Ааллаах Yүн сындалҕаннаах айаныгар
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Другое
06.08.2020

Ааллаах Yүн сындалҕаннаах айаныгар

Просмотры: 2802

Ааллаах уһун суолунан

Аартык, дабаан ахсынан,

Ахсааннара биллибэт

Араас элбэх обуостар,

Аналлардаах былааннаах

Аасыһаллар, бараллар...

Кырыалардаах кыһыннаах

Кыраай Сахам сирдэрэ,

Кыраадыстаах тымныыттан

Кыһаллары билбэккэ,

Кыайыы көмүс кылаатын

Кыһыннары кыстаста.

Иннокентий Захаров-Майаҕастыырап

a8d3dd31-fac7-49ed-84f9-5b538.jpg

Мэҥэ-Хаҥалас холкуостаахтара – Ааллаах Үүҥҥэ / “Мэҥэ-Хаҥалас улууһа” муниц. оройуонун нэһилиэктэрин дьаһалталара, “Биир ньыгыл Арассыыйа” полит. баартыйа ; [хомуйан оҥордулар: Т. И. Артемьева, М. К. Федоров, Н. Г. Черкашина, А. В. Эверстов ; эрэдээктэр М. И. Птицына]. – Дьокуускай, 2018. – 496 с.

Дойду экономиката сайдарыгар, бигэ туруктаах буолуутугар Саха сирин көмүһүн промышленноһа киллэрбит кылаата улахан. Промышленность атаҕар туруутугар Саха сирин үлэһит дьоно - тыа сирин олохтоохторо, холкуостаахтар тугунан да кэмнэммэт үтүөлэрэ-өҥөлөрө историяҕа ситэ үөрэтиллэ илик.

Мэҥэ Хаҥалас улууһун “Биир ньыгыл Россия” политическай баартыйата “Историческая память” бырайыак чэрчитинэн “Ааллаах Yүн таһаҕасчыттара” диэн тиэмэни ылынан олоххо киллэрэн 1934-1954 сс. холкуостаахтар хорсун быһыыларын кэлэр көлүөнэ ыччакка ааҕан биллин, үтүө холобур оҥоһуннун диэн улахан тэрийэр үлэ ыытан бу кинигэ таҕыста.

1932-1933 сыллардаахха хайа инженерэ Н.И. Зайцев салайааччылаах геологическай партия Алдан өрүскэ түһэр Ааллаах өрүс элбэх салааларыгар үгүс кыһыл көмүс саппааһын чинчийиитин түмүгэр атырдьах ыйын 10 күнүгэр Наркомтяжпром «Главзолото» тэрийиитинэн «Якутзолото» трест «Ааллаах Үүн» бириискэлэрин салалтатын тэрийбиттэрэ. 1936 сылтан бастаан старателлэр, онтон үгүс бириискэлэр тэриллэн барбыттара. Ааллаах Үүн диэн Алдан өрүс биир уһун салаата. Кини Үөһээ Дьааҥы сис хайаларыттан саҕаланан, Скалистай уонна Сэттэ Дабаан сис хайаларын быыстарынан эриллэн-буруллан, арыт күрүлгэннэнэн, ахсымыран, эриллэ бурулуур элэгэлдьийэр сүүрүгүнэн суһумдьуйар Алдан эбэҕэ Эдьээн (Эльдикан) уонна Уус-Майа икки ардыларынан уутун суккуйар.

Көмүһү промышленнай хостооһун саҕаламмыта. «Якутзолото» трест салалтата Алдан өрүс биэрэгэр таһаҕаһы мунньар база быһыытынан Охотскай Перевоз диэн бөдөн рабочай бөһүөлэги олохтообута.

ССКП уобаластааҕы салалтатын дьаһалынан Илин эҥэр киин оройуоннарын холкуостарын атынан таһаҕаһы көтөҕүүтүгэр соруйбуттара. Көмүс хостуур бириискэлэргэ тиэрдиллэр таһаҕаһы көтөҕүү кыһыҥҥы суолунан оройуон холкуостарыгар сыыппара быһыытынан түһэриллэрэ. Таһаҕастара үксүн көмүс хостуур рабочай кылаас аһыыр аһа, үксүн бурдук, үлэлиир тэриллэрэ, таҥнар таҥастара буолара. Көлө баһыгар 250-300 киилэ таһаҕаһы, түөртүүтэ кырынар гына оҥорон алта ыйдаах таһаҕас көтөҕүүтүгэр ыыталлара. Холкуостаахтар бэйэлэрин кэтэх хаһаайыстыбаларыттан тэринэн, аһыыр өйүөлэнэн, итии таҥас тиктэрэн бараллара. Колхоз салалтата көлө бастыҥын сүүмэрдээн, сыарҕаны, быаны-туһаҕы, аара көлө сиир отун тиэйэн айаҥҥа атаараллара. Таһаҕас көтөҕүүтүгэр колхоз саамай кыайыгас, араас балаһыанньаҕа кэпсэтиини сатаан ыытар үлэһиттэрин талаллара. Таһаҕаска сылдьааччылар бары да үлэ ыараханыгар, үлэлиир усулуобуйалара сэриилэһэр саллаат курдук сылдьаллара. Таһаҕас көтөҕүүтүгэр ол ыраах айаҥҥа күһүн сыарҕа хаара түһүүтэ тэринэн бараллара, муора суолунан кэлбит аһы-үөлү, туттар тэрили Алдан Охотскай Перевоһуттан Ааллаах Үүн көмүстээх бириискэлэригэр иккилиитэ, сороҕор түөртүүтэ-биэстиитэ кырынан тиэрдэн бараннар, саас уу-хаар тахсыыта дойдуларыгар сыралара-сылбалара быстан эргиллэллэрэ.

Кинигэҕэ Мэҥэ-Хаҥалас оройуонун дьаһалтата таһаҕас көтөҕүүтүгэр былааннарын, бэйэлэрин үлэлэрин чэпчэтэргэ холкуостаахтар санаалара архыыб докумуоннарыттан киирбитэ кэрэхсэбиллээх. Ол курдук Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии бириэмэтигэр 1941-1942 сс. 457 номердаах уурааҕар сөп түбэһиннэрэн Якутзолототранс таһаҕаһын тиэйиитигэр кыһыҥҥы сезонна 2344 көлөнү, 1945-1946 сс. – 342 көлө бэлэмнэппит. Бу көлө ахсаана аҕыйаабытын бэйэҕит да өйдөөтөххүт буолуо. Хаһыат ыстатыйалара кыһыл көмүс хостуур бириискэлэр үлэлэрин, холкуостаахтар Ааллаах Үүҥҥэ таһаҕаһы көтөҕүү былаанын аһары толороллорун кэпсииллэр.

Кинигэҕэ 27 нэһилиэк бэйэлэрин 843 дьоннорун ахтыыларын аймахтарыттан, оҕолоруттан ылан хаартыскалаан киллэрбиттэр. Билигин Ааллаах Үүҥҥэ айан кыттыылаахтарыттан ким да ордубатах буолан үгүстэр ааттара-суоллара умнулуннулар.

Бу ахтыылартан эһиги ааҕан билиэххит кыһыҥҥы тымныыга айаннара чахчы даҕаны киһи уйанын-хатанын тургутар сүрдээх ыарахан уонна кутталлаах эбитин.

Ахтыыларга суруйалларынан: “Суолбут-ииспит олус сындааһыннаах, сыралаах уонна кутталлаах. Аллаах Үүн Охотскай Перевозтан 253 килэмиэтир. Онно тиийэргэ үксэ тарыҥнаах үрэхтэри, Сэттэ Мэҥэһик Дабаан диэн 13биэрэстэ былаһын тухары хайаны хаһан дабайыыттан дабайыы салҕанан бара турарын нөҥүөлүүрбүт. Аны дабаан саамай оройугар тахсыыта 200 миэтэрэ холобурдаах. Дабаан олус туруору, онон кирилиэс курдук суоруллан оҥоһуллубут үктэллэрдээх этэ. Маны дабайыыга ат сыыһа үктэннэҕинэ, таһаҕастыын хайа аппатыгар үлтү түһэр кутталлаах. Аттар барахсаттар итини өйдүүр курдук сыыһа үктээбэт этилэр. Манна ат таһаҕаһын ыарырҕатан турунан кэбистэҕинэ, айанньыт таһаҕаһы бэрт түргэнник суол кытыытыгар көҕүрэтэ охсон баран атын дабаанна сиэтэн таһаарар. Онтон хаалларбыт таһаҕаһын бэйэтэ саннынан сүгэн дабаан оройугар саҥалыы көлөтүгэр тиэйэрэ. Бэрт сорунан үөһээ арҕаска тахсан аттар барахсаттар көлөһүн-балаһын аллан, быччыннара илибирии, бэйэлэрэ тыын быһаҕаһынан тыына тураахтыылларын көрөргө олус ыарахана… Онтон дабааны түһүү биир туспа мучумаан. Бу айан тухары 2,5-3 көс арыттаах хонор симиэбийэлэри туттарбыттар. Ханда үрэҕэр түһэр үрэхтэр кыһын сорох сирдэринэн тоҥмокко тааҥнаан буруолуу сыталлар. Ону күрүмэ этэрбэһинэн кэһэн туоруугун. Көлө өллөҕүнэ таһаҕаһын атын көлөлөргөр тиэйэн биэрэҕин. Онон Охотскай Перевозтан үрэх устун 150 биэрэстэ устата айанньыт уу тарыҥын кытта өрө мөхсөрө. Араас хайыр таастаах таас дабааннары өрө-таҥнары сыыйан, Силлиэмэн диэн элбэх айанньыт муҥун ытаппыт сирин ааһаҕын, кыһыҥҥары сүүрдэ сытар тарыҥнаах үрэхтэри туоруугун. Аакка-суолга киирбит Силлиэмэн диэн 7 биэрэстэ усталаах хайа аппатын үрэҕэ. Бу үрэх аатын да курдук куруук улахан тыаллаах. Кыараҕас үрэх икки өттө суорба таас хайалар. Ол таас хайа сирэйинэн уу саккыраан түһэ туран тоҥмута муус килиэ. Тыал күүһэ сыарҕаны муус килиэ устун туора-маары охсор, ханнык да бэйэлээх таҥаһы курдары охсон үрэр. Тирии саҥыйах сиигин быыһынан тыал киирэр курдук буолара. Манна үксүн ат сыарҕатын туорайыттан тутуһан айанныыгын. Килэҥ муус устун олох айдаарбакка, сөтөллүбэккэ, аты да соруйбакка айаннаатаххына табыллар. Онтон тыал күүскэ түстэҕинэ, кини уоскуйарын 2-3 хонукка кэтэһэн Кырынаастыыр симиэбийэтигэр тохтуугун. Симиэбийэ тэлгэһэтигэр сыарҕалар баппаккалар, үрэх мууһугар тоҥуу хаарга кытта тураллар. Иһигэр дьон баппат үлүгэрэ. Тыал тыаһа үс биэрэстэ сиртэн бу баар курдук сирилээн олорор. Арыый намтаата да айаннаабытынан барабыт. Саха ата барахсан дьэ өйдөөҕө, сымнаҕаһа, тулуурдааҕа бу айанна биллэрэ”.

Бу сылларга таһаҕас көтөҕөллөрүн тухары таһаҕаһы итэҕэстээбэккэ туттарбыттара да дакаастыыр холкуостаахтар тустаах үлэлэригэр эппиэтинэстээх сыһыаннарын. Бу сылларга саха киһитэ итэҕэстээһин курдук сааттаах суолга түбэспитэ бүтүн Саха сирин үрдүнэн суох. Син биллиэ этэ буоллаҕа дии.

Ити курдук 20 сыл холкуостаах хоодуоттар Ааллаах Үүн көмүһү хостуур бириискэлэригэр аһы-үөлү, туттар тэрил арааһын таспыттара. Бу кинигэ тахсыбыта Мэҥэ Хаҥалас улууһун холкуостарын хорсун дьонугар үйэлээх өйдөбүнньүк буолла.

Библиотекаҕа сылдьан өссө бастакы кинигэни ааҕыаххытын сөп:

Ааллаах Үүн таһаҕасчыттара / [хомуйан оҥордо А. К. Татаринов]. – Дьокуускай : Бичик, 2011. – 160 с.

Бэлэмнээтэ Ирина Уваровская, ИМО сүрүн библиотекара.

Смотрите также