Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
13.02.2022

Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ

Просмотры: 2858

Олунньу 13 күнэ Саха сирин үрдүнэн төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ.

Былыр-былыргыттан саха бүөбэйдээн, чочуйан-тупсаран кэлбит барҕа баайа ийэ тыла буолар. Төрөөбүт тыл киһи үөрэҕи-билиини кэбэҕэстик ылынар, өйө-санаата туругурар, майгыта-сигилитэ ситэр, иһирэх иэйиитэ уһуктар, өлбөт үйэлээҕи айар-тутар дьоҕура тобуллар айылҕаттан бэриллибит эйгэтэ буолар.

Олунньу ый 11-12 күннэригэр В. Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ куйаар ситиминэн, саха норуотун маассабай суругун-бичигин төрүттээччи, саха бастакы лингвист учуонайа Семен Андреевич Новгородов төрөөбүтэ 130, сахалыы бастакы букубаар тахсыбыта 105 сылларын уонна төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаан, араас хабааннаах тэрээһиннэри ыытта."Саха тылыгар эргэрбит тыллар", "Ийэ тыл илгэтэ, төрүт тыл төлкөтө" уонна "Сахалыы дьыктаан".

WhatsApp Image 2022-02-12 at 21.37.35.jpeg

Саха тылын үөрэтиҥ, таптааҥ, ытыктааҥ, төрөөбүт тылгытынан суруллубут кинигэлэри ааҕыҥ-сэргээҥ!


САХА ТЫЛЫГАР ЭРГЭРБИТ ТЫЛЛАР

Олунньу ый 11 күнүгэр В. Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ куйаар ситиминэн, Саха норуотун маассабай суругун-бичигин төрүттээччи, саха бастакы лингвист учуонайа Семен Андреевич Новгородов төрөөбүтэ 130 сылыгар, ону тэҥэ төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаан "Саха тылыгар эргэрбит тыллар" (Архаизмы в якутском языке) диэн тэрээһини ыыттыбыт. Тэрээһиммитигэр Арассыыйа Наукаларын академиятын Сибиирдээҕи салаатын Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах норуоттар проблемаларын институтун научнай үлэһитэ, тыл билимин хандьыдаата Алевтина Афанасьевна Скрябина ыалдьыттаата. Дьокуускай куорат 23 нүөмэрдээх орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччилэрэ уонна ийэ тылын баайынан, кэрэтинэн киэн туттар сэргэх истээччилэрбит чинчийээччи кэпсиирин болҕойон, сэҥээрэн иһиттилэр.

Ийэ тылбыт барахсан хас эмэ үйэни уҥуордаан, эппитигэр-хааммытыгар иҥэн, өйбүтүн-санаабытын салайан, аныгы кэм сабыдыалыгар оҕустаран, сүтүө-симэлийиэ диэн сахалыы куттааҕы эрэ барыбытын долгутар.  Ол эрээри, төрөөбүт тылбыт сүөгэйин-сүмэтин сүтэрбэт туһугар хас биирдиибит бэйэбититтэн тутулуктааҕы оҥорорго кыһаллыахтаахпыт. Алевтина Афанасьевна саха тылыгар эргэрбит тыллар баалларын  өйдөнөр гына уу сахалыы олус интэриэһинэйдик кэпсээтэ, презентация көрдөрдө уонна оҕолору кытта бииргэ эргэрбит тыллары этииттэн булууга эрчиллии оҥоттордо. Бибилэтиэкэ үлэһиттэрэ быыстапкаттан кинигэлэри көрдөрдүлэр, тэрээһин чэрчитинэн төрөөбүт тылы үөрэтиэн баҕалаахтары кэлэн баай матырыйаалы кытта билсэллэригэр, туһаналларыгар ыҥырдылар.

Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына, салгыы сайдар, барҕарар кыахтанар. Тыл – бүтүн норуот баайа, кэлэр кэскилэ. Ийэ тылгытын үөрэтиҥ, билиигитин хаҥатыҥ!




ИЙЭ ТЫЛ ИЛГЭТЭ, ТӨРҮТ ТЫЛ ТӨЛКӨТӨ

Кыстык кыһыммыт ортолоон, күммүт-дьылбыт уһаан олунньу ыйбытыгар үктэннибит. Олунньу - Одун Хаан ыйа. Бу кэмҥэ тыл иччитигэр сүгүрүйэбит, саха суругун-бичигин бэлиэтиибит.

В. Г. Белинскэй аатынан Кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэ куйаар ситимин нөҥүө бу сыл олунньу 11 күнүгэр саха омук суруктаах-бичиктээх буолуутугар сүдү кылааттаах, саха норуотун чулуу уола, бастакы лингвист-учуонайа Семен Андреевич Новгородов төрөөбүтэ 130, сахалыы бастакы букубаар тахсыбыта 105 сылларын көрсө, төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнүгэр анаан «Сахалыы үөрэнэбит» диэн бырайыак чэрчитинэн  «Ийэ тыл илгэтэ, төрүт тыл төлкөтө» диэн тэрээһин буолла.  Бырайыакпыт бастакы ыалдьыта Былатыан Алексеевич Ойуунускай аатынан литературнай түмэл научнай үлэһитэ Нюргуяна Викторовна Халгаева истээччилэргэ Семен Андреевич Новгородов олоҕун, айар үлэтин сиһилии билиһиннэрдэ. Новгородов 1917 сыллаахха айбыт сахалыы алпаабыта 1924 сыллаахха судаарыстыбаннай алпабыыт быһыытынан билиниллэн 1929 сылга диэри туһаныллыбытын сэһэргээтэ. Семён Андреевич алпаабыта саха тылын дорҕооннорун төһө кыалларынан чопчутук биэрэр сыаллааҕын уонна «хайдах саҥарарыҥ курдук суруй" диэн бириинсипкэ олоҕурбут буолан сахалыы этиигэ тыл бэрээдэгэ уларыйбакка сурук бэлиэтэ да суох өйдөнөрүн чопчулаата. Алпаабыт оччотооҕу үөрэҕэ суох норуоту ааҕарга-суруйарга түргэнник үөрэппит. Онон Новгородов алпаабыта туһалаах кыаҕын чахчы көрдөрбүт туһунан Нюргуяна Викторовна сырдатта. Ону сэргэ литературнай түмэлгэ баар сэдэх кинигэлэри көрдөрөн сэргэхситтэ.

Тэрээһин түмүгэр, Семен Андреевич Новгородов алпаабытынан суруллубут үөрэх кинигэлэриттэн тиэкистэри олус астына аахтыбыт. Төһө даҕаны саха суругар-бичигэр араас алпаабыттар туттулла сылдьыбыттарын иһин, Семён Андреевич Новгородов сахалыы маасcабай суругу-бичиги саҥаттан уларытан, тупсаран оҥорбут уонна бу сурук саха норуотугар тарҕанарын ситиспит сүдү сырдатааччы буоларын итэҕэйдибит.




САХАЛЫЫ ДЬЫКТААН

Олунньу ый 12 күнүгэр, 2014 сылтан үгэскэ кубулуйбут өрөспүүбүлүкэ үрдүнэн  Хотугулуу-Илиҥҥи бэдэрээлинэй үнүбүрсүтүөт уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтин Национальнай бибилэтиэкэтэ тэрийэн ыытар сахалыы дьыктааны суруйуу аахсыйа В. Г. Белинскэй аатынан кыраайы үөрэтэр бибилэтиэкэтигэр буолан ааста

Дьыктаан ыытыллар сыала-соруга: Саха тыла киэҥ эйгэҕэ-билимҥэ, култуураҕа, үөрэхтээһиҥҥэ, дьыала-куолу тылыгар, үлэ араас салаааларыгар, тэрилтэлэргэ туттуллар, сайдыбыт истииллэрдээх, олоҕурбут нуормалаах судаарыстыба тыла буолар. Таба суруйуу литэрэтиирэ, сурук-бичик тылын нуорматын биир суолталаах салаата. Бу тэрээһин оскуола оҕотуттан саҕалаан улахан дьоҥҥо тиийэ табатык суруйууну уонна төрөөбүт төрүт тыл кыһалҕаларыгар уопсастыба араас араҥатын болҕомтотун тардар сыаллаах ыытыллар.

Быйылгы дьыктаан, саха норуодунай суруйааччыта, Россия М. Горькай аатынан Государственнай бириэмийэтин лауреата, кэпсээн, сэһэн уонна роман жанрдарын сайыннарбыт прозаик, драматург, поэт, литературнай кириитик, публицист, эрэдээктэр, оскуола учебниктарын уонна бырагыраамаларын оңорооччу, Саха сиригэр уонна Россияга киэңник биллибит уопсастыбаннай деятель, норуот өйүн-санаатын лидерэ Софрон Петрович Данилов төрөөбүтэ 100 сылыгар ананна.

«Барымаҥ даа, кубалар» диэн айымньыттан быһа тардан, 270 тылтан турар тыллаах тиэкиһи Александра Сивцева, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна, Саха академическай П. А. Ойуунускай аатынан тыйаатырын артыыһа аахта. Дьыктааны саха медицинскэй колледжын устудьуоннара уонна бары баҕалаахтар суруйдулар. Дьыктааны бэрэбиэркэлээһиҥҥэ кылаабынай дьүүллүүр сүбэ быһыытынан Дьокуускай куорат 23 №-дээх оскуолатын саха тылын уонна литературатын учуутала Гаврильева Вера Святославовна сыаналыаҕа.

Бары кыттыбыт дьоҥҥо барҕа махтал. Дьыктаан түмүгүн таһаарыы үөрүүлээх быһыыга-майгыга олунньу 22 күнүгэр туспа тэрээһин быһыытынан ыытыллыаҕа.





КЫТТААЧЧЫЛАРТАН ТЭРЭЭhИН ТУМУГУНЭН СЫАНАБЫЛ:

Смотрите также