«Мин сибэкки буолбатахпын»
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Другое
17.05.2021

«Мин сибэкки буолбатахпын»

Просмотры: 2522

   Быйыл сахалартан бастакы поэтэсса Варвара Николаевна Потапова – Кутурҕан Куо баара эбитэ буоллар 75-сааьын туолуо этэ. Кини оло5ун туьунан сырдатар буоллахха Ньурба улууһун Сүлэ нэһилиэгэр ыам ыйын 13 күнүгэр 1946 сыллаахха төрөөбүтэ. 1966 сыллаахха Ньурба маҥнайгы нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрээт, Саха государственнай университетын саха тылын уонна литературатын салаатыгар киирбитэ. Ити сылларга "Сэргэлээх уоттара" литературнай куруһуокка дьарыктаммыта.

   Варвара Потапова айар үлэтигэр сонун тэҥнэбили, уобарастааһыны үгүстүк туһанара. Айымньыларын аахпыт ааҕааччы түмүк санаата аһаҕас хаалара. Кини сахалартан бастакы кырдьыгы суруйар уонна бэйэтин ис санаатын кыбыстыбакка этэр поэтесса буолар. Ити кэмҥэ үксүн айылҕа, таптал туьунан суруйар эбит буоллахтарына кини аан бастакы киьи дууьатын дьылҕатын ис иэйиитин суруйан саҕалыыр. Ол иьин кини айымньыылара баҕар бэйэтин кэмигэр сыаналаммакка хаалбыт буолуохтарын сөп.

   Варвара Потапова айар улэлэрэ бу куҥҥэ дылы умнуллубакка араас кинигэлэргэ, тыйаатыр испэктээктэригэр туьаныллаллар. Маннык ураты айар куттаах киьи олорон барбытыттан киһи сөҕө махтайа саныыр.




Смотрите также