«Саһарҕа» Автодорожнай уокурук ветераннарын кулууба «Мир приключений» библиотека иһинэн үлэлээбитэ өр буолла. Ыйдарынан былааннаан түмсүүлээх көрсүһүүлэр, викториналар, аныгылыы оонньуулар, бэртээхэй мастер-кылаастар, араас дьоҕурдаах дьону түмэр, көхтөөх оонньуулар, ырыалар-тойуктар буолаллар.
Быйылгы биллэриллибит Учуутал уонна наставник сылын, Үлэ сылын, бары мустан эмиэ өрө көтөҕүллэн хас да көрсүһүүнү тэрийдибит. Чахчы учуутал идэтин ис сүрэхтэн ылынан үлэлээбит учууталлар кэпсээннэрэ үгүс, ону үөрэппит оҕолорун ситиһиилэрэ кэрэһэлиир. Бары да 40-ан тахса сыл чуораан аргыстаах, оҕо-аймах дууһатын абылаабыт дьон буоллахтара, ким завуч, пионер баһаатай, нучча тылын, математика, физика учуутала, оскуола салайар үлэһиттэрэ буолан үлэлээн кэлбиттэрэ туоһулуур. Түмсүү үөрүүлээх түгэнигэр эдэр саас эрчимин, ыраах үлэлээбит оскуолаларбытын санаан аастыбыт. Дьиэ кэргэн учууталлар кэпсээннэрэ сэҥээриини ылла, Юрий Наумович, Мария Титовна Ивановтар үлэлэрин хантан саҕалаан, бу 55 сыл устата эдэр саастарын тапталын холбоон ыал буолбут түгэннэриттэн элбэҕи үөрэҕи ситиспит үлэ түмүгүн, элбэх учуутал наҕараадата кэпсиир.
Маҥнайгы уруок, оскуола эппиэттээх, түбүктээх үлэтэ, ол гынан оҕолор үөрбүт харахтара, чугдаарар чуораан уруокка ыҥырар тыаһа өрүү өйбүтүгэр баарын сүрэхпитигэр илдьэ сылдьабыт, учууталлар – бу сааһыран олорон. Көрсүһүүлэрбитигэр сүрэхтэн сүппэт комсомол туһунан, уостан түспэт таптал, эдэр саас, устудьуон кэмнэрбит ырыалара үөрэ-көтө ыланаллар күргүөмнээхтик дуорайаллар.
Түмсүүбүт үлэтэ саҥа дьону түмэн, хоһоону сөбүлүүр суруйар ветераннары кытта үлэтин салгыы ыытан, урут тахсыбыт уокурук ветераннарын хомуурунньугун бэчээттэппит дьүөгэбит Козлова Анна Петровна кэриэһигэр, кини төрөөбүт күнүгэр, суруйбут кэпсээннэрин, хоһооннорун ааҕан ахтан санаан аастыбыт.
Түмсүүлэрбит сэргэхтик ааһалларын “Саһарҕа” кулууп салайааччыта Эсланда Афанасьевна Винокурова эрдэттэн былааннаан, сүбэлэһэн, толкуйдаан сүрдээх истиҥ, дириҥ ис хоһоонноох тэрээһиннэр буолалларын ситиһэр.
Холобур, бу ”Ретро мода” көрдөрүүтүн ыытыы буолла. Ахтылҕаннаах ааспыт кэмнэри санатыы, дуоһуйуу буолар. Дьэ манна ким хайдах кыттыа этэй?
Татьяна Саввична урукку платьетын санаан, түүннэри тиктэн 60-с сыллары эдэркээн кыыс оҕону санатта. Оттон Светлана Егоровна үгүс 70-80 сыллааҕы уура сылдьыбыт атрибуттардаах платье кэтэн көһүннэ, ол кэмнээҕи зонтик, сумка, платье, плащ сэҥээриини ылла. Оттон Варя Лебедева устудьуон сааһын санаан, айанныыр, кэлии-барыы түгэн таҥастарын көрдөрдө. Уурулла сыппыт платьелар элбэҕи кэпсээтилэр, ол кэмнээҕи дьахталлар таҥастарын санаан аастыбыт. Ол кэмҥэ омук сириттэн кэлбит былааччыйалар дьүһүннэрин сүтэрбэккэ, саҥалыы сырдыыр эбиттэр, Чехословакияҕа оҥоһуллубут туфля эмиэ сэҥээриини ылла. Ити курдук көхтөөх, эдэрдии эрчимнээх фотосессия буолла. “Ретро муода” көрдөрбүт кыттааччылар Мария Степановнаттан бэртээхэй бэлэх тутан, итии үүттээх чэйи иһэ олорон, түмсүүнү санатар дьикти ойуулаах чааскы ууммутун, үөрэ тутан тарҕастыбыт.
Учуутал уонна наставник сылын үөрэ көрустүбүт, үгүспүт учууталынан, баһаатайынан, интернат иитэччитинэн оскуола иитэр-үөрэтэр завучтарынан, директарынан үлэлээн кэлбиппит.
Библиотекабыт саҥа улахан аныгылыы библиотека буоларыгар олус баҕарабыт, оскуола оҕолорун, устудьуоннары кытта түмсэн элбэх көрсүһүүлэри, күрэхтэри, конференциялары ыытарга өссө төгүл табыгастаах буолуо этэ. Оҕо саастан кинигэ ааҕа, библиотекаҕа сылдьа үөрэммит оҕо, кэлин онтун олох умнубат уонна өссө сайдан ааҕарга кэрэхсэбилин биэрэр дии саныыбын.
Галина Васильевна Сидорова Автодорожнай уокурук ветераннарын сэбиэтин председателя.