Ытык Күөрээйи, Киэҥ Күөрээйи!
Ыллана илик ырыа буолаҕын,
Модун буолаҥҥын, мохсоҕол кыыллааххын,
Толуу буолаҥҥын, тойон кыыллааххын!
Иван Гоголев–Кындыл
Борисова, С. С. Тулагы-Килдэм Ытык сирдэрэ : история, номохтор, ахтыылар, докумуоннар, археология, кыраайы үөрэтии / Борисова С. С. – Дьокуускай, 2016. – 108 с., на якут. и русс. яз. – 46 илл. – Библиогр.: 47 назв. (Священные места Тулагино-Кангаласского наслега).
Тыгын үйэтин кэмигэр, ол аата саха эрдэхпитинэ, үгүс үһүйээҥҥэ, историческай үлэлэргэ Сахсары өрүс үрдүгэр (билигин Өлүөнэ өрүс) Киэҥ Күөрээйи Хотун, Күөрэгэйдээх Күөрээйи, Күннээх Күөрээйи ахтыллар, суруллар. Бу кэрэ айылҕалаах, уйгу–быйан сиргэ былыр–былыргыттан дьон таптаан олохсуйбут, үөскээбит.
Учуутал, фольклорист Бережнев Степан Степанович сээркээн сэһэнньиттэр сэһэннэрин–номохторун сурукка–бичиккэ киллэрбит баай картотекатын, аҕа уустара олорбут сирдэринэн оҥорбут карталарынан сирдэтэн кыыһа кыраайы үөрэтээччи Светлана Степановна Борисова (11.03.1948-14.07.2019) “Тулагы–Киллэм Ытык сирдэрэ” диэн кинигэтиттэн Киэҥ Күөрээйи Хотуну, билигин Улуу Туймаада хочотун үс хочотуттан биирдэстэрэ буоларын биллибит. Бу үтүөкэн дойдуга саха төрдө–ууһа буолбут Эллэй Боотур, Бөҕө Мэкчиргэ, Баараҕай Баатылы, Уһуктаах Суптуҥа, Далан Умсан аҕа уустара сириэдийэн олорбут түөлбэлэрэ.
Светлана Степановна кинигэтигэр Тулагы-Килдэм нэһилиэгин 18 Ытык сирдэрин киллэрбит. Гуманитарнай чинчийэр институт научнай комиссията үөрэтэн түмүктээһининэн бу сирдэр историческай, сакральнай сыаннастарынан Республика таһымынан статустаммыт суолталаах Ытык түөлбэлэр, Ытык миэстэлэр диэн ааттаннылар. Ол курдук Үс Тиит, өбүгэлэрбит ытыктаан Үс Тииттээх, Үс күөллээх, Үрдүк Айыылартан арчыламмыт сир диэбит сирдэрэ. Уураахы сирэ. Туймаада хочотун хабар-хаба ортотугар турар сыһыы-хонуу. Эһэ Бастаах (Туруйалаах) Уураахы Ыҥыырдааҕынан арҕаа мырааҥҥа дылы кэрчик сир. Ой Бэс. Кумахтаах хотугулуу-арҕаа эҥэринэн сытар сыһыы-хонуу. Эллэй Боотур бу сирдэринэн көһөн олорбут түөлбэлэрэ. Мардьай, Мэкчиргэ Бөҕө – былыргы Киллэм... Хас биирдии ааттаммыт сир барыта сааһыланан быһаарыллан суруллубут.
Кинигэҕэ археологическай чинчийиилэр 1918 сылтан ыытыллыбыттара киирбитэ киһи болҕомтотун тардар. Ол курдук 1940 с. А.П. Окладников салалтатынан улахан чинчийэр үлэлэр түмүктэринэн Туустаах күөл, Кыра Марха, Марха сирдэригэр тимир уһаара сылдьыбыт омуһахтары булбуттара, I, II, III-1, III-2 Киллэм сирдэрин чинчийбиттэрэ. 1958 с. көстүбүт киьи уҥуоҕа орто неолит үйэтин культурата диэн быһаарыллыбыт. Ити курдук археологтар барыта 113 (2012 с.) чинчийии үлэтин ыытан өйдөбүнньүк сирдэри быһаарбыттар.
Кинигэттэн и.н.к. Петров П.П. “А.Я Уваровскай төрүччүтэ уонна олоҕун олуктара”, Тулагы-Киллэм олохтоохторун ахтыылара, нэһилиэк Ытык сирдэрин кыраайы үөрэтээччилэр, научнай чинчийиилэр экспедицияларын түмүктэрин, Саха Республикатын культурнай памятниктарын харыстыыр Комитет үлэтин түмүгүнэн 2016 с. олунньу 1 күнүнээҕи туругунан государственнай реестрга Тулагы-Киллэм 7 Ытык сирдэрэ киирбитин, Борисова С.С. үлэтигэр сыанабыллары ааҕан билиэххит.
81 хаартыска, 2 карта киирбитэ нэһилиэк сирдэрин, дьонун кытта толору билсиһэр кыаҕы биэрэр.
Тулагы-Киллэм нэһилиэгэ. Дьокуускай куорат уокуруга / [хомуйан оҥордулар : Федорова М. П., Борисова С. С., Николаева В. М. уо. д. а. ; эрэдээксийэлиир сүбэ : Лебедев А. И. уо. д. а.]. – Дьокуускай : Бичик, 2016. – 704 с. – Библиограф.: 47 аат.
Бу кинигэ тахсарыгар Тулагы-Киллэм нэһилиэк дьаһалтата, кыраайы үөрэтээччилэр, общественниктар, нэһилиэк тэрилтэлэрэ тэрээһин үлэтин кыайа тутан нэһилиэк олохтоохторо сомоҕолоһон үлэлээбиттэрэ көстөр. Аан бастакы кинигэ нэһилиэк былыргыттан билиҥҥи кэмнэ диэри баай историятын, кини дьонун олохторун, үлэлэрин киэҥник хабан кэпсиир. Архыып докумуоннара, араас сылларга бэчээткэ тахсыбыт ыстатыйалар, Тулагы-Киллэм нэһилиэгэр үлэлээн, олорон ааспыт, билигин олорор, үлэлиир дьон истиҥ-иһирэх тыллаах ахтыылара тиһиллэн киирбитэ кэлэр көлүөнэ төрөппүттэрин, аймахтарын туһунан ахта-саныы, киэн тутта сылдьалларыгар анаммыт.
Кинигэ 8 сүрүн түһүмэхтэн турар: Аан тыл; Тулагы-Киллэм былыргыта; Октябрьскай революция уонна гражданскай сэрии бутуурдаах, булкуурдаах сыллара; Сэбиэскэй былаас бастакы сыллара; Аҕа дойду Улуу сэриитэ; Сэрии, сут кэнниттэн олоҕу чөлүгэр түһэрии; “Якутскай” сопхуос; Нэһилиэк культурнай-сырдатар олоҕо; Нэһилиэк бүгүҥҥүтэ; Түмүк тыл; Туһаныллыбыт литература.
Кыратык кинигэ ис хоһоонун ырыттахха маннык:
*Нолуок түһээнин (дьаһааҕы) бастаан хаһаахтар этэрээттэрэ хомуйара. 1845 с. нэһилиэк кинээстэрэ-ыстаарысталара нолуок түһээнин хомуйар буолбуттар. Онно көстөрүнэн Киллэм киинэ - Арҕаа Хаҥалас, Тулагы киинэ – Мэҥэ Хаҥалас.
*Кумахтаахха прихожан дьиэтигэр икки нэһилиэк уопсай дьиэтэ баара. 1917 с. Олунньутааҕы буржуазнай-демократическай революция буолбутун туһунан бу дьиэҕэ икки нэһилиэк дьонун мунньан Дьокуускайтан уполномоченнайдар тахсан кэпсээбиттэрэ.
*Улуу Октябрьскай революция кэнниттэн былаас былдьаһыыта саҕаламмыта. Николай Эверстов заимкатыгар уонна Кумахтаахха буолбут кыргыһыылар Саха сирин гражданскай сэриитин историятыгар киирбитэ. Икки нэһилиэк сиригэр кыргыһыылар тустарынан архыып докумуоннара, хаһыат ыстатыйалара уонна ахтыылар сиһилии кэпсииллэр.
*Төһө да сыллар ааспыттарын үрдүнэн кыраайы үөрэтээччилэр Тулагы-Киллэм холкуостарын бэрэссэдээтэллэрин, биригэдьиирдэрин, ыанньыксыттарын 1930 сыллаахтан булан киллэрбиттэрэ улахан чинчийэр үлэ барбытын туоһулуур.
*Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ Тулагы-Киллэм нэһилиэгиттэн 172 киһи ыҥырыллыбытыттан 84 сэрии толоонугар охтубут, 88 буойун дойдуларыгар кыайыы көтөллөөх төннөн кэлбиттэр. 33 буойун атын улуустартан кэлэн олохсуйбут. Манна 6 холкуос буойуннарын ааттара толору суруллан киирбит.
*1957 с. “Якутскай” сопхуос тэриллибитэ. Бу сопхуос элбэх киһиэхэ төһүү күүс, тирэх буолбутун үлэһиттэр ахтыыларыттан билиэххит. Сопхуос директора Поморцев Станислав Викторович уонна оҕуруот үүннэрээччилэр биригэдьиирдэрэ Кононова Анастасия Александровна “Дьокуускай куорат бочуоттаах гражданинын” аатын ылбыттара.
Тулагы-Киллэм туһунан маннык кинигэлэргэ булан ааҕыахха сөп:
Якутск: историко-картографический атлас / АОО “Сахагипрозем” ; [ред. колл.: С. В. Филиппов (пред.), А. А. Кириллин, Р. В. Радионова, А. В. Ефимова, И. С. Попов]. – Новосибирск : Наука, 2017. – С. 229, 234.
Город Якутск : история, культура, фольклор / Окр. адм. г. Якутска ; Ин-т гуманит. исслед. АН РС (Я) ; [сост.: П. П. Петров, С. И. Боякова ; редкол.: С. И. Боякова (отв. ред.) и др.]. – Якутск : Бичик, 2007. – 447-451 с.
Бэлэмнээтэ Ирина Уваровская, ИМО сүрүн библиотекара.