Статья| Хас биирдии оҕо - бастатан туран, Билбэтчэй
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
15.07.2022

Статья| Хас биирдии оҕо - бастатан туран, Билбэтчэй

Просмотры: 1788

Оҕо сылдьан аахпыт элбэх кинигэлэрбиттэн мин өйбөр-санаабар ордук Пушкин остуоруйаларын, Ершов "Бөкчөгөркөөн соноҕосчоонун" тылбаастара, Бүөтүр Тобуруокап "Чыычаахтар күнү көрсөллөр" кинигэтэ, Жюль Верн "Пятнадцатилетний капитан", Григорий Белых уонна Леонид Пантелеев "Республика ШКИД", Александр Неверов "Ташкент - город хлебный" сэһэннэрэ уонна Николай Носов Билбэтчэйин мүччүргэннээх сырыылара умнуллубаттык хатанан хаалбыттар. Олох хайа баҕарар түгэннэригэр бу айымньылар дьоруойдара тиллэн кэлэр, миигин кытта кэпсэтэр, бэйэлэрин санатар алыптаахтар.

Нажмите для увеличения
Нажмите для увеличения
Нажмите для увеличения
Нажмите для увеличения

Ордук "Билбэтчэй ыйга тахсар" айымньыга ааптар, оччотооҕу сэбиэскэйдии иитиилээх оҕолорго капитализм диэн тугун билиһиннэрбит эбит. Ленин сиэннэрэ оҕолор фантастика курдук ылыммыт түгэннэрбит 90-с сыллартан саҕалаан дьиҥ олохпутугар көстөн киирэн барбыттара. Билигин даҕаны терминал харчыбын ыйыстан кэбиһэрин көрдүм да, Ыйга тиийэн эрэйи көрө сылдьар Билбэтчэй курдук санана түһэбин. Ыйааһына суох буолууну ыҥырар ый тааһа, куйаарга бэрт судургутук көтөр хараабыл, кытылга ыһылла сытар кристаллартан тууһу таһааран эргинии, сиргэ үүнэр баараҕай үүнээйилэр акцияларын атыылааһын эҥин курдук оҕону толкуйдуурга, үгүһү билэ сатыырга көҕүлүүр түгэннэр бу остуоруйаҕа элбэхтэр. Улахан дьоно суох оҕолор эрэ (бээгэйчээннэр) олорор дойдулара олус итэҕэтиилээхтик суруллубут буолан, айымньыны остуоруйа курдук буолбакка, дьиҥнээх олох да курдук оҕо киһи өйө-сүрэҕэ ылынар этэ. Билбэтиттэн, эбэтэр билиэн-көрүөн баҕарара бэрдиттэн мэлдьи мүччүргэннээх сырыыларга түбэһэн иһэр Билбэтчэй оҕо санаатыгар куруутун да чугас буолуо. Тоҕо диэтэххэ, хас биирдии оҕо - бастатан туран, Билбэтчэй бөҕө буоллаҕа дии. Айымньы сахалыы тылбааһа олус табыллыбыт диэн өйдүүбүн. Биһиги улаатар кэммитигэр оҕоҕо аналлаах айымньылары тылбаастыырга улахан суруйааччылар тардыллаллар эбит, ол да иһин Пушкин остуоруйалара - саха остуоруйалара, дьоруойдара - саха дьоно буолан ылбаҕайдык мин куппар-сүрбэр олохсуйбут курдуктар.Билбэтчэйи да, Пушкины да ол кэмнээҕи тылбаастарын билигин хос бэчээттииллэрэ буоллар, кинигэ маҕаһыыннарын долбуурдарыгар сытыа суохтар этэ дии саныыбын.
Нажмите для увеличения

Сунтаар ыһыаҕар бу быйыл бара сылдьан олоҥхону дьиэ кэргэнинэн ааҕыыга күрэхтэһии ыыппыттарыгар олус элбэх ыал кыттыбытын көрөн биир дойдулаахтарбыттан үөрбүтүм, астыммытым аҕай. Олоҥхону толорууга буолбатах, аҕалыын-ийэлиин-оҕолуун-эһээлиин-эбээлиин бары кинигэттэн үллэстэн ааҕалларыгар күрэх. Урут итиниэхэ маарынныыр көстүү саха олоҕор баар этэ: оччолорго оҕолор уочаратынан дьоммутугар саха классиктарын айымньыларын, бэчээккэ сахалыы тахсыбыты барытын кэриэтэ ааҕан иһитиннэрэрбит. Ол билигин бүтүн дьиэ кэргэнинэн олоҥхону ааҕыыга кубулуйбута хайҕаллаах, өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн холобур буолар көстүү, оҕону төрөөбүт тылын кэрэтигэр сыһыарар бастыҥ ньыма буоллаҕа. Олоҥхо оҕо тылын имитэргэ, уустаан-ураннаан саҥарар уонна айар дьоҕурун уһугуннарарга биэрэр кыаҕын, күүһүн санаатахха, мэктиэтигэр, киһи мэйиитэ эргийэр.
Нажмите для увеличения

Мин иннибэр көстүбүт кинигэни барытын ааҕа сылдьар майгылаах оҕо этим. Иккис кылааска үөрэнэ сылдьан "Суворов" диэн (ааптара ким эбитэ буолла) сүрдээх халыҥ кинигэни - арамааны ааҕа сылдьарбын көрөн биир улахан киһи "оҕо хайдах маннык кинигэни ааҕыай..." диэн сымыйарҕаабытын умнубаппын. Оскуола кэнниттэн институкка үөрэнэ сылдьан олоҥхону ааҕарбын көрөн, соһуйар устудьуоннар бааллара, билигин ону саныы-саныы "ааҕыах киһи ааҕар эбиккин" диэн күлсэллэр. Ханнык эрэ олоҥхону олус эрдэ аахпыт быһыылаахпын: сопхуос хотонун уп-уһун көрүдүөрүн түгэҕэр сылдьар киһи чыычаах эрэ саҕа буолан көстөрүн "уҥа диэки олорор киһи улар саҕа буолан көстөр, хаҥас диэки олорор киһи хаххан саҕа буолан көстөр" диэн санаабыппын уонна "бухатыыр олорор дьиэтэ бу хотон саҕа буолар эбит" диэн сабаҕалаабыппын өйдүүбүн. Ол саҕана ситэ өйдөөбөтөх да түгэннэриҥ улаатан истэҕиҥ аайы мэйииҥ иһигэр буһа-ситэ сыппыт билии буолан күөрэйэн тахсаллар быһыылаах. Ол да иһин билигин, холобур, гражданскай сэрии кэмин туһунан биэриилэри оҥорорбор эбэтэр кэпсиир түгэннэрбэр аан бастаан умсугуйа аахпыт кинигэлэрбиттэн кэлбит "килиэптээх куорат - Ташкент", эбэтэр өрөбөлүүссүйэ биһигэ - Петроград оҕолорун иэдээннэрин тирэх, төрүт оҥостобун. Географияны, историяны Жюль Верн уон биэс саастаах капитана ааспыт суолларын кытта тэҥнээн үөрэтэрбин саныыбын. Бу кинигэни ааҕыахпыттан аан дойду каартатын умсугуйан көрөр, чинчийэр буолбутум. Онон, ааҕыан баҕарар оҕо түбэспитин барытын да ааҕа сырыттын. Аахпыт - хаһан да хаалбат баай буолар диэн оҕолорго, сиэннэргэ өйдөтө сатыыбын.


Наталья Михалева- Сайа, СӨ норуотун суруйааччыта

"Сказки Пушкина"

"Республика ШКИД"

"Незнайка на Луне"

"Ташкент город хлебный"


Хаартыска sakha.ysia.ru саайтан туһаныллынна


Смотрите также