Библиотека тэрээһинэ ааҕааччы хараҕынан
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Библиотека тэрээһинэ ааҕааччы хараҕынан
Другое
19.05.2024

Библиотека тэрээһинэ ааҕааччы хараҕынан[6+]

Просмотры: 590

Тулагыга ыам ыйын 15 күнүгэр, Дьиэ кэргэн Аан дойдутааҕы күнүгэр түбэһиннэрэн нэһилиэнньэбит библиотеката «Оҕону ааҕыыга дьиэ кэргэнинэн уһуйуу» диэн темалаах ааҕааччыларга биир атын суолталаах күнү тэрийдэ. Соторутааҕыта оҕолорго уонна сахалыы билиэн баҕарааччыларга, таба суруйууга, тылы байытарга, буочары тупсарарга диэн аналлаах «Суруй-бичий» диэн тэтэрээт таһааттаран турабын. Кыттааччы быһыытынан ыҥырыллан сиһилии туох өйтөн-санааттан таһаартарыы буолбутун хайдах саныырбынан кэпсээтим.

Иһирэх кэпсээни өссө биир кыттааччы ытыктабыллаах Любовь Семеновна Аргунова ыҥырыллыбыт. Кини «Ыал култууратын» киинин тэрийээччи бырайыак ааптара, ССРС, Норуот, СӨ үөрэҕириилэрин уонна Саха сиринээҕи уопсастыбаннай инициативатын туйгуна, Учууталлар учууталлара, Саха сиринээҕи норуот педагогикатын ассоциациятын чилиэнэ, Арассыыйа уонна Саха сирин суруналыыстарын сойууһун чилиэнэ, педагогичекай үлэ бочуоттаах бэтэрээнэ, Дьиэ кэргэн педагога, социальнай эколог, дьиэ кэргэҥҥэ оҕону иитиигэ 20-тэн тахса кинигэ ааптара, Төҥүлү, Мэҥэ - Хаҥалас улууһун бочуоттаах олохтооҕо, Саха сирин үөрэҕириитин ситимин бочуоттаах Попечителя, «Гражданскай килбиэн» , «Мэҥэ ааттар» бэлиэлэрин хаһаайына.

Кырдьыбыт Киһи, ол эбэтэр - илэ кырдьык диэн буоллаҕа. Оннук эрэ киһи сэниэлэнэр, ис иһиттэн ис дьиҥэ этэринэн хамсанар. Оннук туругар сылдьар эбэтэр «санаатын да оҥор»  диэҥҥэ холобур буолар Любовь Семеновна эбит. Ол курдук Ааҕыы тематыгар сыһыаннаах үлэтин опытыттан, эксперимен быһыытынан Мэҥэ-Хаҥалас Дойдутугар лааҕыр тэрийбиттэрин Далан «Тыгын Дархан» романыгар олоҕуран, тылы сөпкө өйдөөн, хас биирдии оҕо өйдөбүлүгэр болҕомто тардан үлэлээбиттэрин кэпсээтэ. Ырытыы сүрүнэ Сахабыт тылыгар буолан, төһөлөөх баайын, ис иһиттэн иһирэҕин онно хайдах оҕону ааҕыыга сыһыарыыта буолла. Ааҕыы икки суруйуу икки тэҥ аргыстар буолаллар. Бу курдук ыҥырыллыбыт төрөппүттэри кытары аһаҕас диалог, ырытыы, сэһэргэһии олус бэрт сэргэхтик ааста, бэрт тэрээһин буолла. Махтанабын библиотекабыт үлэһиттэригэр, ыалдьыттарга, төрөппүттэргэ олус наадалаах теманы таарыйан истиҥ-иһирэх кэпсэтии ааспытыгар.  Инникитин өссө да элбэх төрөппүтү, оҕолору түмэр олус сэдэх темалары кэтэһэбит.                                                                


Ааҕааччыгыт Марфа Прибылых

Смотрите также