Ethno-musiс диэн саха норуотун ырыатын, тойугун уус-уран тылынан айымньытын кэпсиир, билиһиннэрэр биэрии маҥнайгы таһаарыытыгар Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Дьүрүскэн куолас» ырыа күрэһин Гран-при хаһаайката, «Олоҥхо Этно-Арт», «Туймаада Ыһыах» тойукка лауреата, «Ымыйа чороон тула мустан» Сунтаардааҕы тойук күрэһин кыайыылааҕа, Бурятия республикатын Байкал театра тэрийэн ыыппыт, норуоттар икки ардыларынааҕы «ЗОЛОТОЙ ГОЛОС БАЙКАЛА» - диэн аһаҕас күөн күрэскэ «Көрөөччү биһирэбилэ» номинация хаһаайката, Амматтан төрүттээх эдэр талаан тойуксут, ырыаһыт @nokhsorovasakhaia Сахая Нохсорованы кытта саха ырыатын, тойугун тула сэһэргэһии.