урааҥхай “Бары бииргэ” ырыатын тардан кэбистэ, үҥкүү-битии бөҕө буоллубут. Мин кыргыттарым Виталий ырыатын ыллаатылар, ону баянынан доҕуһуоллаата. Бэркэ да бырааһынньыктаабыппыт, хантан билиэхпит баарай Виталийбыт ыарахан ыарыыга ылларбытын, бүтэһигин кинини кытта үөрэрбитин.

Ол кыһын ыарахан ыарыыны кытта туруулаһыы кытаанах күннэрэ үүннүлэр. Биһиги бары доҕорбутугар көмөлөһө сатаан муҥнанабыт. Эдьиийим Зоя кытыан от, саха ынаҕын үүтүн булла. Туох да туһалаабата.

Оччо ыалдьа сылдьан, Медцентрга врачтары кытта кэпсэтэн, аны миигин операциялатта. Хор, оннук киһи этэ, биһиги Виталийбыт. Бэйэтэ нэһиилэ сытан, атын дьоҥҥо көмөлөһөр. Манна даҕатан эттэххэ, Питергэ уоппускаҕа сырыттахпына, дьонум Дьокуускайтан эрийэллэр. Эдьиий Лина (Гоша эдьиийэ мин улахан уолум оҕотун көрө кэлэ сылдьара) улаханнык ыарыйда, нэһиилэ истиэнэттэн тутуһан хаамар диэн. Мин наһаа ыксаатым, хайдах гынабын, Питертэн хайдах көмөлөһөбүн диэн. Онтон эрэллээх доҕотторбун Виталийдааҕы өйдүү биэрэн эрийдим. Дьонум сонно тута сүүрэн тиийэн көрбүттэр, эмтээбиттэр. Эдьиий Лина үтүөрэн үөрдүбүт.

Ол быыһыгар Виталийы өллө диэн сурах ватсабы толордо. Ону барытын хайдах уйан, тулуйан сылдьахтаабыттара буолла, доҕотторум барахсаттар. Ньукуолун күн даачатыгар аҕыйах чугас доҕотторун ыҥыраннар, сахалар, нууччалар буолан көрсүбүппүт. Хаас этин, шашлык сиэбиппит, кэлэр сайыны уруйдаабыппыт. Галина Захаренко телевидениеҕа интервью ылбыта. Ол бүтэһик көрсүһүүбүт этэ. Уопсай хаартыскаҕа түспэккэ хаалбыппыт хомолтолоох.

Ити ыарахан кэми арыый чэпчэппит киһинэн Виталийбыт барахсан тапталлаах кэргэнэ Октябрина Ильинична буолар. Хайдах курдук Виталийын бүөбэйдээтэ, олох кыһыл оҕо курдук, сууйан-сотон, имэрийэн-томоруйан, аһатан-сиэтэн, сыллаан-уураан, санаатын көтөҕөн харайда. Кимиэхэ да эрэммэккэ, олох соҕотоҕун, балыыһаҕа бииргэ сытыһан. Виталий дьолугар оччолорго эдэркээн Октяны кэргэн ылбыт эбит дии саныыбын. Бэйэтэ медик буолан билэрэ да бэрт, кэм сааһынан эдэрчи буолан сэниэлээх даҕаны. Виталий Октятын кэргэн ылаат, Мэҥэ Алдаҥҥа ыалдьыттата сылдьыбыттаах.

Ыалдьар кэмигэр Октябрина Ильинична Галина Захаренколыын Виталий туһунан түөрт передачаны телевиденияҕа бэлэмнээтилэр. Хатас культуратын киинигэр Виталий Андросов ырыаларынан бэртээхэй мюзикл оҥорон көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ыллылар. Ону Виталий Тимофеевич бэйэтэ баран көрөн алҕаабыта артыыстары төһөлөөх кынаттаабыта буолуой. Аны араас дьону кытта көрсүһүү тэрийэн ыытта, ити барыта Виталийын санаатын көтөҕөөрү.

Мин Гошам олохтон туораабытыгар наһаа соҕотохсуйбутум, аймаммытым, ону Виталий барахсан Октятынаан, Гавриил Филиппов, Василий Илларионов миэхэ күүс-көмө буолбуттара, өйөөбүттэрэ, көмөлөспүттэрэ. Ордук Виталий, кини өрүү үлэбэр кэлэрэ, Алампаны үйэтитии тэрээһинин оҥорорбут, онтон да атын араас хайысхалаах үлэни ыытарбыт. Оннук аралдьытан, санаабын көтөҕөн эгди буолбутум, олох үөһүгэр төннүбүтүм, Киһи Киһинэн Киһи буолар диэн мээнэҕэ эппэттэр эбитин билбитим.

Виталий барахсан биһиги дьиэ кэргэни наар арчылыы-араҥаччылыы сылдьаахтаабыта. Кинитэ суох сир-дойду соҕотохсуйбут курдук буолла, биһиги тулаайахсыйдыбыт. Кини оҥорбут үтүөтүн-өҥөтүн ама умнар үһүбүөт. Тапталлаах кэргэнэ Октябрина Ильинична, оҕолоро Дима, Паша, Маайа Виталий Тимофеевич сырдык аатын үйэтитиигэ үлэлэһэ сылдьаллар. Уола Дима врач буолан аҕатын эмтээн, Дмитрий Витальевич аҕата дуо диэн ытыктабыллаахтык ааттатан, ону Виталий барахсан киэн тутта, үөрэ истэн, врач быһыытынан олохпун салҕааччылаах эбиппин ээ диэн, бу орто дойдуттан бараахтаата. Төрөппүт оҕото ытыктанар врач, эмчит буолбута, Дмитрий Витальевич дуо дэппитэ хайа ийэ, аҕа сүрэҕин сылаанньытыа суоҕай.

Маайата аҕатын батан эмиэ врач, өссө ырыа айарга холонор, мин саныахпар, наһаа истиҥ ырыалары айар. Пашенька эбэтин курдук юрист буолан, магистратураны туйгуннук үөрэнэн бүтэрэн куорат суутугар үлэлиир. Маайа композитор, Дима баянист, Паша саксофоҥҥа оонньуур. Аҕаларын үтүө аатын ааттатар, кэриэһин толорор үчүгэй, кэскиллээх ыччаттардаах.

Күндү Киһи, Кэрэ Киһи, Үтүө Киһи Виталий Тимофеевич барахсан, Эн сырдык мөссүөнүҥ биһигини барыбытын өрүү үтүөҕэ-сырдыкка угуйа туруо.

Мария Неймохова,

СР государственнай сулууспатын,

ССРС культуратын туйгуна

Смотрите также