Иннокентий Сосин – оҕолорго
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Другое
22.07.2020

Иннокентий Сосин – оҕолорго

Просмотры: 3053

сосин4.jpg

Оҕо аймах тапталлаах суруйааччыта Иннокентий Михайлович Сосин барыта 30-тан тахса кинигэ автора. Ол кинигэлэртэн биһиги библиотекабытыгар «Остуоруйалаах киэһэлэр», «Күн-дьыл билгэтэ», «Эргэ өтөх хоноһото» диэн кинигэлэрин оҕолор бэркэ сөбүлээн ааҕаллар. Хоһоонноро, остуоруйалара, кэпсээннэрэ араас хомуурунньуктарга киирбиттэрэ.

Иннокентий Михайлович айар үлэтин поэт быһыытынан саҕалаабыта. Суруйааччы 130 хоһоонноруттан 80-гар мелодистар Христофор Максимов, Марфа Данилова, Павел Акимов, Степан Васильев, Владимир Заболоцкай о.д.а. матыып айбыттара. Ол курдук, «Биригэдьиир Марыына», «Чурапчы чараҥа», «Тус хоту» о.д.а. хоһоонноругар суруллубут ырыалары норуот таптаан ыллыыр.

Кэпсээнньит быһыытынан оҕолорго анаан суруйбут кинигэлэринэн биллибитэ. Кини үгүс айымньылара – айылҕа учебниктара. Кыыллар, көтөрдөр олохторун, майгыларын тэҥэ, күнү-дьылы билгэлээһиҥҥэ оҕолор хонууга, тыаҕа сылдьан кэтээн көрүүлэрин кэпсиир.

Сидьиҥ үөннэр диир баҕаларбыт, чиэрбэлэрбит, күлгэрилэрбит; сиэмэхтэр диэн ааттыыр көтөрдөрбүт: мэкчиргэ, хаххан, суор; кыыллар: эһэ, бөрө - бары айылҕаҕа наадалаахтар, айылҕа оҕолоро.

Иннокентий Михайлович кинигэтин аахтахха хайаан да билииҥ хаҥыыр уонна айылҕаҕа туох барыта бэйэ-бэйэтин кытта ситимнээх, туһалаах диэн өйдүүгүн.

сосин10.jpg

«Остуоруйалаах киэһэлэр» диэн кинигэ оскуола кыра саастаах оҕолоругар анаан суруллубут. Дьиктитэ диэн – айылҕа харамайдарын быһыыларыгар-майгыларыгар олоҕуран оҕолор, дьон мөкү быһыыларын-майгыларын туһунан 30 үгэ-остуоруйа киирбит. Эппит тылыгар турбат халбархай майгы туһунан «Халтархай табаарыс», «Сэниибин диэн иэдэйбит» - дьоҥҥо сэнэбиллээхтик сыһыаннаһыы туһунан.

Доҕор алдьархайга тубэстэҕинэ көмөлөһөр оннугар кулэр сэттээҕин туһунан «Үллүбүт хабах» диэн кэпсээҥҥэ ааҕыаххыт.

сосин.png

Суруйааччы «Сахсаахаан Сахаар кэпсээннэрэ»  диэн кинигэтин эмиэ кыра саастаах оҕолорго анаабыт. Сахсаахаан Сахаар – тыа киһитэ, бултаан-балыктаан, тыаҕа олорор. Уҥуоҕунан кыра, сытыы-хотуу киһи. Олус омуннаах кэпсээннээх, араас иэдэннээх быһылааннарга түбэһэр, ол эрэн булугас өйүнэн, бэйэтин кыанар буолан быыһанар эбит.

сосин9.jpg

Оскуола орто уонна улахан саастаах оҕолоругар анаан «Айылҕалыын алтыһан» диэн кинигэни бэлэх ууммута. Ол эрэн бу кинигэни сааһыттан тутулуга суох бүтүн дьиэ кэргэн бары сөбүлээн ааҕыа диэн эрэнэбин.

Кинигэ 2008 с. «Бичик» кинигэ кыһатыгар суруйааччы 80 сааһыгар тахсыбыта. Хомуурунньукка барыта 147 кэпсээн киирбит. Бу дьыл түөрт кэмин: саас, сайын, күһүн, кыһын туһунан. 12 ый туох уратылаахтарый, хамсыыр-харамай, от-мас хайдах тыыннаах буоларый? Тоҕо сайын кэлэрий? Тоҕо кыһын буоларый? Сайын тоҕо итииний? Кыһын тоҕо тымныыный?

Кинигэни ааҕаргытыгар хайаан да кэрэхсээн көрөөрүҥ – уруһуйдары Мэҥэ-Хаҥалас улууһун үөрэнээччилэрэ кэпсээннэри ааҕан оҥорбуттар.

Үгүс туһалаах сүбэлэри, холобур, ньээм оттон мүөт оҥорор ырысыап, хатыҥ чэриитэ – бэртээхэй чэй, хаан баттааһыныгар, куртахха, оһоҕоско, сүһүөх ыарыытыгар туһалаах эбит.

сосин7.jpg

«Сахалар хайдах күн-дьыл буолуохтааҕын, чуолаан хайдах кыһын уонна сайын кэлиэхтээҕин, ону ааһан эһиилги дьыл туһунан эрдэттэн билгэлииллэрэ. Ол иһин кинилэр күнү-дьылы мэлдьитин кэтээн көрөллөрө, сылыктыыллара. Ордук күн, ый уонна сулустар уларыйыыларын кэтииллэрэ. Итинэн көрөн хамсыыр – харамайдар олохторо, сырыылара, майгылара-сигилилэрэ хайдах уларыйарын, күһүн, саас хаһан айанныылларын, кыстыкка киирэллэрин туһунан балачча үчүгэйдик билэллэрэ. Онон хаһан ардах, хаар түһэрин, тыал-куус буоларын, куйаас, кураан күннэр кэлиэхтээхтэрин туһунан билэллэрэ, күн-дьыл уларыйыытын таба таайаллара», - диэн суруйар И. Сосин «Күн-дьыл билгэтэ» диэн кинигэтин киирии тылыгар.

Абааһы диэн баар дуо? Чөчүөккэ, сүллүүкүүн, торбос абааһыта – айылҕа биир дьикти көстүүтэ диэн көлүөнэттэн көлүөнэҕэ уос номоҕо буолан бэриллибит көстүбэт эйгэ кистэлэҥин уонна Алыһардаах удаҕан, Өлүөс, Оройко ойууннар Дьокуускай ыспыраанньыгын кытта киирсиилэрин туһунан «Эргэ өтөх хоноһото» диэн хомуурунньукка ааҕыаххыт. 

сосин6.jpg

Саха литературатын сэргээччилэр, И.М. Сосин бу кинигэлэрэ библиотекаҕа бааллар, дьиэҕэ уларсан ааҕыҥ, үгүс интэриэһинэй арыйыылары оҥоруоххут, кинилэр көмөлөрүнэн даачаҕа, дэриэбинэҕэ, айылҕаҕа сылдьан элбэҕи кэтээн көрүөххүт.       

 

Матрена Аргунова,
15 № «Моя библиотека» библиотекара

Смотрите также