Биһиги ааҕааччыларбытын кытта салгыы Саха сирин биллэр-көстөр, киэҥ туттар тахсыылаах аҕаларын олохторун, үөрүйэҕин үллэстэбит. Бүгүҥҥү «Аҕа тус идэтигэр» төрүк ыалдьыта Алексеев Роман Алексеевич – Амор, култуурунай маассабай тэрээһиннэр, «Тэтим» Саха араадьыйатын, «Саха» Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньа бырагыраамматын ыытааччыта.
Дьоллоох оҕо саас
Оҕо сааһыҥ кэмиттэн өйгөр хатанан хаалбыт биир эмэ түгэниттэн сэһэргээ эрэ.
Бу санаатахха элбэх буоллаҕа. Соторутааҕыта эрэ санаан ааспытым, ол ону кэпсиэм. Ахсынньы ый бүтүүтэ, саҥа дьыл үүнүүтэ мин 10 саастаахпар буолан ааспыт түгэн. Оччолорго дьиэбит иһигэр харчы кырыымчык этэ, үлэ эҥин суох, төрөппүттэрбит хайдах эмэ гынан харчы булан саҥа дьылы толору дьоллоох көрсүбүт киһи диэн санаалахтара. Ону Аҕам үлэ суох диэн олорбокко, оҕо уһуйааныгар хаар атыылаан харчыламмытын өйдүүбүн. Хаар кыһын дьиҥэ төгүрүччү элбэх буоллаҕа, ону дьиктиргээн ыйыппытым, хайдах ол кыһын хаар атыылаан харчыланыахха сөбүй диэн, онтум баара кини өрүскэ киирэн өрүс үрдүттэн ыраас сып-сырдык хаары уһуйаан тэлгэһитигэр кыһыҥҥы саҥа дьыллааҕы хаар оҥоһуктары оҥорор киһиэхэ таһан биэрбит эбитэ үһү. Ол түгэн өйбөр хатанан хаалбыт. «Үлэ суох диэн олорума, үлэ хаһан баҕарар баар, хамсаныахха эрэ наада» – диэн аҕам этэн хаалларбыт этиитин күн бүгүн улаатан баран тус бэйэм олохпор илдьэ сылдьабын.
Оскуолаҕа үөрэнэр кэмнэргэр төһө элбэх доҕоттордоох этигиний?
Төрөппүттэрим үлэлэринэн, оскуолаларбын үгүстүк уларыппытым, кылааһынньыктар онон элбэхтэр. Ол иһин оҕо саастан, оскуола кэмиттэн күн бүгүн алтыһар сибээс тутар доҕотторум үгүстэр.
Оҕо сылдьан туох идэни баһылыаххын баҕарар этигиний?
Оҕо сылдьан араадьыйа ыытааччыта буолар баҕа санаалааҕым. Ол баҕа санаабынан сирдэтэн араадьыйа эйгэтигэр үлэлии-хамныы сылдьабын, бэлиэр 13 сылыгар барда.
Эн олоххор бүгүҥҥү күҥҥэ ордук улахан суолталаах, тирэҕирэн иҥэриммит күндү дьонун сүбэлэрэ.
Төрөппүт сүбэтэ үгүс буоллаҕа. Тулалыыр эйгэҕэ харыстабыллаах сыһыаны, аҕа саастаах киһиэхэ убаастабылы уонна сахалыы куту-сүрү иҥэрбиттэригэр күн бүгүнүгэр диэри махтанабын.
Эһээ, эбээ тапталыгар угуттанан
Эһээлээх эбээҕэр аман тылын.
Күндүтүк өрүү сылаастык саныыр чугас дьонум биллэн турар төрөппүттэрим төрөппүттэрэ, эбээлээх эһээм. Уоппускабар дойдубар эбээбэр булгуччу бара сатыыбын, киниэхэ быйыл дьиэтэ эргэрэн биһиги дьолбутугар саҥа дьиэ биэрбиттэрэ. Онон дьоллоно сылдьар күндү киһим.
Аҕа баһылык – айар-тутар кэскиллээх, тирэхтээх, дьиэ-кэргэн тутаах киһитэ
Ыччат сайдар аартыгар, дьиэ-кэргэҥҥэ, оҕо иитиитигэр Аҕа баһылык оруола.
Аҕа оруола оҕо иитиитигэр улахан буоллаҕа. Оҕо төрөппүтүн көрөн үөрэнэр, ылынар. Бэйэм холобурбунан үлэҕэ-үөрэххэ, күннээҕи олоххо, барыыга-кэлиигэ, хаһаайыстыбаҕа, оҕолорбор сөптөөх хайысхалаах үлэни ыытабын.
Дьиэ иһинээҕи эбээһинэстэри кэргэҥҥин кытта хайдах уллэстэҕитий?
Кэргэмминээн дьиэ иһинээҕи эбээһинэстэри тэҥҥэ тутан үллэстэбит. «Иһити эн эрэ сууйаҕын» – эҥин диэн биһиги дьиэ кэргэҥҥэ суох, барытын тэҥҥэ тутабыт. Оҕолор ону көрөн эмиэ тэҥҥэ көмө буолаллар.
Мин үлэм-соругум туһунан
«Үлэ – дьол» диэн этиигэ төһө сөпсөһөҕүнүй? Урукку кэмнэргэ ханнык улэнэн-дьарыгынан хамнанан-имнэнэн сылдьыбыккыный?
Киһи үлэтин таптыахтаах, оччоҕо толору дьоллоох буолар. Мин үлэбэр күн ахсын үөрэ-көтө барабын, уһун өрөбүллэри эҥин сөбүлээбэппин.
Үлэлээбит сирим элбэх буоллаҕа, хаар түһэрээччиннэн, таһаҕас таһааччынан, уу таһааччынан, диспетчерынан уонна да атын. Ол араас үлэлэргэ үлэлии сылдьан, хаһан эмэ мин барытын кыайыам-хотуом, баҕа санаабын ситиһиэм диэн сыалынан салайтарааччыбын.
Үлэҕэ мин тус бэйэм хаачыстыба өттүн тутуһабын.
Өрөбүллэргин дьиэ кэргэҥҥин кытта хайдах атаараҕыный? Туохха болҕомтону уураҕыный?
Өрөбүллэрбин толору оҕолорбор, дьиэ кэргэммэр аныыбын. Төлөппүөммүн эҥин арааран кэбиһэбин. Иллэҥ кэммин толору кинилэргэ эрэ аныы сатыыбын.
Эн хаһааҥҥыттан араадьыйа ыытааччыта буолбуккунуй? Ол туһунан сырдата түһүөн дуо.
2011 сыллаахха «Сахалыы Виктория» диэн Дьокуускай куорат араадьыйатыгар тургутууну ааһан үлэҕэ киирбитим, ол онтон ыла саҕаламмыта.
Араадьыйа ыытааччыта дьон болҕомтотун тардар куолаһыттан ураты туох билиилээх-көрүүлээх буолуохтааҕый? Эпииргэ хайдах бэлэмнэнэҕиний?
Араадьыйа ыытааччыта үгүһү билиэхтээх көрүөхтээх. Аҥаардас ырыаннан эрэ муҥурдаммакка, араас таһымнаах дьону кытта кэпсэтэ үөрэниэхтээх, сонуннары, буола турар быһыыны майгыны барытын кэтии-маныы сылдьахтаах.
«Саха» Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньатыгар үлэҥ хайысхатын туһунан кэпсээн аһардыан дуо?
«Саха» Национальнай көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньатыгар мин 2019 сыллаахтан үлэбин саҕалаабытым. «Тэтим» Саха араадьыйатыгар ыытааччыннан уонна киэһээҥи өттүгэр саха телевидениетигэр «Олох үөһүгэр» диэн общественно-политичэскай биэриини салайан ыытабын.
Эн уһун болдьохтоох сыаллааххын-соруктааххын дуо?
Сыал сорук элбэх буоллаҕа. Мин маннык диэн этиинэн салайтарабын: «Сыалы-соругу, былааҥҥын ыһа тоҕо кэпсээмэ, оччотугар туолуоҕа, олоххо киириэҕэ» – диэн.
«Музыка мин олохпор» – диэн этиини салҕаа.
Музыка мин олохпор – уоскутар күүс.
Роман Алексеев – кинигэни сэргээччи
Сэргиир суруйааччыларын, сөбүлээн ааҕар кинигэлэриҥ.
Сөбүлүүр кинигэлэрим биллэн туран сахалыы классикалар уонна кэлин биллиилээх спортсменнар автобиографичэскай кинигэлэрин ааҕа сылдьабын.
Роман Алексеев – тус олоҕор
Үлэҥ таһынан тугу дьарыгыраҕыный, хайдах күүс-кыах эбинэҕиний, сынньанаҕыный?
Бириэмэ уонна күүс-кыах ордуннаҕына волейболунан дьарыктанабын.
Тус олоххор туох сүрүн идеялаххыный, девизтээххиний?
Өлүөххэр диэри ситэриэххин баҕарбаккын эрэ сарсыҥҥыга хааллар. Тугу эрэ оҥоруу — ситиһии күлүүһүн тыла. (Пикассо)
Эн баҕа санааҥ, инники кэскилиҥ, дьолуҥ.
Чугас дьонум толору дьоллоох буоллахтарына оччоҕуна мин дьоллоохпун. «Дьол» диэн ол дии саныыбын.