Хатас совхоһугар хара маҥнайгыттан ыһыллыаҕар диэри үлэлээбит Степановтар династиялара буолар. Төрөөбүт дойдубут туһугар олохторун бүтүннүү анаабыт үлэһиттэр тустарынан кэпсиэм. Маннык дьон - эдэр көлүөнэҕэ мэлдьи сөптөөх холобур.
Бу ахтыыны суруйаарыбын оҕо сааспын санаатым. Мин сайыҥҥы сынньалаҥым куруук «Кыһыл күөл» сайылыгын кытары сибээстээх этэ. Мин хос эбээм Степанова Александра Николаевна, эбээм Степанова Валентина Филипповна уонна эдьиийим Степанова Александра Николаевна бары совхозка сыралаахтык үйэлэрин тухары үлэлээбит дьон буолаллар.
Нажмите для увеличения
Хос эбээм Степанова Александра Николаевна төрүт Хатас олохтооҕо, кыыс фамилията – Корякина, 1913 сыллааха Ойуу Хатын диэн билигин Новая Табага баар сиригэр төрөөбүтэ.
Александра Николаевна ыарахан, кытаанах, боростуойа суох дьылҕалаах киһи этэ: ыраахтааҕы кэмигэр революция иннинэ төрүүр, гражданскай сэрии уонна Улуу Аҕа дойду сэриилэрин ааһар, сут дьыллары тулуйар, товарищества, онтон колкоз, совхоз сайдыыта-эстиитэ... Советскай былаас оҥоһуллуута уонна кэхтиитэ, 90-с сыллар кэмнэрэ... Ону кини барытын ис этинэн-тыынынан билэр. XX үйэ саҕаланыыта төрөөн баран, XXI үйэ саҕаланыытыгар өлөр.
Кини алта сааһыгар тулаайах хаалан оҕо эрдэҕиттэн олох ыарахаттарын көрсүбүтэ. Онон кыра эрдэҕиттэн ыарахан үлэҕэ сылдьыбыт. Бастаан товариществоҕа үлэлиир, онтон колхозка, совхозка үлэлээбитэ. Хатаска урут хас да элбэх колхоз баар үһү: Каландарашивлилар, Лениннар, Калининнар диэн. Онтон кэнники элбэх колхоз холбоһон совхоз буолбут.
Александра Николаевна – кини саамай дьиҥнээх норуот депутатынан үлэлээбит. Верховный Совет ЯАССР түөрт созыв народнай депутата. Хатас сэлиэнньэтигэр эмиэ Совет депутата буолар. Ону туоһулуур депутат удостоверениялара уонна хаартыскалар хаалбыттар. Советскай былаас бэйэтин үлэтин «Совет трудящихся депутатов» курдук саҕалаабыттар. Ол кэмҥэ депутаттарга туох да хамнас бюджеттан төлөммөт. Кинилэр дьиҥнээх «норуот дьоно» этилэр. Ол иһин эбээбит, хос эбээбит Александра Николаевна бастаан колхозка, онтон колхозтар холбоһон совхозка, үйэтин тухары ыанньыксытынан үлэлээбитэ. Сылга биирдэ съезд сбордарыгар уонна Совет сессияларыгар көрсүһэллэр эбит.
Совхоз хас биирдии үлэһитин үлэтэ – барыта уопсай дьыалаҕа ыытыллыахтаах диэн девизтаах куруук наһаа кыһанан, кичэйэн үлэлиирэ. Биһиги куруук кинини чиэһинэй, отой туруору майгылаах, чаҕылхай эмээхсин диэн өйдүүбүт.
Нажмите для увеличения
Эбээм Степанова Валентина Филипповна сэрии оҕото буолан, кырачаан оҕо эрдэҕиттэн ыарахан үлэни билэн улааппыт. Бастаан эмиэ колхозка, онтон кэнники хас да колхоз холбоһон "Хатасский совхоз" диэн буолбут.
Урут совхоз кэмигэр хамнас син үрдүк эбит. Колхоз саҕана отой тугу да ылбат буоллахтарына, совхозка ол кэмҥэ үлэлиир дьон оннооҕор куоракка олорор дьонтон ордук учугэйдик олорор эбиттэр. Үлэтэ ыарахан эрээри, хамнаһа үчүгэй эбит. Босхо коллективнай поездкалар баар этилэр. Онон эбээбит Валентина Филипповна Ярославль куоракка, Москваҕа, Крымҥа сылдьыбыт.
Совхоз тэриллиэҕиттэн Хатас сэлиэнньэтэ сайдыбыт: саҥа хонтуора дьиэтэ, остолобуой, маҕаһыын, библиотека, почта дьиэтэ, баанньык. Ити барыта совхоз баар буолуоҕуттан, бу дьон сыралаахтык үлэлириттэн-хамсыырыттан. Дьэ, совхоз кэмнэригэр дьон-сэргэ инники кэскилин итэҕэйбитэ. Кини кэпсииринэн, совхозка бары наҕараада туһугар үлэлээбэтэхтэр: «эрэлбит толору этэ». Хаһыаттар «биһиги барыларыттан ордукпут» диэн ааттаах былааны толоруу туһунан ыстатыйалары таһаараллар. Дьон дэриэбинэҕэ ордук сырдык буолуо диэн итэҕэйэллэрэ
Нажмите для увеличения
Эдьиийим Степанова Александра Николаевна төрүөҕүттэн «Кыһыл күөл» сайылыгы билэр, өйдүүр: ийэтэ үлэлиир, эбээтэ. 4 кылааһы бүтэрээт сайыҥҥы каникулга куруутун дояркалыыр эбит. Онтон кэнники школа-производство-вуз диэн программаннан бастакытын совхозка 1976 сыллаахха оскуола кэнниттэн «Кыһыл күөл» диэн сайылыкка биэс бииргэ үөрэнэр кыыс буолан үлэлии кэлбиттэр. Онно кини секретарь цеховой комсомольской организации, старшай доярка буолбут. 1978 сыллаахха үөрэххэ барар уонна 1986 сыллаахтан саҕалаан, совхоз сабыллыаҕар диэри үлэлиир.
Урут "волга" аппаратынан (бочок) ыыр буоллахтарына, кини үлэлиир кэмигэр молокопровод аан бастаан киирбит. Аны туран цеховой система киирэн звенонан арахсар буолбуттар. Биирдии доярка 50 ынахтаах эбит. Онно 200 төбөнү звено дьоно ыыр. Ол 200 ынах биир хотоҥҥо турар. Икки блокка арахсаллар: бастакы, иккис. Куоталаһыы бөҕөтө буолар звенолар ыккардыларыгар: биир ынахтан 4 тонна үүтү ыырга Александра Николаевналаах бастаабыттар (1 сыл) иккис блок "Сардаҥа" звенота.
80-с сыллардаахха совхоз саамай сайдан турар кэмэ этэ. 90-с сыллардаахха авансированнай хамнас буолар, онтон отой да кэлэр, кэлбэт буолар. Рынок киирэн, дьон уурайан барбыта. Александра Николаевна атыттар курдук барбакка, төрөөбүт совхоһа отой сабыллыар диэри үлэлии-хамныы сылдьыбыт.
Ахтыыны хомуйан, түмэн суруйда Валентина Андриановна Расторгуева (Степанова).