Саха норуотун суруйааччыта Егор Неймохов төрөөбүтэ 70 сылыгар
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Другое
10.04.2020

Саха норуотун суруйааччыта Егор Неймохов төрөөбүтэ 70 сылыгар

Просмотры: 2906

WhatsApp Image 2020-04-07 at 21.32.50.jpeg

Кулун тутар 30 күнүгэр Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха АССР Комсомолун бириэмийэтин лауреата, Томпо улууһун Бочуоттаах гражданина, П.А. Ойуунускай аатынан государственнай бириэмийэ лауреата, саха норуотун суруйааччыта Егор Петрович Неймохов баара эбитэ буоллар, 70 сааһын туолуо этэ.

Егор Неймохов проза, киинэ жанрыгар таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. "Сэргэлээххэ саас этэ" диэн бастакы кэпсээнэ 1975 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыта. 2000-2012 сылларга суруйааччы айымньылара тиһигин быспакка бэчээттэммитэрэ. "Хара мааска", "Ильмень үрдүгэр туруйалар"диэн толору метражтаах саха киинэлэрэ кини суруйбут сценарийынан күн сирин көрбүттэрэ. 2016 сыллаахха "Сайсары күөлгэ түбэлтэ" диэн сэһэнэ киинэ буолан экраҥҥа тахсыбыта. Ааптар бу сэһэнигэр дьон олоҕун араас өрүттэрин уустаан - ураннаан суруйбута ааҕааччылар болҕомтолорун тардыбыта.

Салгыы бу бэлиэ түгэнинэн сибээстээн, Егор Петрович тапталлаах кэргэнэ, олоҕун доҕоро Мария Петровна ахтыытын бэчээттиибит.

Мария Петровна Неймохова - Саха Республикатын Судаарыстыбатын гражданскай сулууспатын туйгуна, ССРС културатын туйгуна, Гражданскай килбиэн бэлиэ хаьаайына.

WhatsApp Image 2020-04-07 at 21.30.21.jpeg

1 ахтыы:

«Ильмень күөлгэ төһөлөөх элбэх кыргыһыы буолбута буолуой. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ төһөлөөх элбэх норуот кыргыспыта буолуой. Биһиги сахалар тыыннарын толук ууран хорсуннук сэриилэспит дьоммутун умнубаппыт, кэриэстээн өйдөбүнньүк туруорарбыт олох хайҕаллаах дьыала дии санаатым. «Саха историятыгар биир түүн иһигэр сүүһүнэн саха биирдэ ньим гынан суорума суолламмыт чахчыта суох» - диирэ Егор Петрович. Барахсаттар, киһини ытыахтааҕар буолуох охсуспатах да айылҕа оҕолоро, фроҥҥа олунньу 15 күнүгэр кэлбиттэр уонна нэдиэлэ эрэ буолаат уоттаах сэриигэ киирбиттэр. Олунньу 22-23 түүн Ильмени туораан өстөөҕү самнарарга бирикээс ылаллар. Ильмень күөл чахчы да муора курдук, 48 км усталаах, 38 км туоралаах улаҕата биллибэт күөл. Ону син түргэнник туоруохтар эбит. Хайыһардарын устан сатыы барбыттара буоллар. Күөлгэ хаара суох килэгир муус буолан хайыһар мэһэй эрэ этэ дииллэр. Ону хайыһары устан сүүрэри бобуу бирикээс биэрбиттэр. Онон уҥуор тиийэллэригэр халлаан сырдаан хаалан, ытыс үрдүгэр курдук, хаххаланар сирэ суох саллааттары үрдүк эмпэрэ сыыртан немецтэр күүстээх уотунан көрсүбүттэр, артиллериянан, пулеметунан ытыалаабыттар, үөһэттэн самолеттара буомбалаабыттар. Иэдээннээхэй сэрии буолбут. Эдьиийим кэпсиирэ, дьүөгэтэ Маша аҕата, бөдөҥ баҕайы бааһынай киһитэ Дьөгүөр Ильмень кыргыһыытын санаата да, хараҕын уутун кыатаммакка ытаан барара диэн. Төһөлөөх сүрэҕэ хайдан итинник бухатыыр киһи ытамньыйара буолуой, сэрэйиэххэ эрэ сөп. Ол да буоллар хас да дэриэбинэни ылбыттар ээ, подкрепление суох буолан мустуохтаах сирдэригэр барарга күһэллибиттэр. 30% сүтэрбиттэр. Кэлин тыыннаах хаалбыт саллааттар Берлиҥҥэ тиийэ сэриилэһэн Рейхстагы штурмалаабыттар. Аны биһиги саллааттарбытын кытта СС ''Мертвая голова'' дивизията кыргыспыт дииллэр. Ити сэрии кыттыылааҕа фотожурналист Иннокентий Канаев биһиэхэ сылдьара. Кини хааһын кыйа буулдьа таппытыгар өйүн сүтэрэн охтубут уонна кыа хаана мууска тоҥон хаалбыт. Өйдөммүтэ немецтэр фонарынан тыктара - тыктара тыыннаахтары ытыалыы сылдьаллар эбит. Кинини тэбэн көрөн баран өлбүт диэн ааһа турбуттар. Барбыттарын кэннэ дьонун диэки сыыллыбыт. Муус кыаһаан буолбут таҥаһа килэгир мууска охсуллан санаатыгар этиҥ тыаһын курдук ньиргийэрэ үһү. Сүүрэн истэҕинэ таптарбыт эдэркээн саха саллаата ''Бостуой кэлэммин, бостуой кэлэммин'' диэхтии сытара үһү. Ити сэриини кыайтарыы диэн соччо ахтыбаттар этэ. Ону Сергей Васильев - Борогонскай ''Ытык Ильмень'' диэн бэртээхэй баллада суруйан болҕомто тартаҕа, үйэтиттэҕэ буолуо дии саныыбын. Төһө да суруйааччылартан кириитикэлэннэр. Ол да иһин 1968 с. Саха Правительствота обелиск туруордаҕа.

1995 с. Улуу Кыайыы 50 сылыгар Ильмень күөлгэ кыргыһыы туһунан ахтыллыбатаҕа, оннооҕор Президент докладыгар биир да тыл суоҕа. Онтон 2000 сыллаахха Егор Петрович инициативатынан памятник турар, норуот ити кыргыһыыны ахтан - санаан ааһар. НВК ''Саха'' каналга ''Священный Ильмень'' диэн суруйааччы Анастасия Сыромятникова кыыһа, журналист Надежда Дмитриева устубут документальнай киинэтэ көстөр. Ити киинэ эмиэ Егор Петрович идеята этэ. Хата ол кыргыһыы тыыннаах туоһулара баалларына уһуллубута киинэни сүрүн тыынныыр. Улуу Кыайыы 60 сылыгар ''Ильмень үрдүнэн туруйалар'' уус уран киинэ премьерата буолар. Ити иннинэ Егор Петрович көҕүлээһининэн ''Ильмень күөлгэ - иэдээн'' ахтыы кинигэтэ күн сирин көрөр, сэҥээриини ылар. ''Ильмень үрдүнэн туруйалар'' киинэ саха историятыгар аан маҥнайгынан киин телевидиенан ''Культура'' каналга көрдөрүллэр, дьоҥҥо биһирэтэр. С.Н.Сивцев - Доллу салайааччылаах «Сахафильм» компания биир саамай ситиһиилээх проега буолар. Маҥнайгы маҥнайгы курдук киинэни устарга мэһэйдэр, уустуктар бааллара өйдөнөр. Ордук Ильмеҥҥэ устууга Доллу тэрийэр дьоҕура, иҥнигэһэ - толлугаһа суох дьыаланы сөптөөхтүк быһаарсар талаана киинэ ситиһиилээх буоларыгар улахан оруоллаах. Ол да иһин П.А.Ойуунускай аатынан государственнай премияны ылыан ыллаҕа. Киинэ устуутун өйөөһүҥҥэ вице-президент А.К.Акимов өҥөтө улахан. Саха сиригэр бары даҕаны киинэ уһуллуутугар күүс - көмө буолбуттара. Тоҕо диэтэргин Ильмень күөл кыргыһыыта үгүс дьону таарыйан эрдэҕэ. Ити киинэ туруута Егор Петрович доруобуйатын улаханнык айгыраппыта, мин да балыыһа киһитэ буолбутум. Онон иккиэн премьераҕа кыайан сылдьыбатахпыт.

Онтон 2000 сыллаахха турбут памятникка бардыбыт. Олохтоохтор сүрдээх үчүгэйдик көрүстүлэр. Полевой кухняҕа балык ухатынан, гречка хааһынан күндүлээтилэр. Тоҥмут дьон итии киллэринэн абыранныбыт. Саанан сыал ытыыга күрэх тэрилиннэ. Ильмень күөл уунан көрө сытар. Уйаара - кэйээрэ биллибэт киэҥ иэнэ мэндээрэр. Таас кытылыгар Садко атыыһыт гусляҕа оонньуу олорорун, киниэхэ муора ыраахтааҕыта бэйэтинэн ууттан тахсарын өйбөр оҥорон көрөбүн. Чахчы да нуучча сирин килбэйэр киинэ буоллаҕа, ааттыын да Старорусскай оройуон дэнэр, Улуу Новгород сирэ. Старорусскай оройуон баһылыга, Борисовскай сельсовет председателэ эҕэрдэлээтилэр. Саха представительствотыттан солбуйааччы Ю.Н.Кравцов, саха студеннара тыл эттилэр. Монумеҥҥа киириигэ хаҥас өттүгэр мемориальнай плита арыйыыта буолла. Плита кинигэ курдук көрүҥнээх. Маҥнайгы сирэйигэр С.С.Васильев - Борогонскай ''Ытык Ильмень'' балладатыттан эпиграф, иккис сирэйигэр памятнигы оҥорбут дьон туһунан информация суруллубуттар. Монумеҥҥа киирии уҥа өттүгэр эмиэ Саха Правительствотын аатыттан плита турар. Өссө Ретле бөһүөлэккэ саха саллааттарын көмүллүбүт сирдэригэр Сунтаар маастара оҥорбут сэргэтин баран туруордулар.

Ити памятник сирин туруорсан ылыыта эмиэ чэпчэкитэ суоҕа. Сүүһүнэн өлбүт саллаат аҕыйах буоллаҕа, манна сүүһүнэн тыһыынча саллаат өлбүтэ диир салайааччылар бааллара. Онуоха Егор Петрович аҕыйах ахсааннаах омукка сүүһүнэн саллаат, элбэх ахсааннаах норуокка мөлүйүөнүнэн тэҥэ диэн тылын ылыннарбыта. Аны биһиэхэ син биир ким көмүллэн сытара, советскай саллааттар буоллаҕа диэбиттэр. Онуоха Егор Петрович: өскө эһиги аҕаҕыт, эһэҕит көмүллэн сытар буоллаҕына эмиэ биһиэхэ син биир диэххит дуо? - диэбит. Онон сир аныыр дьаһал таһаартарбыттара. Онно чугаһынан суох достойнай памятник турдаҕа. Туристскай маршрукка киирэн араас дойдуттан кэлбит туристар көрөн сүгүрүйэн ааһаллар дииллэр. Сыбаайбалааччылар сибэкки дьөрбөтүн ууран хаартыскаҕа түһэллэр үһү. Үчүгэй буолбат дуо сахалары ахтан ааһаллара.

Билигин олунньу 23 күнүгэр Саха сиригэр да, Новгородскай уобаласка да Ильмень кыргыһыытын ахтан - санаан ааһаллар. Ильмеҥҥэ хаардаах хайыһар десана, саанан ытыыга күрэх сылын аайы ыытыллар. Арай быйыл хаар суох буолан хайыһардаабатылар. Дьокуускайга ''Ильмень үрдүнэн туруйалар'' диэн обелиск турбута. Ильмень күөлгэ кыргыһыыны көрдөрөр театрализованнай тэрээһин Сайсары күөлгэ сылын аайы ыытыллар буолла.

Итинэн сэдиптээн ити улуу кыргыһыыга өлбүт саллааттарбыт сырдык ааттарын үйэтитиигэ саха икки талааннаах суруйааччылара: Сергей Васильев - Борогонскай уонна Егор Неймохов сүрүн өҥөлөөхтөр. «Писатели - инженеры души» диэн мээнэҕэ эппэттэр, кинилэр норуот элитата, сүмэтэ, норуот духовнай баайын хаҥатааччылар буолаллар. Ол да иһин төһө да утарсыы баарын үрдүнэн Ильмень күөлгэ кыргыһыыны үйэтиттэхтэрэ, былаас билинэрин ситистэхтэрэ, оттон норуот хаһан да умнубатаҕа, сүрэҕэр сөҥөрдөн илдьэ сылдьыбыта. Үйэлэр ааһыахтара, Ильмень күөл уйаара - кэйээрэ биллибэт суһума мэндээрэ устуо, долгуннара киниэхэ тимирбит эдэркээн саха саллааттарын саната хайыр тааска охсуллуо...

Норуот суруйааччыта Егор НЕЙМОХОВ олоҕун, айар үлэтин туһунан "Олох - бүппэт хапсыһыы" диэн документальнай киинэ салгыыта муус устар 11 күнүгэр, субуотаҕа, күнүс 12:15 ч. тахсар. Суруйааччы үйэлээх айымньылара, кэскиллээх санаалара саха олоҕун бүппэт хапсыһыыларыгар суолдьут сулус буолаллар, көҕүрээбэт күүһү күөртүүллэр»

2 ахтыы:

''1974 сыллаахха мин Бүтүн Союзтааҕы турнир кэнниттэн 'Эдэр коммунист'' хаһыакка Вячеслав Карповы кириитикэлээбит аньыылаахпын. Оччолорго өйдөбүлбэр - Вячеслав наһаа эдэриттэн хайҕаммытын, арбаммытын уйбакка, куһаҕан дьаллыкка ылларан, маннык мөлтөхтүк тустар буолла - диэн этэ. Ол кэмтэн 37 сыл ааспытын кэнниттэн эргитэ санаан көрдөххө, мин киһи уустук дьылҕатын билбэккэ, ис дьиҥэр киирбэккэ, үрдүттэн өйдөөҕүмсүйбүт эбиппин. Онон, Вячеслав Павловичтан ол алҕаһым иһин, хойутаан да буоллар, бырастыы гынарыгар көрдөһөбүн''.

Егор Петрович ити бырастыы гыннарар тыллары Вячеслав Павлович Карпов ''Ат өрөҕөтүнэн, уорҕатынан олох'' диэн кинигэтин уус уран суруйуутугар киллэрбитэ. Дьэ ити буолар киһилии сыһыан диэн. Кумир оҥостубут Слава Карпов хотторбутуттан кыһыйан суруйдаҕа буолуо. Үрдүттэн үөҕэрбитин эрэ билэр адьынаттаах буоллахпыт. Ону сатаан көннөрүнүөххэ наада.

Ити кинигэни Ороһооспо өрөбүлүгэр үксүн бэчээттээбитэ. Магнитофоҥҥа Карпов ахтыбытын сурукка тиһэн. Онно наһаа илистибитэ быһыылааҕа да, таһыгар биллэрбэт этэ. Уопсайынан, Егор Петрович хаһан да мөлтөх курдук дьоҥҥо көстүөн баҕарбат мөккүөннээҕэ. Баҕар, ол үйэтин тухары туйгуннук үөрэммититтэн сэдиптээн ''отличник синдрома'' буолуон сөп. Туохха да иннин биэрбэт сыралаах. Ол да иһин ыарахан ыарыыга бэриммэт санааттан, олох инники күөнүгэр сылдьабын диэн күүскэ үлэлээн, сүрүн айымньыларын инвалид буолан олорон суруйдаҕа. Инвалид диири олох сөбүлээччитэ суох.

Нефролог врачтар киниэхэ наһаа махтаналлара. Бу нефролог врач А.Максимова ахтыбыта: ''Егор Петрович бэйэтэ да билбэтинэн буолуо, биһиги нефрологтар, ол аата бүөр быраастарын үлэтигэр наһаа улахан көмөнү оҥоро сылдьар. Бүөр ыарыылара 70% биллибэтинэн бүөрү сииллэр. Ол аата, хайыы - сах бүөр үлэтэ тохтообутун кэннэ биирдэ киһи билиэн сөп бүөрэ ыарытыйбытын. Онон ''Эн бүөрүҥ үлэлээн бүппүт, гемодиализка киирэҕин ол аата искусственнай бүөргэ эбэтэр бүөрүҥ уларытыллыа'', - диэни истэр ыарыһахтарга сүрдээх ыарахан буолар, өйдөрүгэр - санааларыгар ыараханнык киирэр. Маннык суолу истэн бараннар, ыарыһахтар бэйэлэригэр да тиийинэн кэбиһиэхтэрин сөп. Онно Егор Петрович олоҕо үтүө холобур буолар. Америкаҕа дуу, ханна эрэ Москваҕа дуу маннык түгэн баар диэн кэпсээбэппит, бу биһиги аттыбытыгар баар, республикаҕа биллэр киһи маннык ыарыыга ыалдьан баран айымньылаах үлэтигэр үрдүк ситиһиилэри ситиспитэ диэн холобур оҥостобут. Кини ыалдьа сытан бу ыарыыны кытары хайдах охсуспутун, ис дууһатынан хайдах ыарыыны утары турууласпытын дьоҥҥо тиийимтиэ баҕайытык суруйбутун, санаалара түспүт эдэр ыарыһахтарга кини кинигэтин хайаан да ааҕыа этигит, ити кинигэ эһиэхэ сүрдээх көмөлтө буолуо этэ диэммин, ааҕалларыгар сүбэлиибин''.

Егор Петрович тустуук доҕотторугар наар көмөлөһө сатыыр этэ. Ол курдук Павел Пинигин ''Олимпаҕа айан'' кинигэтин литературнай суруйуутун оҥорбута. Ол кинигэни журналист Вячеслав Степановы көрдөһөн нууччалыы тылбаастаппыта. Петр Попов кинигэтигэр үлэлэспитэ. Кэлин тустууга олох сылдьыбат этэ, солото да суоҕа буолуо, атын үлэтэ элбэҕэ, ыарытыйар буолан күнэ - дьыла да кэмчитин өйдөөн эрдэҕэ. Ол эрэн оччотооҕу тустуук доҕотторун кытта сибээһин быспат этэ. Петр Попов, Вячеслав Карпов, Павел Пинигин, Роман Дмитриев, Александр Иванов, Михаил Друзьянов, Гаврил Троев уо.да.а. истиҥ доҕордоро этэ.

Өлөр сылыгар саас ыам ыйыгар Медцентргэ доруобуйатын көрдөрбүтэ, анализтара барыта, биохимията кытта, үчүгэйдэр этэ. Сүрэҕин көрдөрүөн кардиолог врач уоппускаҕа буолан биэрбитэ. Мин кинини ''Кардиологияҕа киирэн сытыаҥ, чинчиттэриэҥ этэ», - диирбин, - ''Чэ, бээ, уоппускаҕа бардахпына, от ыйыгар'', - диэхтээбитэ. Ол от ыйыгар 'Бичиктэргэ'' детектив суруйуох буолан тылын биэрбитэ. Өссө ''Таттаавтодор'' салайааччытыгар, доҕоругар И.И.Бочониҥҥа дорожниктар үлэлэрин - хамнастарын туһунан кинигэ суруйуох буолбут этэ. Ол кинигэни Мэҥэ Алдантан сылдьан суруйуом диэбитин Иван Иванович ылынан, массыынанан хааччыйыах буолан эрэннэрбитэ. Дьэ биир уоппускаҕа баһырхай былаан дии. Икки кинигэ суруйуута, онуоха эбии балыыһаҕа обследованиеҕа сытыы. Дьиҥинэн балыыһаҕа киирэр санаата суоҕа, миигин эрэ уоскутаары эппитэ быһыылааҕа. Уоппуска да хонуга биллэр, балыыһаҕа киирэр санаата суох буолан икки кинигэни суруйарга сөбүлэстэҕэ. Миигин, олох баҕата суох киһини, үнтү хаайан суоппар курсугар үөрэттэрэн права ылларбыта. Кыра массыына ылан иккиэн массыынанан сылдьыахпыт диэн ыраланара. Дьэ итинник былаан бөҕөлөөх киһи бэс ыйын 25 күнүгэр, ыһыах күн, даачабытыгар баран истэхпитинэ, үөрэ - көтө кэпсии иһэн, эппит тылын ситэ саҥарбакка, умса баран түспүтэ. Иҥнэн оҕуттаҕа диэн тардыалыыбын. Ол иннинэ суумканы икки өттүттэн тутан испиппит. Урут хаһан да миэхэ тутуһуннарбат бэйэтэ, тоҕо эрэ аҥаар өттүттэн тутарбын көҥүллээбитэ. Баҕар, мөлтөх соҕуһун билиммитэ дуу, билбэтим. Өссө ол иһэн ыалбыт, нуучча дьахтарын көрсөн дорооболоһон аастыбыт. Онно кинини көрөн наһаа аһынна, наһаа да мөлтөөбүт диэн. Бэйэтэ субу өлөн охтоору сылдьан киһи аһыныылаах. Ол иннинэ киэһэ Мэҥэ Алдантан бииргэ төрөөбүт кыра балта Тоня кэлбитэ. Онно наһаа үөрбүтэ - көппүтэ, сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ. Олох тупсан хаалбытын бэлиэтии көрбүтүм. Сарсыарда тураатын ыксат да ыксат буолбутугар ''Ээ, чэ, бэйэҥ бар, биһиги Тонялыын хойутуу барыахпыт'', - диэбиппин ылымматаҕа. Суумканы тутаат инникилии турбута. Дьиэбититтэн автовокзал чугас, ньачаас тиийдибит. Автобус хоҥноору турарын сүүрэн ситэн олорустубут. Олорор миэстэ суох, суббота күн киһи толору буоллаҕа. Автобуска туран өйдөөн көрбүтүм киһим куччаан хаалбыт. Тыый, миигиттэн улахан буолара, хайдах итинник кыччаата, бээ, даачаҕа тиийдэхпитинэ тэҥнэһэн көрүөхпүт диэн мэник санаа охсуллан ааста. Аны санаатахха, орто дойдутуттан букатыннаахтык барар ыйааҕа тирээн кэлбит эбит. Ону үтүө киһи дьиэтин да, даачатын да куһаҕаннык санатымаары сир ортотугар оҕуннаҕа. Ол иһин ыксаатаҕа, балта баарына, миигин куттаамаары бардаҕа. Тыын киллэрэ сатаатыбыт да хантан сатыахпытый. Тоня үрдүк үөрэхтээх биолог киһи моонньун тутан тыына быстыбытын тута быһаарбыт этэ да, миигин харыстаан эппэтэх эбит. Борисов Егор Афанасьевич кэргэнэ Прасковья Петровнаҕа эрийдим. Дьонум ыһыахха баран иһэллэр эбит, скорай ыытта ''Таҥараттан көрдөс',- диэтэ. Ол скорайы көрсө трассаҕа сүүрдүм. Скорай врачтара, нуучча уолаттара кэлэн реанимациялыы сатаатылар да кыайбатылар уонна бэйэҕит илдьээриҥ диэтилэр бһх, хомунан баран хааллылар. Арай онно иһиттэхпинэ, ким эрэ ис - иһиттэн эҥсэн сөҥ куолаһынан ытыыр саҥата иһиллэр. Ким буоллаҕай диэбитим. Онтон өйдөммүтүм, ол бэйэм эбит. Итинник суон куоластаахпын билбэт да этим. Онтон скорайбыт төннөн кэлэн ылла. Аны санаатахха, Прасковья Петровна барахсан дьаһайан скорайы төттөрү ыыттарбыт буолуохтаах. Сир - халлаан икки ардыгар аҕабыт өлүгүн аттыгар тугу да гынарбытын билбэккэ, соҕотоҕун туран хааллахпыт. Доҕотторугар эрийдим. Сэмэн Руфов ыһыахха баран иһэбин, автобуска симиллэн диир. Виталий Андросов барахсан ол түүн ииппит уола суорума суолланан бэйэтэ ыар аһыыга ылларан сылдьар эбит. Лукин диэн авиатор табаарыһын эрэ буллум. Кини кэлэн арыаллаан аҕабытын Медцентргэ морга уктубут. Правительство председателин бастакы солбуйааччы, ийэтинэн биир дойдулааҕа А.А.Стручков председателлээх правительственнай комиссия тэрилиннэн барытын дьаһайдылар. Саха.театрыттан таһаардыбыт. Управделами Кожевников дьаһайан хоруоппутун мас дьааһыкка уктубут. Онно дьиктитэ диэн, Прасковья Петровна ол дьааһыкка анал таҥаһынан түһэриҥ диэбитин иһин хоруобу аһан таҥаһы көрдөттөрдүм да булбатылар, онон көннөрү быанан уктубут. Өрүс пордугар бардыбыт. Парому кэпсэтэннэр күүтэн турар эбит. Аара Кальвицаҕа дьиэбит аттыгар тохтоон аастыбыт. Соһуйуом быатыгар паромҥа Петербурга көрсүбүт Ф. айаннаан иһэр эбит. Биирдэ Егор Петровиһы таптыыбын диэн ытаан турардаах. Хайдах оннук анаабыт курдук Егор Петровиһы сөбүлүүр дьон тиһэх суолугар атаарар курдук сөп түбэспитин сөҕө саныыбын. Ханна да тохтообокко айаннаатыбыт. Томпо кыраныыссатыгар Мэҥэ Алданнар көрүстүлэр. Онтон кубус кураанах трассаттан дэриэбинэҕэ туоруур суол ибис инчэҕэй. Курулас ардах кутан ааспыт. Өссө ол киэһэ дьоммут дьиэтин ким эрэ тоҥсуйбут. Эдьиий тахсан көрбүтэ ким да суох үһү. Сүрдээх улахан холорук тыал түһэн, ардах курулаппыт. Онтон аҕабытын дьиэҕэ киллэрбиттэрин кэннэ соттор ылыахха наада, сотторун укпатахтар этэ диэбиппэр бу сылдьар дии диэн хоруоп иһиттэн соттордору булан таһаардылар. Дьиибэ баҕайы. Ол аата иккиһин түһэрбэтиннэр диэн аньыырҕаан анал соттордору кистээтэҕэ дуу, билбэтим. Сарсыныгар Культура Дьиэтигэр бардыбыт. Арай олбуор иһиттэн ытамньыйбыт учуутала Пантелеймон Романович Дарбасов тахсан иһэрин көрдүм. Аҕам саастаах саха эр киһитэ ытамньыйбытын көрбөтөх буолан соһуйдум.

Мэҥэ Алданнар бары да уолларын аһыйбыттара, баар - суох соҕотох суруйааччылара этэ буоллаҕа.

Неймоховтарга наһаа үчүгэй олохторугар девиз курдук этиилээхтэр. ''Ууга да бырахтахтарына, балык уобуулаах тахсыахпыт'' диэн. Оннук да курдук оптимист дьон».

WhatsApp Image 2020-04-07 at 21.32.50 (1).jpeg

WhatsApp Image 2020-04-07 at 21.30.22 (1).jpeg

Журналист, Ильмень сэриитин кыттыылааҕа Иннокентий Канаевтыын

WhatsApp Image 2020-04-07 at 21.30.22.jpeg

Хаҥастан бастакы В.Перминова, Борисово сельсовет председателэ, 

аттыгар СӨ тутуутун министрин солбуйааччы Белолюбскай.

Салгыы Егор Петрович Неймохов туһунан ахтыылары, ыстатыйалары сыылкаларынан киирэн билсиэххитин сөп:

Смотрите также