Тойук - норуот ырыата. Саха олоҕун-дьаһаҕын, дьарыгын итэҕэлин кытта сибээстээх сиэр-туом силигин толоруу барыта ырыалаах-тойуктаах буолар. Тойук дьиэрэтии уонна дэгэрэн матыыбынан толоруллар. Саха киһитэ ыһыахха эбэтэр тугу эмэ олус хайҕаатаҕына, сөхтөҕүнэ уруйдаан-айхаллаан туойар. Төрөөбүт дойдутун кэрэтин, норуот үтүө үгэстэрин хоһуйар.
Н.Д. Неустроев аатынан Дьокуускайдааҕы кииннэммит SMART-бибилэтиэкэҕэ Смарт-этно устуудьуйа чэрчитинэн саҥа саҕалааччы хомусчуттарга «Хомус алыптаах дорҕооно», норуот тылынан уус-уран айымньытыгар «Төрүт дорҕоон» куурустар, ону таһынан 18-тан үөһээ саастаах ааҕааччыларбытыгар анаан 2022 сыллаахха «Тойук Тоҕойо» куурус арыллыбыта. Куурус 8 дьарыктан турар, нэдиэлэҕэ биирдэ кэлэн икки ый кэриҥэ сөпкө тыыныы, кылыһах эрчиллиититтэн саҕалаан, тойук арааһын, оһуокай киириитин, алгыһы уонна норуот ырыатын кытта билсэллэр.
«Тойук Тоҕойо» куурус кэннэ дьон санаатын ааҕыаххайыҥ...
Валентина Соколова
2019 сыллаахха Смарт-библиотекаҕа фольклор араас көрүҥнэригэр дьарыктыылларын истэн онно тиийбитим. Ааҕааччы билиэтинэн босхо хомус тардарга, туойарга, оһуокай арааһыгар үөрэнэбит. Дьарыкпыт сөпкө тыынар, кылыһах таһаарар эрчиллиилэртэн саҕаланар. Салайааччыбыт Ольга Валериевна Матвеева олус кыһаллан туран үөрэтэр.
Бу дьарыкпыт пандемия кэмигэр да тохтооботоҕо. Ольга Валериевна видеоуруоктары устан онон дьарыктаммыппыт. Дьиэҕэ хаайтаран олорор саастаах дьоҥҥо абыраллаах этэ. Билигин хомуска салгыы дьарыктанааччылар «Далбар» диэн ансаамбыллаахпыт. Араас конкурстарга кыттабыт.
Саха фольклорун интэриэһиргиир дьоҥҥо бу Смарт-библиотека ыытар дьарыктара наһаа наадалаахтар дии саныыбын. Онон бу библиотека дьаһалтатыгар уонна чуолаан салайааччыбытыгар Ольга Валериевнаҕа улахан махталбын тиэрдэбин.
Ольга Крылова
Мин Ольга Крылова үһүс көлүөнэ оскуолатыгар үҥкүү, хомус кружоктарыгар сылдьыбытым. Смарт библиотека специалиһа Ольга Валериевна Матвеева «Төрүт дорҕоон» куурус ыытар диэбиттэригэр үөрүүнэн суруттаран 3 сыл зуумунан норуот ырыатын, оһуохайы, тойугу, олоҥхону, чабырҕаҕы үөрэппиппит. Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах тэрээһиҥҥэ 14 киһи буолан олоҥхону зуумунан Смарт библиотека ааҕааччыларыгар толорбуппут. Мин онно олоҥхоттон ат тойугун толорбутум.
Бу күһүнҥэттэн Смарт библиотекаҕа хомуска уонна тойукка үөрэнэбин. Үөрэхпит тыыныы, кылыһах эрчиллиилэриттэн саҕаланар. Киниэхэ үөрэнэргэ чэпчэки, үтүө майгылаах, үөрэ-көтө сылдьар. Хомуска оонньуурун тупсубут дииллэр. Онон Ольга Валериевнаҕа махталым улахан.
Любовь Федорова
Оһуохай үҥкүүтүн, тойук ырыатын, хомус тыаһын уруккуттан кэрэхсиибин. Смарт библиотекаҕа 1 ыйдаах тойук, хомус дьарыга баарын истэн иккиэннэригэр сырыттым. Бэлэм программа быһыытынан Ольга Валериевна Матвеева диэн анал фольклор үөрэхтээх эдэр библиотека үлэһитэ үөрэттэ. Кини бэйэтэ олус бэрткэ туойар, ыллыыр, хомуска оонньуур уонна мындыр киһи буолан, кэпсиирэ, этэрэ, көрдөрөрө барыта чуолкай, чопчу, киһи этин сааһынан киирэр, тугу эрэ өссө билэр уонна сатыыр баҕаны үөскэтэр. Мин ордук тойук дорҕоонун таһаарар техникаҕа үлэлээтим. Онно саҥа ньымалары биллим. Тахсар тойук киһи ис туругуттан тутулуктаах диэн өйдүүрүм бигэргэннэ уонна өссө дириҥээтэ. Ольга Валериевна бу махталлаах үлэтэ дьоҥҥо сэргэҕэ уонна тус бэйэтигэр таһаарыылаахтык салҕанарыгар, уһун үйэлэнэригэр баҕарабын.