Дьокуускайдааҕы В.Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэҕэ кулун тутар 11 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин наукатын үтүөлээх диэйэтэлэ, наукаҕа уонна техникаҕа СӨ Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреата, экэниэмикэ билимин доктора, профессор Василий Романович Дарбасов-Дабаччыма төрөөбүтэ 80 сылыгар анаан бэртээхэй ахтыы киэһэтэ буолан ааста. Ол курдук «Экэнэмиис учуонай Василий Дарбасов» диэн кинигэ сүрэхтэниитигэр аймахтара, бөдөҥ учуонайдар, бииргэ үлэлээбит коллегалара, доҕотторо кэлэн ахтан-санаан аастылар.
Василий Романович сырдык аатыгар анаан кэргэнэ Марта Андреевна Кривошапкина, оҕолоро А.В. Данилова, А.В. Дарбасов, доҕоро Н.С. Николаев кыһамньылаахтык ылсан кинигэ күн сирин көрдө. Кинигэ үтүө киһи аата салҕана турарыгар, кэнчээри ыччакка кини олоҕо холобур буоларыгар олук буолуоҕа диэн эрэллээхпит. Кинигэ алта бастаах: Саха государственнай университетын студена; Саха сиригэр үрдүкү экэнэмиичэскэй үөрэхтээһини төрүттээччи; экэнэмиис учуонай, научнай үлэлэри тэрийээччи уонна салайааччы; сынньанар кэмигэр алтыспыт дьонун ахтыылара; кэргэнин, оҕолорун, сиэннэрин, аймахтарын уонна оскуолатааҕы доҕотторун ахтыылара; Василий Романович Дарбасов наукаҕа, литератураҕа оруола уонна миэстэтэ; сыһыарыылар. Маны таһынан Дабаччыма уус-уран литератураҕа суруйбут айымньылара, мастан кыһан оҥорбут саха уонна нуучча биллиилээх суруйааччыларын мэтириэттэрэ быыстапкаҕа уратытык көстөннөр, дьон болҕомтотун ыллылар.
Бу көрсүһүүгэ ахтыы кинигэ тула Василий Романович туһунан ис-сүрэхтэн санааларын эттилэр А.А. Пахомов – экэнэмиическэй наука доктора, М.У. Тимофеев – СӨ норуодунай депутата, физико-математическай наука кандидата, С.Д. Дарбасова – М.К. Аммосов ХИФУ старшай научнай сотруднига, В.Н. Луковцев – Россия суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Б.Н. Павлов – СӨ үтүөлээх суруналыыһа, «Көмүөл» кинигэ кыһа дириэктэрэ, суруйааччы, С.Т. Черноградскай – ССРС спордун маастара, А.П. Герасимов – «Фермер-ас» тэрилтэ баһылыга. Хас биирдии ахтан-санаан ааһааччы Василий Романовичтыын илэ алтыспыт дьоллоох дьоммут диэн эттилэр.
Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ ааҕааччылара ордук кэрэхсээн Дабаччыма «Быйаҥнаах хочолорго», «Үчүгэйиэн тыыннаах буолар!», «Атыыһыт Кырбаһааҥкын», «Куома Чааскын» айымньыларын ааҕаллар. Кини суруйуулара быһаччы, өйдөнүмтүө уонна иитэр-үөрэтэр ис хоһоонноохтор. Сэргээбиттэри биһиги бибилэтиэкэбитигэр күүтэбит.
Суруйда сүрүн бибилэтиэкэр Саргылана Колесова