Олох кэрэтэ
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Другое
12.10.2021

Олох кэрэтэ

Просмотры: 1971

(Хамсык ыарыы бириэмэтигэр биэнсийэлээхтэр олохторо)

 

Олох кэрэтэ-сиэдэрэйэ,

Олох үөрүүтэ, дьоло

Баар буоллун барыгытыгар!


Балтараа сыл буолла хоруона хамсыга Аан дойду үрдүнэн бүрүүкээбитэ. Бу бириэмэ устата олохпут олуга киһи түһээн да баттаппатах өттүнэн уларыйда. Хоруона хамсыгын хаарчаҕа үлэҕэ, атыы-эргиэн, үөрэх тэрилтэлэригэр, сынньалаҥҥа күн бүгүнүгэр диэри салҕанар.

Бу хаарчах бириэмэтигэр биэнсийэҕэ олорор аҕам саастаах дьоммут олохторо хайдаҕын бүгүн билсэ таарыйа кырдьаҕас биир дойдулаахпар эрдэттэн сөбүлэҥин ылан сырыттым. Кини 80 саастаах үлэ бэтэрээнэ, үрдүк үөрэхтээх экэнэмиис идэлээх, улахан ыал далбар хотуна. Икки оҕото тыа сиригэр идэлэринэн үлэлии анаммыттара, устунан ыал буолан олохсуйа хааллылар. Бэйэтэ куоракка улахан уолугар олорор. Сиэннэрэ үлэһиттэр, туспа олороллор. Саха сэмэй, сэрэх омук, ол иһин аатын эрэ суруйарбар көрдөстө.

Убаастабыллаах ааҕааччылар! Мантан аллараа Нөнүөһэ (Надежда) хамсык бириэмэтигэр тугу дьаһаммытын, хоруона туһунан туох санаалааҕын кэпсээбитин билсиҥ.

Бастаан ыраах сытар Кытай сиригэр ыарыы турбут диэн тэлэбиисэринэн көрөн, радионан истэн баран урут да баар вирус, биһиги тымныы дойдубутугар өлөн кэлбэт ини дии санаабытым. Саргылаах Саҥа дьылы оҕолорбунаан, сиэннэрбинээн, хос сиэннэрбинээн бары мустан үөрэ-көтө ыллыбыт. Ороһуоспаҕа Орджоникидзе, Ленин болуоссаттарыгар баран муус оҥоһуктары көрдүбүт, дуоһуйа күүлэйдээтибит.

Хоруона хамсыга Аан дойдуга тарҕанан барда. Сотору Саха сиригэр хантаахтаах дьон элбээн ыалдьан бардылар. Саас кэлэн ириэһин буолан истэ. Биир күн улахан сиэн кыыһым “удаленно үлэлиир буоллум” диэн кэлэ сырытта. Киэһээ уолум: “Ийээ, аны таһырдьа сылдьыбаккын, туохха наадыйаргын эрдэ төлөпүөнүнэн этэр буолаар, дьүөгэлэргэр, аймахтарбытыгар сылдьыбаккын”, - диэн соһутта. 

Дьэ олох күүппэтэх өттүбүттэн дьиибэ олох саҕаланна. Грипп курдук ааһар ини дии санаабытым ээ, бастаан. Түөрт истиэнэҕэ хааллан олоруу саҕаланна. Тэлэбиисэргэ аны хас киһи ыалдьыбытын биллэрэр буоллулар. Онтон хас киһи олохтон туораабытын суруйдулар. Болкуонунан көрдөххө оҕо балаһааккатыгар аҕыйах оҕо хам-тум кылгас бириэмэҕэ оонньууллар. Дьэ биһирээтим куйаар ситимин! Күн тура төлөпүөнүнэн оҕолорбун, сиэннэрбин, аймахтарбын, дьүөгэлэрбин доруобуйаларын, тугунан дьарыктаналларын кэпсэтии, бассаабы ааҕыы саҕаланна. Бассаабынан илиигитин суунун, маската кэтин, итии уута иһин, имбирдэ, лимонна, чеснокта сиэн диэн биллэрии, хайдах тыынары үөрэтии, онтон да атын сүбэ быыстала суох кэлэр буолла. Медицинэ үлэһиттэрэ араас көмүскэнэр буормаланнылар. Элбэх саҥа аппарааттар ылылыннылар, хаһан да истибэтэх ааттаах ыарахан сыаналаах эмтэр үөдүйдүлэр. Киһи өлүүтэ Россия, Саха сирин үрдүнэн элбээн истэ. Кытайдары тэлэбиисэргэ көрдөххө уулуссаларын кытта эмтииллэр, ол иһин сотору үтүөрдэхтэрэ буолуо, тоҕо эрэ “ньам” бардылар. Ону кытта саныы олорбуппун билбит курдук араас хоһооннор бэчээттэнэр буоллулар. Дьон тыл сүмэтин таба тутан уус-ураннык суруйалларын сөхтүм! Олортон кэлин биир хоһоону сөбүлээтим, ону бу суруйан ылбыппын бэчээттээр эрэ. Ааптара Е. Васильева диэн этэ.

 

Кэлэр барар дьоннорго

Үөрбэт буолан эрэбин...

Чэйи кутан биэрэр бэйэм

Киирбэтэллэр эрэ диибин...

Онно манна сылдьыбаппын.

Килиэп эрэ ылабын.

Кэлээт илии суунабын,

Таҥас таһырдьа быраҕабын...

Бары барыта куттал буолла,

Дьиикэй олох дьэ кэллэ.

Бассааб нөҥүө сыстыбатар

Эриһиэхпит этэ буоллаҕа.

Тураат наар кэтэнии,

Сыты билэри мананыы,

Кими кытта кэпсэппиппин,

Контаактара кимнээхтэрин...

Иэдээн олох диэн бу эбит,

Тура тура илии суунуу,

Дьонтон куота сылдьыы,

Өлүмээри тарахаччыһыы...

Хаһан сүтэн абырыыр!

Дьоннуун бииргэ хаамсабыт!

Чэйи иһэ иһэбит

Кэпсэтэбит, сэлэһэбит...

Аҕынным даҕаны дьоннорбун,

Алтыһар күндү дьүөгэлэрбин.

Күммүт ойуо, ыарыы сүтүө

Көрсүһүөхпит хайаан да!

 

Сотору учуонайдар вакцина оҥорон эрэллэрин сонуннарга кэпсээтилэр. Вакцина туһунан элбэх кэпсэтии бассааб нөҥүө күүскэ барда. Ким эрэ сэнээрэр, ким эрэ утарар. Бэйэм санаабар оннооҕор уоспаны сир үрдүттэн кыайбыттара, бу хамсыгы да хаайар инилэр диэн саныыбын. Суһаллык хомуллан Сэргэлээххэ сайылыкпытыгар көстүбүт.

Ыһыах буолбата, хааччах сымнаабата. Инньэ гынан сайыммыт күннэрэ олбуор иһинэн бүппүт курдук буолла. Күһүн саҕаланан дьэ хоруонабыт хаарчаҕа сымнаан ылла. Дойдубар тахсаары баҕа бөҕө да, аны аймахтарым ыарыйдылар... Киһиэхэ бэйэтигэр эрэ тиийдэҕинэ билэр эбиккин. Ол курдук хамсык ыарыы кырдьык кутталлаах диэн соччо итэҕэйбэт этим. Оҕо сааспытыгар бииргэ оонньоон улааппыт дьүөгэм олохтон барда, тиһэх суолугар быраһаайдаһары да көҥүллээбэтилэр. Онтон олус ытыктыыр, киэн туттар биир дойдулааҕым, ХИФУ профессора кэргэнинээн аҕыйах хонукка бу хамсыктан күлүм гыннылар. Итинник бииртэн биир өлүү саҕаланан барда. Үксэ биэнсийэлээхтэр, аҕам саастаахтар. Мин дьэ кэлэн кырдьаҕаспын билбит курдук буоллум да санаам бөҕөх. Сарсыарда турарбар: “Айыы Таҥарам уһугуннарбыккар махтал!” - диир буоллум. Аны оҕолорум, сиэннэрим ыалдьыахтара диэн мэнээк сылдьыман диир буоллум...

Өлбөт мэҥэ уутун курдук санаан күн аайы вакцина хаһан көҥүллэнэрин күүтүү саҕаланна. Ахсынньы ыйга медицинэ үлэһиттэрэ хоруонаны утары быһыы ыллылар. Куйаар ситимигэр быһыыны утары араас санаалар бэчээттэннилэр. Олох киһини итэҕэтэр курдук оннук чииптээх, маннык ыарахан содуллаах диэн. Даҕатан туран сахалыы дойдубут үүнээйитинэн эмтээһин сүбэлэрэ харыыта суох бэчээттэнэн барда. Сөп ээ, былыр отунан-маһынан эмтэнэн саха омук тыыннаах кэллээхпит дии.

Курус Саҥа дьыл ааста, сиэннэрим куйаар ситиминэн эҕэрдэлээтилэр. Тыаҕа олорор оҕолорум аҕыйах чаас бииргэ остуолга олорон кэпсэтэн бардылар. Бу олорон Октябрина суруйбут хоһоонун өйдөөн кэллим:

 

Сылайдым даҕаны ыарыыттан,

Барыттан куттана сылдьартан,

Сэлэһэ ыалларбар барбакка

Кэтэнэ-мананан биэрэртэн.

Оҕобун астына кууспаттан,

Иэйэммин кэпсэтэ түспэттэн,

Сиэннэрбин аттыбар көрбөккө

Ситимҥэ алтыһан ылартан.

Дьүөгэлэрбин эмиэ суохтуубун

Дыыгынаһа күлэ мустары,

Оҕо саас кэмигэр эргиллэн

Мэниктээн дьээбэҕэ тиллэри.

Олбуорум иһигэр хаамабын.

Ыраахтан ойууру көрөбүн,

Оргууйдук суугунуур сипсиэрин

Истиэхпин олуһун баҕардым.

Дойдубар тиийбэтэх ыраатта.

Мүөттээх салгынын аҕынным,

Маанылаах айылҕа дуолугар

Дуоһуйа күүлэйдии тэбиэхпин.

Тохсунньуга дьэ хоруона хамсыгын утары быһыы ыллым. Хата ким да “кырдьаҕаскын, элбэх хараныычыскай ыарыылааххын” диэбэтэ. Киһи да сонньуйар. Икки күн уҥуохтарым кыйан баран син ааста. Көмүскэллээх курдук сананным, үөрдүм-көттүм. Иккиһин ыллым, этэҥҥэ ааста. Саллаат сулууспата бүтэрин кэтэһэрин курдук 42 хонугу күүтүү кэмэ саҕаланна. Истиэнэ халандаарыгар бүтэр күммүн бэлиэтэнэн истим. Күүтүөх диэтэххэ эчи уһуна, күн ааһан биэрбэтин биллим.

Ити курдук быһыы ылан сотору сиэннэрбин түннүгүнэн эрэ көрөн, буортачканан кэпсэппэккэ кууһан минньигэс сыттарын сүрэхпэр-быарбар киирэр гына сыллаан ылаттаатым! Тыаҕа олорор оҕолорбун, сиэннэрбин кытта дьэ киһилии көрүстүбүт, кэпсэттибит. Ама мантан үрдүк үөрүү баара буолуо дуо!

Ревакцинация эмиэ ылан олох куттаммат буоллум да дьонноох сиргэ сылдьа сатаабаппын.

Күһүн кэлэн аны ОРВИ көбүөхтээтэ, хамсыгынан ыалдьыы тиэстэ үллэрин курдук элбээн эмиэ хаарчах кытаатта. Эчи дьон вакцина ылан да испэттэрэ тугун сүрэй! Билигин да быһыыны утаран суруйуу бөҕө, ону аны аахпаппын, сотторон иһэбин. Ити “ревакцинация дьон бары ыллахтарына эрэ туһалыыр” диэн Сколковскай институт молекулярнай генетика лабораториятын сэбиэдиссэйэ ученай Константин Северинов иһитиннэрдэ. Онон эмиэ сайылыгым олбуорбуттан тахсыбат буоллум. Кириэс Халдьаайы олохтооҕо Борис Павлов айбыт хоһоонуттан кылгатан ааҕан кэпсээммин түмүктүүм.

 

ТУЛУЙ!

(Бар дьоммор бу ыарахан күннэргэ)

Бүгүн таһырдьа хахсаат тыаллаах.

Халлааны сабардыыр көһөҥө былыттааах.

Күн аайы бүтэн биэрбэт

сурах-садьык, дьаҥ-дьаһах,

Барыта сындалҕаннаах, сыралаах.

Билэбин бүгүн Эйиэхэ

Наадалар сылаас тыллар.

Сүрэхтэн сайан тахсар иһирэх этиилэр,

Өйгүн-санааҕын сааһылыыр санаалар,

Сүргүн көтөҕөр саргылаах иэйиилэр.

ТУЛУЙ!

Күүстээх санаа тугу барытын кыайар.

Ыллыктаах толкуй санааны сааһылыыр.

Баҕа санаа айалары алдьатар,

Туһахтары барчалыыр.

Салгын сайгыыр. Уу ыраастыыр. Алгыс арчылыыр.

ЭРЭН

Эйиигин үчүгэй эрэ дьоннор тулалыыллар,

Төрөөбүт алааһыҥ,

Дойдуҥ, дьонуҥ

алгыыллар,

Үтүөнү-кэрэни баҕараллар.

ТУЛУЙ!

Көхсүттэн тэһииннээх саха оҕото,

Киһи ньоҕойо,

Айылҕа сорҕото.

Ытык киһи ыччата,

Дьоһун киһи дьоло,

Айыылартан алгыстааҕа,

Аһыныгас майгылааҕа,

Өбүгэ саҕаттан ыарахантан

чаҕыйбат үөрүйэхтээҕэ.

Тулуй!

Тулуй!

 

Матырыйаалы хомуйда

Уваровская И.В.

Смотрите также