Арыгы төһө да аска киирсибитин иһин киһини, тыынар тыыннааҕы сүһүрдэр ас буолар. Аан бастаан киһи быарын, мэйиитин сүһүрдэр. Учуонайдар этэллэринэн 100 гр. водка мэйии сарыытыгар 100 тыһ. килиэккэни тута сиэн өлөрөн кэбиһэр эбит.
Ийэтин иһиттэн хайа да киһи арыгыһыт буолан төрөөбөт, эбэтэр: «Хаарыаны, арыгыһыт буолбут киһи!» - диэн ыраланааччы баара буолуо дии санаабаппын.
Статистика көрдөрөрүнэн Россияҕа сыл аайы арыгы содулуттан өлүү, күлүгээннээһин элбии турар. Өскөтүн 2019 сыллаахха арыгыттан сылтаан 47427 киһи өлбүт буоллаҕына, 2020 сылга – 50435 киһи өлбүт.
Аан дойдуга арыгылааһыны утары үлэ арыгы, пиибэ баарын тухары баар. Ол курдук, былыр Римҥэ арыгыны амсайбат абыычай баар этэ. Индияҕа итириги туттахтарына тимири оргутан, уулларан, куолайдарыгар кутан сордоон өлөрөллөр үһү. Оттон Россияҕа Петр I итирикситтэр моонньуларыгар 7 киилэ ыйааһыннаах чугуун бэлиэни ыйыырга уураахтаабыт.
Саха сиригэр арыгыны 17 үйэҕэ Россияттан аҕалар буолбуттара. Төрүт олохтоох дьон арыгы диэни амсайбакка, билбэккэ айылҕалыын алтыһан олорбуппут. Саха киһитэ барахсан үйэлээх сааһын тухары айылҕалыын доҕордоһон, күн аайы тыыннаах буолар туһугар туруулаһан, үтүө-мааны майгытынан, мындыр өйүнэн баччааҥҥа диэри тиийэн кэллэҕэ.
Саха үөрэхтээхтэрэ, ол иһигэр А.Е. Кулаковскай XX үйэ саҕаланыытыгар арыгылааһыны, хаартылааһыны утары үгүс өйдөтөр үлэни ыыппыттара.
Алексей Елисеевич саха киһитин, саха норуотун бу мөкү дьаллыктан көмүскүүр туһунан үгүстүк толкуйдаабыта уонна 1916 с. «Арыгы» диэн хоһоону суруйбута. Хоһоон быйыл суруллубута 105 сыла буолла эрээри, күн бүгүн да суолтата улахан.
Хоһооҥҥо «аан дайды дьонун ат гынан мииммит, орто дойду дьонун оҕус гынан көлүммүт» арыгы дьаалыны хайдах ханна оҥоһулларын, төһө араастааҕын, арыгы истэххэ киһи хайдах буолара, дьайар кыыллыы күүһэ, тарҕанар географията хоһуллубут.
... Ар-дьаалы, ар-татай, оҕолор!
Аҕас омуктар
Аҕалбыт астара
Арааһынай даҕаны
Алыптаах буолар эбит!
Улахан омуктар
Булбут утахтара
Олус даҕаны
Кубулҕаттаах буолар эбит!
Эрдэ үөскээбит омуктар
Эгэлгэлээх астара
Эҥин-эҥин даҕаны
Бэтиэхэлээх буолар эбит!
Нууччалыын тууһурдулар
Сахалын саатаатылар
Улаханныын умсугуйдулар,
Аччыгыйдыын алльаннылар...
... Кэлин таһынан иһэн
Кэпсээнин киртиттэххитинэ,
Алыс батыһан аһаан
Аатын алльаттаххытына,
Олус сойуолаан утахтанан
Сураҕын суурайдаххытына, -
Хатай өттүнэн хааннаннаҕына,
Түҥкэтэх өттүнэн сөрүөһүннэҕинэ,
Ыайыллаҕас тыынын ыллаҕына,
Тугу хоргутуоххутуй киниттэн?!
… Күтүр дьаалы
Сананнаҕына – сахтаҕына,
Соруннаҕына – суудайдаҕына –
Бэрт даа мэйилээҕи бэтиннэрэр,
Үтүө даа өйдөөҕү үнтүрүтэр,
Сайаҕас даа санаалааҕы сарбыйар...
... Үтүө мөссүөннээҕи
Өлбөркөй дьүһүннүүр,
Дьороҕор сотолооҕу
Токур уҥуохтуур...
... Оксиэ, дуо оҕолоор!
Күтүр дьаалы
Күдэн күүһүн,
Орулуур уоҕун,
Мэҥилийэр бэрдин эбитин!
Күүстээх аты көлөлөнөн,
Талыы табаны талаһаланан,
Улуу аалынан устан,
Көмүс хаччынан көтөхтөрөн,
Аҕам киһинэн дьаһаттаран,
Эдэр киһинэн сирдьиттэнэн
Элбэх нэһилиэк
Сирин тохору тэнийдэ,
Улуус-улуус
Улаҕатын тохору тунуйда...
... Саха сирин барытын сабардаата,
Тоҥус сирин ордорбокко тунуйда,
Чукча сиригэр тиийэ чуураадыйда.
Дьэ, итинник. Дьаардаах-дьааттаах арыгы, арыгыттан сылтаан араас куһаҕан кэмэлдьи: уоруу, күлүгээннээһин, өлөрүү-өлөрсүү – барыта бүгүҥҥү олоххо да бааллар.
Улуу бөлүһүөк А.Е. Кулаковскай 105 сыл анараа өттүгэр норуотун кэскилин туһугар суруйан хаалларбыт «Арыгы» хоһоонун ааҕыҥ уонна өссө толкуйдааҥ бу айымньы бүгүҥҥү күҥҥэ суолтатын туһунан, арыгыһыт диэн кимий, дьиэ кэргэҥҥэ арыгыһыт үөскэтэр проблемалара ханныктарый-туохтарый?
Саха тулуурдаах, күүстээх санаалаах омук!
Хас биирдии киһи олоххо сыаллаах, үтүөҕэ-мааныга тардыһар, кэрэни-үчүгэйи кэрэхсиэн наада.
«Арыгы» диэн хоһоону нуучча суруйааччыта Владимир Солоухин «Оборотень» диэн тылбаастаабыта.
Библиотекаҕа кэлиҥ, ааҕыҥ! А.Е. Кулаковскай кинигэлэрэ библиотека ааҕар саалатыгар да, абонемеҥҥа да бааллар.
Матрена АРГУНОВА,
15 № филиал – «Моя библиотека» оҕо библиотеката