Статья | Киһи арахсыспат аргыһа - кинигэ
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
21.10.2022

Статья | Киһи арахсыспат аргыһа - кинигэ

Просмотры: 1737

Кинигэ — биһиги олохпут саамай сүрүн баайа диэн үөрэппиттэрэ биһигини төрөппүттэрбит. Онон оскуолаҕа киирэрбитигэр биһиги үчүгэйдик ааҕар буолан киирбиппит. Оччолорго араас социальнай ситимнэр суох буолан эбитэ буолуо, ааҕар оҕо элбэх этэ. Оттон библиотека — саамай сылдьар, сайдар сирбит буолара. Ол кэмҥэ кинигэ элбэх уонна үрдүк хаачыстыбалаах курдук өйдүүбүт. Аҥардас букубаары да ылан көрдөххө. Хайдах курдук үчүгэй этэй! Ордук кинигэ, учебник саҥа буоллаҕына, сыттыын-сымардыын атын буолара. Уонна уларса-уларса ааҕар диэн туох эрэ туспа кэрэлээх этэ.

Нажмите для увеличения

Оҕо сылдьан аахпыт остуоруйаларбытыттан Александр Сергеевич Пушкин остуоруйалара туспа киинэ курдук күндү кинигэлэр диэн өйдөөн хаалбыппыт. Билигин оҕолордоох дьон буолан оҕо литературата дьиэбитигэр дэлэй. Үксүн «АЙАР» кинигэ кыһата таһаарар бородууксуйата олус үчүгэй хаачыстыбалаах уонна араас элбэх буолан киһи талан ыларыгар судургу. Кэнники саха суруйааччыларын кинигэлэриттэн Евдокия Иринцеева-Огдо суруйарын дьиэ кэргэнинэн ааҕабыт. Кыра уол Сан Саныч ордук сахалыы саҥарар кинигэлэри сөбүлүүр уонна дьоруойдарын үтүктэн араастаан саҥарарар, элбэххэ үөрэнэр, билиигэ тардыһар, сайдар. Киинэ дуу, испиктээкил дуу көрөн баран, дьиэбитигэр кэлэн, ол туруоруу кинигэтин булан ааҕар идэ эмиэ баар. Дьэ кинигэҕэ тэҥнээн көрөн ырытар, толкуйдуур олус интириэһинэй буолааччы.

Нажмите для увеличения
 

Биһиги икки өттүбүтүттэн төрөппүттэрбит үөрэхтээх, учуутал дьон, онон кинилэр дьиэлэригэр кинигэ арааһа баар: романнар, кэпсээннэр, хоһооннор, учебниктар. Олортон биһиги эмиэ туһанабыт: ырыа наада буоллаҕына хоһоон ааҕабыт, оттон айар дьон туһунан кинигэ буоллаҕына — үлэбитигэр туһанабыт.

Билигин бириэмэ олус түргэнник барар курдук, ол да буоллар, саатар аҕыйах мүнүүтэ кинигэ диэн баайы кыратык сэгэтэн, аанын аһан, онно киирэн ыалдьыттаан ааһын диэн, күндү бар дьоммутун ыҥырабыт! Дьоллоох-соргулаах буолун, тапталлаах көрөөччүлэрбит, ааҕааччыларбыт!

 

Владлена Павловна Бурнашова, Саха Республикатын үтүөлээх артыыската,

Александр Валерьевич Бурнашов, Саха Республикатын народнай артыыһа

    

«Сказки Пушкина»

Евдокия Иринцеева-Огдо «Почему мы живем в «морозилке»?»

Евдокия Иринцеева-Огдо «Ньургун дьиктилээх сырыылара»

Евдокия Иринцеева-Огдо «Мэник сэлиичээн»

Евдокия Иринцеева-Огдо «Мамонтенок Мэник»



Хаартыска автордар тус архыыбтарыттан туһанылынна

Материалы бэлэмнээтэ Ирина Николаева, кылаабынай библиотекарь


Смотрите также