Конкурс «Арай биирдэ айылҕаҕа»
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Конкурс
30.11.2020

Конкурс «Арай биирдэ айылҕаҕа»

Просмотры: 9712

Проголосовать можно здесь.

Захаров Пантелеймон Романович.jpg

1 участник. Захаров Пантелеймон Романович, 56 лет. с. Дэбдиргэ Таттинского района. 

Дьэргэ уонна Дьүккү

Үүтээн кэпсээнэ

Арай биирдэ ити Убайдары кытары, кэлин кырдьан пенсияҕа тахсыбыттарын кэннэ, ат тутуһан турардаахпын. Ол маннык этэ. Биир үтүө күн нэһилиэк аатырбыт сылгыһыта Өлүөскэ Никиипэрэп эрийэн: “Налаҕаайы диэн алааска аттары хаайдылар, онно кэлээр”, - диэн чиҥ-чаҥ соҕустук этэн кэбистэ. Сып-сап курдук хомунан Оҕонньордуун Налаҕаайыга тиийэн Дьэргэни кэтэһэ сыппыппыт. “Дьэргэ кэлэн быһаарыа, өҥдөҥнөөмө, сыт!”– диэн буолла. Ол киһибит Саҥа Олох диэн Чурапчы сириттэн доҕорун Дьүккү (Өлүөскэ Никиипэрэп хос аата) көрдөһүүтүнэн ат тута кэлиэхтээх. Киһибитин кэтэһэ таарыйа кэпсэппитэ буоЛа сыттахпытына тиэрбэскэ хаайыллан мэччийэ турар аттарбыт чөрбөҥнөһө түспүттэрэ, мин көрүүбэр илин диэки көрүү бөҕө. Инньэ диэбиппэр: “Ол аата Дьэргэ кэллэҕэ,”- диирин кытта маҥан аттаах киһи туос бөтөрүҥүнэн диэҕи ата айаннаан түргэн сиэлииннэн сирилэтэн кэлэн чөрөҥөлөһө турар аттарбытын аттыларынан сиирэ көтөн ааспыта, өйдөөн көрбөккө да хаалтым, ааһан иһэн баҕар баһылык аты иҥэһэлээх саппыкытынан тэбэн, таарыйан ааста быһылааҕа. Аттарбыт олох соһуйбут омуннарыгар аты эккирэтэн, эрдэттэн аһыллан бэлэмнэммит ааннарынан тиэрбэстэн тиэрбэскэ түһэн хохуолаҕа киирбиттэрин билбэккэ да хаалбыттара. «Ат сүүрдэҕинэ ыт хаалбат” диэн өс хоһоонун өйдөөн кэлэҕин. Хор, ити курдук абытайдык сылгыны баһылаабыт Убайдар этэ, биһиги буоллар сатаан туппакка сор бөҕөтүн көрөр этибит. “Дьэргэ кэлэн быһаарыа,” - диэн Дьүккү этиитигэр хайдахтаах курдук бэйэ-бэйэҕэ эрэнсии, сөҕүмэр кырдьык баарын сытыытык өйдөөн турабын. Дьиҥэр мин Дьэргэ кэлиэхтээҕин билэр киһи ити курдук тыа быыһыттан супту ойутан тахсан Ньургун Боотур курдук ойутан киириэ диэн түһээн да баттаппатах ньыматын кэлин өйдөөн соһуйан хаалбыттааҕым, ол курдук бэйэлэрэ эрэ сатаан туттар албастара элбэх эбит этэ. 

Дьэргэ диэн норуот ааттаабыт аатыгар тохтуур буоллахха, истэ түһээт дьэргэччи көрбүт киһи курдук өйдөбүл үөскүүр. Дьиҥэр бу ааты сылгыһыттар ааттаабыттар үһү. Дьэргэ туһунан өр сылгыһыттаабыт дьон саллан кэпсииллэрин элбэҕи истибитим. Бу Дьэргэ биир дьиктитэ – сылгыны эрингиэн курдук курдат көрөр, билэр идэлээх дииллэрэ. Биирдэ эмит сылгыһыттар бырааһынньыктарыгар (ол кистэл буолбатах), ханна барыай убаһа эҥин өлөрүүтүгэр, аһылык кэннэ аты атыылааһын, эҥинэ соноҕос, эргиэн-урбаан дэлэй буоллаҕа. Дьэ оннукка Дьэргэ аан бастаан көрөр сылгытын туох кыдьыктааҕын, төһө саастааҕын тута туруору билэн уот харахха кэпсээн биэрэр ураты дьоҕурдааҕа. Холобур, бу туох будуруук сылгытай диэн уҥуоҕун быһыытыттан көрөн билэн салыннартыыр эбит, онон Дьэргэни билбэт киһи атыылыырыгар ат сааһын түһэрэн, эдэримситэн атыылаан туһа суох. Оччотугар Дьэргэ диэн хос аата сылгыны көҥдөй көрөн билэрин кытта сибээстээх буолан тахсар. Урут ат сүүрдүүтэ буолар эрдэҕинэ Дьэргэ биири да көтүппэккэ сылдьааччы, ол эрээри акка укса сылдьарын биирдэ да көрбөтөҕүм. Хаарыаны, уксара эбитэ буоллар, оччо эрингиэн курдук көрөр киһи, хайа ат баайыыта сиппитин, төһө кыахтаах сүүрүгүн эндэппэккэ билэр буолан курдат сүүйүүлээх тахсара эрэбил этэ. Арааһа дьону соролуурун сөбүлээбэт буолуохтаах. Ол курдук сэмэй, ураты киһи этэ, таҥара да талааны көрөн-билэн анаан эрдэҕэ... Ат сүүрүүтүгэр Дьэргэ аттыгар дьэ киһи бөҕө ыксалаһааччы, мин эмиэ сэмээр кэлэн туох эмэ сыаналаах информацияны истээйэмий диэн турар буолар этим. Онно иһиттэхпинэ ким да быһа бааччы: “Ол ат хайдаҕый? Бу акка уктахпына кыайыам дуо?” – диэн туруору ыйыппаттар этэ, барыта ханарытан, үһү-тамах курдук: “Ат туруга хайдах быһылаах?” - диэбит курдук ыйытааччылар. Уопсайынан, айылҕаҕа сылдьар булчуттар, сылгыһыттар харчыга-баайга ымсыыта суох сэмэй дьон буолааччылар. 

Дьэ сити курдук муус-болгуо дойдуга төрөөн үөскээн, айылҕаттан мындыр, сылык дьоҕурдаах, Дьэргэ диэн норуотуттан таптал ааттаах киһи киэнэ кэрэмэһин, саха саарынын кытта алтыһан ааспыт дьоллоохпун.

Винокуров Василий Васильевич.jpg

2 участник. Винокуров Василий Васильевич 20 лет. Среднеколымский улус, с. Алеко-Кюель. 

Маҥнайгы булт. 

Арай биирдэ айыл5а5а бултуу сылдьан маннык тугэн буолан турардаах... 

Ыам ыйын 28 кунугэр 2012 сыллаахха тугэ5э костубэт, аарыма улахан Бабылыан диэн эбэ5э кустуу барарга соруммуппут. Мин оччолорго 12 саастааах улахан бултка сурэхтэнэ илик уолбун. Эбэбитигэр мин , эьэм уонна убайым буолан тракторынан киибиппит. Балатка туруорунан , дурда оностон, мончууктарбытын бырахтан дьэ куьу кэтэьэн олорбуппут. Мин бастакы саам уон алталаах икки уостаах саа этэ. Мин эьэьин кытта биир дурда5а олорн маныыр этибит. Бастакы тууммутугэр байанай тугунан да кундулээбэтэ. Арай сарсыарда уьуктубутм тон саапас (туман) туспут этэ. Мин чэй оргутаары куолгэ уу баьа киирдим. Саабын сугэн киирдим. Арай уу баьа турдахпына мончууктар быыстарыгар 5 анды туьэн олорор эбит.Мин ыксааммын андыларбын корон  баран турабын. Отто ойдонон , кустарбын кынааатым уонна чыыпыспын (курок) тардан кэбистим да , саам тэбиититтэн олоро тустум, андыларым туман быыьыгар котор сутэн хааллылар. Мин саабын ылан, чэйбин салгыы оргута бардым. Саам тыаьыттан эьэм уьугунна. Барытын кэпсээтим кини ойдоото. Ол курдук 7 кун тургэн ба5айытый ааьан хаалла. Син байанай кундулээтэ. Икки суусчэ кустанныбыт. Бутэьик тууммутун маныы киирдибит. Арай ол олордохпутуна отууга рация хардьыгынаата. Эьэм баран а5ал диэтэ. Арай чугаьаан истэхпинэ, рацияга " Баьылай , баьылай?" диэн ынырар куолас иьилиннэ. Мин тургэн со5устук эьэбэр илдьэн биэрдим. Ол иьиттэхпинэ чугас кустуу сытар булчуттар биьиги диэки тыатаа5ы баран иьэр диэн сэрэттилэр. Мин итини истээт унуо5ум халыр босхо барда. Уьуон мустан отуубутгар  кэтэьэн олордубут. Дьээээээ, ол олордохпутуна куол урудунэн мууьунан ( куол сана ырбыылабыт кэмэ)  туман быыьыттан  кулук костон иьэр. Эьэриэс ( сыл анараа оттугэр торообут эьэ о5ото) тахсан кэлэн утары олорунан кэбистэ. Ор одуулаан биьигини сытыр5алыы-сытыр5алыы олордо. Ону биьи олус улахана суо5ун корон уоскуйдубут. Иннэ дии саныы туьээппитин кытары ол эьэриэспит кэтэ5иттэн, икки тогул улахан кулук костон кэллэ. Ол эбэтэр кини со5отох буолбакка ийэтин кытта сылдьар эбит. Бары куттанан , чугас бултуу сытар дьоннор кэлэн, тыас-уус таьааран нэьиилэ кыйдаан уурдубут. 

Ол сыл бастакы кустааьыным буолан эбиитин тыатаа5ыны бастыкыбын корбут буоламмын ити булт ойбор ор сылларга хатанан хаалла.

Петров Афанасий Прокопьевич.jpg

3 участник. Петров Афанасий Прокопьевич 55 лет. Вилюйский район, с. Лөкөчөөн. 

Суруллубатах сокуон.

Аан тыл

Мин бу кэпсээним уонча сыллааҕыта буолбута.Улахан интэриэһинэй да,көрдөөх да дии санаабаппын.

Ол эрэн айылҕаҕа сиэр-туом,суруллубатах сокуоннар бааллар.Көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн кэллэҕэ. Сороҕо умнуллубута да буолуо.

Арай биирдэ айылҕаҕа буоларын курдук,күһүҥҥү булка үһүө буолан хомунан дэриэбинэттэн түөрт көстөөх сиргэ таҕыстыбыт.

Кыттыгас дьонум аймах уолаттар.Туолук диэн улахан саҥата -иҥэтэ суох мүчүҥнүү сылдьар киһи,миигиттэн аҕа саастаах. Онтон быраат соҥ соҕус саҥалаах,син кэпситэнньэҥ Ыстапаан диэн.

Дьэ тиийиэхтээх сирбитигэр борук-сорукка кэллибит. Уруккута баазата, Куба Саарбыт диэн сир.Өтөҕөҕүн аата  Сайылык диэн.

Аттарбытын сыбыдахтаан, сойута баайталаан баран,кэлбит дьон быһыытынан күөстэнэн,аһаан -сиэн, күө-дьаа буолан баран,аттарбытын өртөөн утуйардыы саҥа оҥостон истэхпитинэ , ыт үрэрэ иһиллэр.Бэйэ бэйэбитин көрүстүбүт,Ыстапаан иһиллии таҕыста,өтөр буолбата киирэн кэллэ-Сыырдаах диэкки үрэллэр,ыттарбыт онно ыстаннылар, барабыт дуо? -диэтэ. Чугас Сыырдаахха эмиэ булчуттар бааллар.Барар буоллахпыт дэһээт,фонарик, саа үрдүгэр түстүбүт.Уоттанан -күөстэнэн ыттарбытыгар бардыбыт. Чугаһаан баран истибиппит  ыттарбыт элбээн хаалтар.Ынараа дьон ыттара эмиэ бааллар.

Дьэ балыҥка буолла,ынарааттан эмиэ кэлиэхтэрин сөп,хараҥаҕа сэрэхтээх,утарыта киириэххэ сөп. Дьэ туран тыас иһиллиибит,кэтэһэбит.Ыттарбыт олох чугас сылдьаллар,кэтэһэн көрдүбүт, биллибэттэр.Ыстапаан чэ чугаһыах, тыктардым да ытаарыҥ диэтэ. Үһүөн кэккэлэһэн баран киирдибит, им балай, нэһиилэ хаамабыт.Киһибит чэ диэт тыктараатын кытта субуруттубут.Табыллан оҕутта, ыттар тардыалаһыы бөҕөтө.Тиийэн көрбүппүт аарыма, биэстээх атыыр эбит.Үөрүү -көтүү буолан дьоммутун кэтэстибит.Син -биир суохтар. Хайыахпытый иһин хайытан ыттарбытын аһаталаан баран сорох ыппытын сиэтэн сарсыарда кэлэрдии өтөхпүтүгэр төнүннүбүт. Тыҥ эрдэ кэллибит, дьоммут ыттара суохтар,хата тугу да тыыппатахтар.

Дьэ кэлэллэр ини араҥас оҥоро, оҥоро кэтэстибит.Ол курдук кэлбэтэхтэрэ.

Күһүн кыайан таба түбэһэн көрсүбэтэхпит,хайа охсор аҥаарын ырдан ылбыппыт. Аҥаарын өлүүлээн хаалларбыппыт.

Дэриэбинэҕэ кэлэн көрсөн өлүүгүтүн ылаарыҥ диэбиппитигэр дьоммут соһуйуу бөҕө, үөрдүлэр даҕаны. Олох да билбэккэ сылдьыбыттар, сарсыарда эрдэ туран барбыттар тыаспытын да истибэтэхтэр эбит. Ыттара тот сылдьалларын да көрбөтөхтөр, дьыалайдаабатахтар.

Ыттара бултаспытын иһин өлүүлээтэхпит. Ол дьэ суруллубатах сокуон

Сороҕор итинник да түгэннэр баар буолаллар.Кэнэҕэскитин маннык да буолуо дии санаан суруйдум. Биир эмит ыччат таба көрөн, ааҕан билиэ,кэлэр ыччатыгар айылҕа суруллубатах сокуоннарын тугу билбитин -көрбүтүн кэпсиэ диэн эрэнэбин.

Лаптев Константин Николаевич.jpg

4 участник. Лаптев Константин Николаевич 57 лет. Среднеколымский район, с. Алеко-Кюель. 

Тыатааҕы. 

Тымныыттан чысхаантан толлубакка,

Өҥүрүк куйаастан иҥнибэккэ,

Булт алыптаах абылаҥар ылларан,

Сорсуннаах булчут буолан аатырыам.

Мин бу тубэлтэни,9 кылааска сылдьан суруйбут хоһооммунан саҕалыахпын баҕарабын.Сахалар былыргыттан уол оҕону төрөөбүт алааһын,айылҕатын таптыырга,харысхаллаах буоларга,хаһаайынныы сыһыаннаһарга иитэллэр.

Бу мүччүргэннээх быһыы,эдэр эрдэхпинэ 1998 сыллаахха, сир дойду сирэн күөҕүнэн симэнэн турдаҕына буолбуттаах.Биир күн ииппит аҕабын Гаврил Дмитриевиһы кытта бултуур сирбитигэр балыктыы сырыттыбыт.Күнүс үлэлээн-хамсаан, сылайан, түлүк уубутун утуйа сыттахпытына ыттарбыт ур да ур буолан айманнылар.Биһиги сэрэхидийэн саабытын туппутунан таһырдьа ойдубут.Көрбүппүт 6 миэтэрэ чугас тыатааҕы дьиэбитин тула сылдьар.Ыттарбыт урэ урэ эһэ самыытыгар түһүөкэлииллэр.Санаабар тыатааҕы сүгүннүө суох курдук.Көмүскэнэр санааттан тыатааҕы туһун диэки ытан саайдым.Сыыһан кэбистим.Тыатааҕы утары ыттым.Эмиэ сыыһан кэбистим.Тыатааҕы утары иһэрин көрөн үһүстээн ытан саайдым.Дьолго таптым.Тыатааҕы таралыйар мас иэнинэн баран түстэ.Аҕабын кытта чугаһыырга сананныбыт.Эһэбит дьиҥ чахчы өлбүтүн билээри,мин саабынан күүскэ саайдым.Саҥа өлбүт ириэнэх барахсан ходьох гынна.Ону кытта аҕам соһуйан тиэрэ таһылла түстэ.Дьэ онтон өйдөөн көрбүппүт аҕам саата олох да ботуруона суох эбит.Били миигин манаан көмүскүөхтээх киһим олох да ботуруона суох саалаах сылдьыбыт.Ол түгэҥҥэ дьулаан этэ.

Киһи күлэрэ суохха дылы.Кэнники уоскуйан баран дьэ күллүбүт.

Ханнык баҕарар булчукка мүччүргэннээх сырыылара киһи өйүгэр,өйдүү-саныы сылдьарга,суруллан хаалар буоллаҕа.

Захарова Иванна Геннадьевна.jpg

5 участник. Захарова Иванна Геннадьевна 31 лет. Среднеколымский район, с. Алеко-Кюель. 

Арай биирдэ кэргэммин кытта куьунну куска бараары оноьуннубут. Продуктабытын ыллыбыт, эдьиийбиттэн Байанай диэн ааттаах ыттарын уларыстыбыт дьин бэйэбитигэр эмиэ ыттаахпыт Баатыр диэн. Дьэ хомунан айаммытыгар тагыстыбыт. Сиэни кырыылаан сатыы тиийиэхтээхпит. Баран иьэбит кербуппут сиэн кырыытыгар кураанах кустар чээстэр олороллор эбит кердум кербетум ытан саайдым, били биьи ыппыт саа тыаьын истэн утуруктуу2куотуу, ыныра сатаатыбыт да мэлэсээй. Чэ буоллун ессе биир ыттаахпыт диэн буолла. Ол ыппыт иннибитигэр суурэн хаалбыт саа тыаьын истэн суурэн кэллэ били ыппыт куспар тустэ уонна унуор таьааран кэбистэ араастаан ыныра сатаан кэбистибит, хантан истиэй куспун быьыта ыстаан баран быраган кэбистэ. Дальше айаннаан иьэбит аны ыппыт наар иннибитигэр, тиийэн кустары ургутэн иьэр оччонон баттах турда тиритии хорутуу да барда. Суолбутун ортолоон баран чэйдээтибит ыппыт учугэйи онорбут курдук аьаары бэлэм олорор. Ыппын санаатахпына олох кере2 ньиэрбинэйдиибин, ол суолбут ортотугар тиийиэхпитигэр диэри 5куьу унуор бырахтага уьу. Чэйдээн бутэн баран мас кэрдэн сиэммитигэр муоста оготун туттубут онон унуор тагыстым, кэргэммэр рюкзакпын бырах диэтим, бырахта унуордаабата ууга тустэ нэьиилэ отунан-маьынан нэьиилэ хостоон таьаардым. Дьэ нэьиилэ айаммытын айаннаатыбыт. Кустар саналара иьиллэр уемэн тиийдибит ээ уонна дьэ сэрии сагаланна. Ыппыт иьиттим истибэтим эмиэ ууга баар буола тустэ чуть эрэ ыппытын ытан кэбиьэ сыстыбыт, хата унуор тахсыбытым да учугэй эбит кустарбын нэьиилэ былдьаьан ыллым ээ. Тиийиэхтээх сирбитигэр тиийдибит 5чаастаах уьун айан болбут. Хаартыскага туьэрэрбин кыра эрдэхпиттэн себулуубун айылганы оту-маьы диэбит курдук. Тьюй сиэ били маарыын рюкзагым сиэбигэр уган кэбиспит эбиппин, сибиитэрэм сиэбиттэн туьэн хаалыа диэммин  телефона сох хаалбыппын. Настроение вообще алдьанна. Киэьээнни ужин буолла аьыы туьэн баран куска тахсарга быьаарынныбыт. Тахсаннын маста хайытан киир, мин ас бэлэмнээн эриэм диэн буолла киьим тахсан баран мунуутэ да буолбата тептеру киирдэ, аны сугэтин угун тосту саайан кэбиспит. Тахсан кыра мас хомуннубут мин ньиэрбинэйдээн хайдах буолуохпун билбэппин, иьим иьигэр ботугуруу2сылдьабын. Онуоха кэргэним Киэьээнни мэлииппэгин ааган эрэгин дуо? Диэн киьини куллэрдэ уордайбытым ханна да суох буолла. Наьаа учугэйдик чэйдээн бутэн куспутугар тагыстыбыт. Дэьээккэ оноьуннубут, радиобутун холбоотубут дьэ ытарга бэлэммит. Олоробут уу чумпу туох да сох. Мин кроссворд таайа олоробун, арай Дьэ киьим ытыалаата ээ мин соьуйан ручкам атын сиргэ кроссворд ум атын сиргэ кеттулэр мин саам урдугэр тустум ытаары кербут ум, бардахтара ди миигин кэтэьэн олоруохтара да, киьибэр этэбин хайаан сэрэппэтин диэн, онуоха бэйэн эттин ди- дии диир, ону мин ээ дуо диибин уонна кэтэхпин тарбанабын, агыйах секуундэ саната суох олордум, онтон Дьэ ейдеен кэллим уонна кулэн тогу бардым хайдах бэйэм же этэн баран умна охсон кэбиспит уьубуен. Тохтобула суох уонча мунуутэ быар иниирэ тардыар диэри куллубут. Дьэ тохтоон уоскуйан баран ручкабын кроссвордпун кердуубун ручкам дэьээккэм таьыгар, кроссвордпун тэпсэн кэбиспиппин барыта бадараан буолан баран сытар эбит. Туунун теье эмит кустар кетеннер санаа да кетегулуннэ тонмутум да ааспыт курдук, ыппыт киирэн ылар теье эмит, аны тыыннаах эрэ куьу ылар эбит, елбут буоллагына киирэн да бэрт бутэьигэр уурэн кэбистим ыппыт барда. Олоробут иьиллиибит арай тараахтар тыаьа чугаьаан2иьэр, онтон бу баар буола тустулэр. Баьаарга баран эрэллэр эбит бригаданан аны ол сиэммитигэр туоруур сир кердеетулэр, биьиги олоробут. Дьоммут мээрэйдээн2баран именно биьиги олорор сирбитинэн тахсыахпыт диэтилэр, хайыахпытый аны  дэьээккэбитин хомуннубут малбыт да толору, туораан тагыстылар бардылар. Биьиги тептеру дэьээккэбитин оноьуннубут Дьэ барыта орун оннугар буолла. Сарсыарда кун тагыста сылааьа кэлэрэ учугэйиэн мин саабын туппутунан сытабын ыллыы2, чаас курдугунан баран утуйа туьуеххэ диэн буолла. Арай дьиэбитигэр тиийбиппит ааммыт тэлэччи аьагас, аргыый агай киирэн кербуппут Ким да суох. Маста бэлэмнээ мин ас бэлэмниэм диэн буолла иьиттэхпинэ улахан багайытык Ким эрэ тыынар мунна да тыаьыыр курдук мин абааьыбыт илэ бэйэтинэн кэлэн кэннибэр турар курдук мин сатаан да хамнаабат боллум тылым да тахсыбат. Ол турдахпына кэргэним киирэн кэллэ миигиттэн туох буоллун диир онуоха иьиллээ диибин кэргэним кыратык иьиллии туьэн баран орон аннын енейде.,онтон кулэн того барда. Ыппыт багайы киирэн сытар эбит, саатар биьигини кэллилэр диэн уьуктубатах. Дьэ инник курдук кустаан кэлбиттээхпит. Билигин санаатахха кулуулээх да эбит,ол сагана наьаа кулуутэ суох этэ диэн муччургэннээх сырыыларбын тумуктуубун.

Иванов Николай Васильевич.jpg

6 участник. Иванов Николай Васильевич 36 лет. Горный район, с. Күөрэлээх. 

Байанайдаах түүл. 

Арай биирдэ айылҕаҕа... 

Үрдүк үөрэҕи бүтэрэн Орто Халыма, Сыбаатай бөһүөлэгэр биология учууталынан ананан, биэс сыл үлэлээбитим. Хоту дойду айылҕата, булда-алда, көрсүө сэмэй дьоно-сэргэтэ туспа бэйэтэ уратылаах. Бу биэс сыл устата, эрдэ улаханнык булка сылдьыбат бэйэм, булт абылаҥар ылларбытым. Кыһынын муус аннынан илимнээн, хабдьыга, куобахха туһах иитэн, сааһын кустаан-хаастаан булт араас кистэлэҥнэригэр үөрэммитим. Кэпсээтэххэ араас мүччүргэннээх сырыылар, булт өрөгөйө, сыыһа туттуу-хаптыы да, ханна барыай.

Сандал саас хоту дойдуга бэрт кэтэһиилээх кэмэ үүнэн турар. Күн-дьыл уһаан, хаар ууллан, таммах таммалаан,  айылҕа уһуктан, соҕурууттан хаастар айанныыр кэмнэрэ этэ...

Арай биир сарсыарда, үһүн ааспыт уолум эрдэ баҕайы уһуктаат "Папа, хаастары түһээтим"- диэтэ. Хаастары халлааҥҥа маныы сылдьар киһи, иһиттим эрэ, истибэтим эрэ ойон турдум да, чаһыбын көрбүтүм биэс аҥаар буолбут. Детсад үлэлиир кэмэ эрдэ эбит, хайаабыт киһи диэн толкуйга түстүм. Хааһы бултуур баҕа санаам күүстээх буолан, оҕобун таҥыннарбытынан бардым. Олорор уопсайбытыттан тахсан дьоммутугар бардыбыт. Тиийэн икки уостаах саабын ылан, чугастыы баар көлүкэҕэ, детсад арыллыар дылы, начаас манаан кэлиэхпит дии санаатым. Дьоммут күүлэлэрин аанын тардыбытым, хатааһыннаах. Онтон өйдүү биэрдим, аҕа кынным автомат саата хоспоххо баар буолуохтааҕын, бэҕэһээ кэрийэн манаан кэлбит этэ. Хата мин дьолбор баар эбит. Аны оччолорго автомат сааннан ыта үөрүйэҕэ суох киһибин. Батарантааһы баанан, саабын, рюкзагы сүгэн, уолбун санныбар олортум да, чугастааҕы көлүкэҕэ, уолбуттан түүлүн туоһулаһа-туоһулаһа хаама турдум. Дулҕалаах, сэтиэнэхтээх соҕус тумуһаҕы булан олордубут. Син балай да, халлааны манаан, ону-маны кэпсэтэн, олоро түстүбүт. Ол олорон толкуйдуубун, арай хаастар айаннаан иһэллэрин көрдөхпүтүнэ, хаастыы саҥаран ыллахпына, биһиги диэки кэлиэхтэрэ дуо диэн. Хаас профиля да, манчыыта да суох кэлбиппит. Арай уолбун көлүкэ ортотунан, хаас курдук илиитинэн сапсына-сапсына төкүнүччү сүүртэхпинэ, хайдах буолуой диэн санаа, өйбөр кэлэн түстэ. Уолбун кытта мууска киирэн, хайдах сапсынарын, хайдах сүүрүөхтээҕин көрдөрөн быһаардым. Уолум тутатына сөбүлэстэ, илиитинэн кынат курдук, сапсына-сапсына сүүрдэ-көттө. Төттөрү биэрэккэ тахсан, ханнык түгэҥҥэ көлүкэҕэ киирэн хаас курдук хамсанарын, онтон биэрэккэ тахсарын быһаардым. Хаста да эрчиллэн көрдүбүт. Син халлааны манаан олоро түһэн баран, чаһыбын көрбүтүм сэттэ аҥаар буолан эрэр эбит. Чэ, аҕыска дылы кэтээн баран, дьиэбитигэр барыахпыт дии санаатым. Ол олордохпутуна, арай хараҕым кырыытынан көрбүтүм, тэйиччи соҕус биир үөр хаас айаннаан эрэр эбит. Дьэ долгуйуу бөҕөтө буолла, хаастыы саҥаран, хаастары ыҥыран бардым. Уолум бэлэмнэммиппит курдук, көлүкэҕэ сүүрэн киирэн, хаас курдук илиитинэн сапсына-сапсына төкүнүччү сүүрэкэлээтэ. Испэр күлүөх санаам кэлэр да, таспар биллэрбэппин. Ол быыһыгар сэмээр тулабын көрүнэбин, аны дьон күлүүтүгэр барыам диэн. Өр-өтөр буолбата, арай көрдөхпүнэ хаастарбыт ыраах да буоллар, биһиги диэки эрийэ тутан, көтөн ахай иһэллэр эбит. Уолум эрдэ бэлэмнэммиппит курдук, арыый мин диэки чугаһаан биэрдэ. Долгуйуу бөҕөтүн долгуйа-долгуйа, хаастары ыҥырарбын тохтоппоппун. Хаастарбыт бэркэ намтаан, биһиги диэки иһэллэр. Бирээмэ хамсаабакка да, тыыммакка да олоробут диэх курдук. Онтон дьэ лаппа чугаһаабыттарын кытта, автомат саам затворун тартыым, хантан саам харан хаалла. Өйдөөн кэлбитим, эрдэ хаастар эргиллэллэрин саҕана, автомат сааҕа уоһугар ботуруону укпут эбиппин. Дьэ кыһыы буолла, хаастарбыт айманан олох үрдүбүтүгэр сылдьаллар, бэл омун санаабар харахтарын харата кытта көстөр курдук. Уолум барахсан "Паапа ыт, ыт" диирэ бу баар. Ыксалга иккис ботуруону хаһан хостуохпар диэри, хаастарбыт ыраатан хааллылар. Дьэ автомат сааҕа үөрүйэҕэ суоҕум, долгуйбутум да элбэҕи оонньоото быһылаах... Хайыахпытый, бириэмэбит чугаһаан, оҕобун санныбар олордон, дьиэбит диэки хаамтыбыт. Ол баран иһэн уолум барахсан "Наһаа үчүгэй элбиих-элбэх хаастар дии,  итинник хаастары түһээбитим. Эн тоҕо ыппатыҥ? Дьиэбитигэр хаастаах барыахтаах этибит, эбээлээх эчээ үөрүө ахай этилэр"-диэбитигэр, тугу да этиэхпин булбатаҕым... Ол күн оҕобун детсадка илдьэн, оскуолабар үлэлээн баран, санаам буолбакка эбиэттэн киэһээ, икки уостаах саабын ылан, хаас маныы киирбитим. Хата Баай Байанай мичик гынан, дьиэбэр хаастаах кэлбитим. Киэһээ оҕом детсадтан кэлэн, хааһы көрөн үөрбүтэ ахай. "Папа сарсыарда көрбүт хаастарбытыттан бултаабыт" - диэн, дьоммутугар кэпсээбитэ. Кэлин санаатахха күлүүлэх соҕус түгэн, ол саҕана бэрт кыһыылаах түгэн этэ.

Түмүкпэр, булчуттарга баҕа санаабын этиэхпин баҕарабын. Сахабыт сирин тыйыс айылҕата, булчуту тургутан көрөр, саҥата-иҥэтэ суох иитэр-такайар, аһатар-сиэтэр, таҥыннарар. Ол иһин, уол оҕону кыра эрдэҕиттэн айылҕаҕа сыһыаран, айылҕалыын алтыһыннаран, сиэрдээхтик бултаан-алтаан, айылҕабытын харыстыырга үөрэтиэх.

Горохов Константин Иннокентьевич.jpg

7 участник. Горохов Константин Иннокентьевич 49 лет. 

Байанай диэн тылы киьи араастык ылынар,уксугэр бултуу барарга уоту аьата туран байанайтан кердеьеллер,билэр да,кэпсииллэринэн билигин дазаны устар ууну сомозолуур уус тыллаах дьон бааллар эбит.Бу дьон уус тылларынан уунэн турар тиити(куех тиити) таннары кыраан керен турдахтарына самнаран, хардарытан биьэллэр эбит.Аны хатан хаалбыт тиити уус тылларынан хайзаан бу тиити керен турдахха кезерден,тилиннэрэн кэбиьэллэр эбит,ол курдук сахаларга биьиэхэ былыр итэзэл култуура куускэ сайда сылдьыбыт эбит,ол иьин устар ууну сомозолуур алгысчыттарбыт кемелерунэн биьи айылзабыт аьары арылхай,эмтээх,кэрэ кестуулээх эбит.Биьи сахалар,эр дьон уксубут байанайы итэзэйэбит,онтон кердеьебут эрэ.Наар ол иьин баай диэн тылтан тахсыбыт.Баай танара диэбит курдук ейдебуллээх тыл булчуттар танаралара.Баай Байанай.Аны киьи барыта булчут буолбатах,бу тылы сорохтор билбэттэр онтон атын омуктартан ким да билбэт.Урут армияза сылдьан саьыл тириитин уруьуйдаан баран анныгар будет диэн баран командирбар кердерен хайзанан турардаахпын, уоппусказа кэлэргэ кенуллээбитэ.

Батюшкин Владимир Дмитриевич.jpg

8 участник. Батюшкин Владимир Дмитриевич 72 лет. Среднеколымский район, с. Алеко-Кюель.

Булт туһунан кэпсээннэр.(буолбут түбэлтэлэр).

Арай биирдэ...

Бу түбэлтэ 40-ча сыл анараа өттүгэр буолбуттаах.Мин иккис көлүөнэ бырааппын (ийэлэрбит бииргэ төрөөбүттэрэ)Ньукулайы кытта өтөрдөөҕүтэ уолбут Сыаҥааннаах диэн күөлгэ сааскы кураанах куһу уонна хааһы бултуу барбыппыт.

Күөл уута баран хаалан хас да чүөрээкилэр эрэ хаалбыттар этэ.Биһиги саас ахсын кустуур чүөрээкибитигэр кэлэн икки сиргэ дурда оҥостон,харыаллары туруортаан кустары кэтэспиппит.Хас да күн бултаабыппыт кэнниттэн үс булчут кэлбиттэрэ.Кинилэри кытта мин атаһым оҕонньор Петр Герасимович кэлсибит этэ.Ол саҕана кини 70-ча саастаҕа.Биһиги чүөрээкибит кыракый сүүрэ сытар сиэннээх буолан уута элбэх уонна тупсан турар этэ.Кырдьаҕас киһилиин дурдаҕа бииргэ олорбуппут.

Сиэн уҥуор быраатым Ньукулай олорбута.Син төһөмө куһу бултаабыппыт.Ол олордохпутуна икки орто хаастар(качааркалар-белолобый гусь)утары көтөн иһэллэрэ.30-ча метр курдук үрдүктэр этэ.Биһиэхэ уун-утары көтөн иһэллэрэ.Уугаһыылларын саҕана ойоҕосторуттан Ньукулай иккитэ ыппыта.Биир хаас "кэдэс" гына түһэн баран 180° төттөрү хайыһан тээлэн тыа диэки бара турбута.Сиһин тосту ыттарбыт быһыылааҕа.

Иккис хаас биһиги төбөбут оройугар кэлбитигэр оҕонньордуун ытыалаатыбыт.Киһим олус хантайан хаалан биирдэ ытаат саатыгар оҕустаран тиэрэ баран икки атаҕа ачаарыйан хаалла.Хааспыт кыната тостон үрдүбүтүгэр түһэн иһэн,планердаан эргийэн,охтон эрэр хааһын одуулуу турар Ньукулай төбөтүн быһа көтө саһын кини кэтэҕэр хаарга быраҕыллан хаалла.

Ньукулай охтон эрэр хаастан бөкүөс гынан аһартаран төбөтүн быыһаата.

Таптарбыт хааһа тыа иһигэр охтубутугар онно сүүрдэ.Мин хаһыытаан хааллым: „Биһиги хааспытын ытан кэбис,тыыннаах түспүтэ".

Ньукулай ыксаабыт: „Эһиги хааскыт өлөөрү мөхсө сытар,мин бэйэм хааспар сүүрдүм"-диэтэ даҕаны сүүрүү былаастаан хааһын көрдьүү барда.Мин „сир аһаттарга" диэн водка аҥаардаахпын рюкзакпыттан хостоотум.

Онтон эттим: „Дьэ,кырдьаҕаас бултуйдубут.Байанайбыт„мүчүк" гынна.Онон хааспытын„сууруйуохха", кырдьаҕас киһиэхэ хааһы эйиэхэ биэрэбин!"

Оҕонньор соччо испэт киһи.Хааһы ылбыт саҕаччы үөрдэ.Бастаан этэн көрдө: „Дооруом,бастаан хааспытын аҕалан көр"- диэхтээтэ.

Онуоха мин эттим: „Ээ,Ньукулай өлөөрү мөхсө сытар диэбитэ.Иннибитигэр халтырхай муус түгэхтээх сиэн баар „Сууйан" бүтээт баран аҕалыам".

Биирдии үрүүмкэни иһэн кэбистибит.

Онтон мин муус түгэхтээх сиэни сэрэнэн нэһиилэ уһун саппыкыннан туораан хааспыт охтубут сиригэр тиийдим.Хомурах хаарга охтубут,мөхсөн булумахтаммыт суола баар,бэйэтэ суох!!!

Хаарга хаана таммалыы-таммалыы кэлбит сирдэрин диэки талах иһинэн бара турбут.Тохтубут хаанын сирдэтэн тыаҕа диэри сойуоластым.Кэнники тыаҕа хара сир буолан хаана көстүбэт да буолан хаалла.Сол курдук куоттаран кэбистим.

Ол сылдьан Ньукулайы көрүстүм.Киһибит тыа иһигэр өлөн түспүт хааһын булан ылбыт! Дьэ, ол курдук 70 саастаах оҕонньору кытта хааспытын эрдэ „сууйа" сылдьан матан турардаахпыт!!!

Маны этэн эрдэхтэрэ: „Күөскүн эрдэ өрүнүмэ!". "Ыстаабыккын эрэнимэ,ыйыстыбыккын эрэн!"

 Арай биирдэ...

Эмиэ 40-ча сыллааҕыта Сыаҥааннаахха сааскы кус ытыытыгар мин иккис көлүөнэ бырааппын (ийэлэрбит бииргэ төрөөбүттэрэ) Спиридону кытары бултуу барбыппыт.Кустуур чүөрээкибитигэр балааккалаах этибит.Мин уруккуттан бултуур дурдабар бараммын кус харыалларын туруортаатым,инники соҕотох биир хаас харыаллаахпытын муус кырыытыгар олортум.Спира чаайы оргута балааккаҕа хаалла.Харыалларга кэлэн түспүт үс куһу бултаатым.Чочумча олордум.Хотк.диэкиттэн үс хаас Сыаҥааннаахха киирдилэр.Ол саҕана ыҥырар манок диэн суох.Иһиирэн ыҥырдым.Бастакы хаас тулаайах эбит.Иннибэр мууска олорор хаас харыалын көрөөт саҥара-саҥара ол диэки көттө.Кэнники икки хаас батыстылар.

Ол паара хаастар мин төбөм сиигинэн көтөн кэллилэр.Остуолба эрэ үрдүгүн саҕаччылар.Мин ойон тураат иккитэ ытан доргуттум.Чугастара бэрт буолан буулдьалыы тэптэрэн сыыһа ытыалаан кэбистим.

Бэйэбиттэн бэйэм кэлэйэн: „Тууй,сиэ...хайдах буолан сыыстаамый"- диэн саҥа аллайан хаастарбын көрө турдахпына кэннибиттэн баарыҥы соҕотох хаас планердаан тээлэн тиийэн хонууга бурҕас гынан оҕутта!!!

Ыппатах хааһым охтон улаханнык дьиибэргээтим.Урут хааһы охторон баран куоттарбыт киһи буоламмын эр тиэтэлинэн хааспар сүүрдүм.Саҥа сапсынан,суурэн куотаары гыммыт хааһы түҥнэри ытан кэбистим.

Тиийэммин хааспын туппахтаан көрдүм, кынаттарын мускуйдум, онтукам баара хаҥас кыната мээлэ эргийэ сылдьар буолан биэрдэ.Хааһым хаҥас кынатын бүлгүнэ тахсан хаалбыт.Мин ойон туран икки хааһы ытыалыырым саҕана соһуйан-өмүрэн эмискэ тиэрэ түһээри хаҥас бүлгүнүн сүһүөҕүттэн таһааран кэбиспит эбит.Ол гынаары сапсынар кыаҕа суох буолан суорума суолламмыт!

Онон хаас бүлгүнүн таһааран бултаан турардаахпын!!! Хоҥор,улахан уонна эмис хаас этэ!

Третьяков Степан Александрович.jpg

9 участник. Третьяков Степан Александрович 19 лет. Среднеколымский район, с. Алеко-Кюель.

 “Байанай” диэн кимий? Байанай диэн – ойуур иччитэ, булт таҥарата.

Онтон “Булчут” диэн кимий? Булчут дэн булугас-талыгас, мындыр өйдөөх, кыанар үлэһит, аһыныгас, көмүскэс, сиэрдээх үтүө майгылаах киһи. Булт үөрэҕэ, булт дьарыга уол оҕоҕо тугунан да солбуллубат үөрэх буолар. Булт арааһа сылы быһа бултанар.

Мин бэйэм сааскы куска сылдьарбын, сэтинньи ыйга балыктыырбын наһаа сөбүлүүбүн. Элбэх түбэлтэгэ түбэһэ сылдьыбытым.

Бу түбэлтэлэртэн биирдэстэрин кэпсиэм. Бу түбэлтэ оскуолага үөрэнэ сылдьан балыктыы барарбар буолбута. 2018 сыл сэтинньи ый этэ. Дьэ биһиги оскуола оҕолоругар каникул саҕаланан балыктыы барар күммүт үүнэн кэллэ. Дьоммун кытта төрдүө буолан ыксаан аҕай малбытын оҥостон икки буранынан балыктыыр сирбитигэр бардыбыт. Бултуур сирбитигэр тиийэн сиэри-туому тутуһар дьон буолан сирбитин, эбэбитин аһаттыбыт, уот оттон уот аһаттыбыт уонна Байанайтан көрдөстүбүт, Байанай алгыһын эттибит. Күн аайы илиммитин көрүнэ, оттунар маспытын мастыы сырыттыбыт. Саҥа сиргэ илим үттэ баран иһэн күөл тула бөрөлөр сүүрэ сылдьалларын көрдүбүт. “Барыахтара, кыһаныман”- диэтилэр, ол кэннэ туох да буолбатагын курдук илиммитин үттэн баран бардыбыт. Онтон биир күн көрбүппүт бензинмыт суох эбит, аҕыйаҕы аҕалбыппыт. Ыксал буолла. Хата дьиэбитигэр төннөрбутугэр тиийэр хаалбыт эбит диэн уоскуйдубут. Бу күнтэн ыла илиммитигэр сатыы хаама сылдьан көрүнэр буоллубут.  Чугастаагы илимҥэ аҕам, дядям уонна сиэнэ буолан сылдьаллар, мин ыраах саҥа үттүбүт илиммитигэр сылдьабын. Көрбүт бөрөлөрбүт бааллара буолуо диэн саабын сүгэ сылдьабын. Салааскаҕа сүүрү, анньыыны уонна хараҥаннан кэлэрбэр фонарик соһо сылдьабын. Күөлбэр тиийэн ыраагынан бөрөлөр сүүрэ сылдьалларын көрөн кыратык куттанным уонна толкуйга түстүм. Ытан баран дьоммор төннөрүм дуу дии санаатым. Онтон “Чэ, кыратык кэтэһэ түһүөм”- диэн бөрөлөрбүн кэтии олордум. Хата бардылар, тыага киирэн сүтэн хааллылар. Тулабын көрүнэ-көрүнэ ойбоннорбун алларан илиимнэрбин көрүнэ олордум. Арай тыа диэки туох эрэ көстөн ааһар. Бөрөлөрүм бу иһэллэо быһыылаах диэн ыксыы-ыксыы илимнэрбин көрүнэн бүтээт саабар ыстанным. Бөрөлөрүм ол курдук ыраахтан миигин кэтии сырыттылар. Мин түргэн соҕустук балыктарбын салааскабар уураат дьонум диэки бара турдум. Баран иһэн сотору-сотору кэннибин көрүнэбин, саабын букатын ыыппаппын. Хата дьоммор тиийдим, барытын кэпсээтим. Бу түбэлтэ кэннэ миигин онно соҕотохтуу ыыппат буолбуттара. Каникулбут бүтэн үөрэхпит саҕаланара бу буолан кэлэн дьиэбитигэр төннөөрү оҥоһуннубут. Байанайбыт үчүгэйдик күндүлээбитэ. Эрдэ эппиттэрин курдук бензиммыт төннөрбүтүгэр эрэ хаалбыт эбит этэ. Дьиэбитигэр тиийэ түһээппитин кэннэ бүтэн хаалла. Дьэ, маннык мүччүргэннээх сырыыга түбэһэн турардаахпын.


Смотрите также