Нажмите для увеличения
Сабыйа, ааҕааччыларбытыгар бэйэн тускунан кылгастык сырдатаргар көрдөһөбүн
Мин Үөһээ Бүлүүгэ Маҥаас нэһилиэгэр 1948 сыллаахха төрөөбүтүм. Быйыл 75 сааспын туоллум. Бэһискэ үөрэнэрбэр биһиги оскуолабытыгар оройуоҥҥа биллэр олохтоох поэтесса Иванова Зинаида Константиновна саха тылын үөрэппитэ. Кини литературнай куруһуок тэрийэн хоһоон суруйарга дьарыктаабыта. Онно хас да оччотооҕу кэмҥэ буолар сабыытыйаларга суруйбутум. Космоска бастаан көппүт Юрий Гагарин, Африка коммуниһа Патрис Лумумба туһунан суруйбуппун билигин саныыбын. Учууталым биир сыл үлэлээн баран көспүтэ. Онон мин эмиэ хоһоонноон бүппүтүм. Кэлин сааһыран баран Мииринэйгэ, Арыылаахха 6-с оскуолаҕа үлэлии сылдьан суруйан саҕалаабытым. Онно промышленнай оройуон буолан, оҕолорум нууччалыы иитиллиилээхтэр. Кинилэри төрөөбүт тылларын биллэрээри «Таптаа сахаҥ тылын» пособие кинигэбин ИПКРОҕа 2004 сылга бэчээттэппитим. Манна саха тылын грамматиката хоһоонунан бэриллэр, өс хоһоонноро, сомоҕо-домохторо хоһоонунан илльиритиллэр.
Уһуйаан оҕолоругар тугу сүбэлиигин?
Уһуйаан оҕолоругар, кыра саастаах оскуола үөрэнээччилэригэр хас да кинигэлээхпин. Оҕолорго суруйарга судургу тылынан суруйа сатыыбын да кыайыганнаабаппын дии саныыбын. Сатыырбынан буоллаҕа дии,сүрэх баҕатынан. Сүбэм диэн — элбэхтик ааҕыахха наада, өйтөн ааҕа үөрэтиэххэ, төрөөбүт тылбытын, өйдөөммөт буоллаҕына, ыйыталаһан, тылдьыттан көрөн, билэ сатыахха. Төрөөбүт тылынан кэпсэтэ сылдьыахха. Төрөөбүт сахабыт тыла олус баай, ханна да суох кэрэ тыл.
Нажмите для увеличения
Оҕоҕо хайдах кинигэни талан аахтарыахха сөбүй?
Оҕоҕо биллэрэр,билиитин кэҥэтэр, сааһыгар сөп түбэһэр, бэйэтэ өйдүүр кинигэтин, кырааскалаах ойуулаах кинигэни туттаран биэриэххэ сөп.
Билигин ханнык саҥа үлэлэрдээххиний?
Билигин оҕолорго 5 кыракый кинигэлэрим тахсан эрэллэр. «Айыыларга,иччилэргэ сүгүрүй», «Көмө киһибин», «Билсиҥ: бит-билгэ», «Өс хоһоонноро», «Сомоҕо домохтор». Бу кинигэлэрим чап-чараастар, аҕыйахтар 25-тии эрэ экземпляр. Сааһыран, баарбар бэчээттэтэн кэбиһээри ыксыыбын. Хантан да көмө көрдөһө сүүрбэппин. Хойут, баҕар, туһалаах эбит диэтэхтэринэ, бэчээттэтиэхтэрэ диэн.
Туох баҕа санаалааххыный?
Мин ыра, баҕа санаам диэн — айбыт айымньыларым саха тыллаах баарын туххары бэйэлэрин ааҕааччыларын булан, ааҕылла сырытталлар диэн.
Нажмите для увеличения
Кэлэр ыччакка тугу баҕараҕын?
Эдэр ыччакка, кэлэр көлүөнэҕэ баҕарар баҕам — төрөөбүт тыйыс, кэрэ дойдугутун, Сахабыт сирин, ийэҕит курдук таптааҥ,сайдарыгар олук уурсуҥ, төрөөбүт минньигэс ийэ тылгытын өрө тутуҥ.
Күндү Татьяна Ефремовна, өрөгөйдөөх үбүлүөйгүнэн эҕэрдэлээн туран, дьоллоох-соргулаах, чэгиэн-чэбдик буоларгар баҕарабыт, эйиэхэ уонна чугас дьоҥҥор саха олоҥхотугар ойууланар уйгу-быйаҥ олоҕу! Ил-эйэ эҥээрдэстин, алгыс баһа сыаланнын! Махтал.