Статья | Үйэлэргэ ахтыллар аналлаах
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
04.08.2022

Статья | Үйэлэргэ ахтыллар аналлаах

Просмотры: 1829

...Киэҥ Күөрэгэйдээх Күөрээйитин кэскилэ

үйэлэргэ ахтылла туруо, кэҥээн иһиэ...

Нажмите для увеличения
  

Ааспыт от ыйын саҕаланыыта куораттааҕы «Азимут» сырдык, киэҥ конференц-саалатыгар үрдүк таһымнаах бэртээхэй тэрээһин буолан ааста. Ол курдук, «Тулагы-Киллэм мааныылаах Далбар Хотуна» диэн ааттаах кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Светлана Степановна Борисова сырдык аатыгар анаан оҕолоро, кэргэнэ кыһамньылаахтык ылсан кинигэ таһааттардылар. Ийэлэригэр сүгүрүйэр, улахан махталларын биллэрэр туоһута бу кинигэ буолар. Кинигэ биэс бастаах: сиэрдээх олоҕун, айымньылаах үлэтин, сүдү кылаатын, бары өттүнэн сырдатар ахтыылар, аман-өһө киирбиттэр.

Нажмите для увеличения

Борисова С.С., Тулагы-Киллэм нэһилиэгин Бочуоттаах олохтооҕо, Үлэ бэтэрээнэ, кыраайы үөрэтээччи, «Ытык сирдэр» ассоциация чилиэнэ,  «Гражданская доблесть» бэлиэ хаһаайына, хас да кинигэ ааптара. Биири бэлиэтиэхпитин баҕарабыт, кини ордук хас да сыл үлэлэспит үлэтэ - Тулагы-Киллэм сирин-уотун чинчийиитэ, олохтоохтук сааһылаан, ыпсарыылаахтык, ылыннарыылаахтык туруорсуута, архивка олорон, Ытык сирдэр докумуоннарын оҥотторуута буолар.

Нажмите для увеличения

Биллэн турар, чинчийэр үлэ үгүс билиигэ, көмөҕө наадыйар. Ол иһин кини чугас дьонугар, нэһилиэк олохтоохторугар, тэрилтэлэригэр, олохтоох, куорат уонна Өрөспүбүлүкэ дьаһалтатыгар уонна ыкса үлэлэспит, чуолаан, история билимин кандидатыгар, Саха Өрөспүбүлүкэтин культуратын туйгунугар Петров Пантелеймон Пантелеймонович-Хардыыга, кинилэри кытта биир тылы булан, биир санааны батыһан үлэлэспиттэригэр куруук улахан махталын биллэрэрэ. Бу дьон өйөбүллэринэн Тулагы-Киллэм 18 (Үс Тиит, Ойуу Хатыҥ, Ытык Күөл, Тоҕус Тииттэх, Тоҕус Булгунньах уо.д.а.) Ытык сирин Харыстабыл испиэһэгэр киллэриитэ, докумуоҥҥа тиһиллиитэ, схема-карта оҥоруута уонна Саха Өрөспүбүлүкэтин, Российскай Федерациятын реестрыгар киирбитэ буолар. Ол кэннэ өссө биир баҕа санаатын толорон, нэһилиэк историятын, урукку олоҕун көрдөрөр-сырдатар, үлэлэспит үлэтин тиһэр «Тулагы-Киллэм ытык сирдэрэ» диэн ааттаах кинигэтэ күн сирин көрбүтэ.

Нажмите для увеличения

Светлана Степановна хаһыакка суруйбутуттан манныгы ахтыахха сөп: «...Төрдө-төрүөтэ, сирэ-буора, сиэмэтэ-араскыыта суох оннооҕор от-мас силис түһэрбэт. Дириҥ силистээх-мутуктаах сүдү өбүгэлэрбит кэриэс өйдөбүллэригэр, ийэ куппутун иитиэхтиирбит, киһи-хара дэтэр бигэ тирэх буолбут ийэ сирбит ытык ааттарыгар сүгүрүйэрбит, ону кэнчээри ыччаппытыгар тиэрдэрбит, уһуйарбыт-ытык иэспит! Үүнэр-сайдар кэскилбит!» Ити курдук, Светлана Степановна сырдык аата үйэлэргэ ахтыллар аналлаах, кини нэһилиэккэ, Дьокуускай куоракка, Саха сиригэр, Россияҕа киллэрбит сүдү кылаатын сыанабыла муҥура суох.

Нажмите для увеличения

Күндү ааҕааччыларбыт, «Тулагы-Киллэм мааныылаах Далбар Хотуна» диэн кинигэни библиотекаттан ылан, ааҕан, нэһилиэк историятыгар билиигитин кэҥэтиэххитин сөп. Аныгы технологиянан туһанан, кинигэ бүтэһик страницатыгар баар штрих-кодунан («Меморис») киирэн ааттаммыт кинигэни уонна Светлана Степановна атын үлэлэрин эмиэ көрүөххүтүн сөп.

Светлана Степановна Борисова дьиэ кэргэнигэр «Ньургуһун» библиотека аатыттан кинигэни бэлэх ууммуккутугар, ыстатыйа тахсарыгар хаартыска биэрбиккитигэр улахан махталбытын биллэрэбит.

Смотрите также