Төлө туппат төрүт баайыҥ - төрөөбүт ийэ тылыҥ
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Другое
11.02.2021

Төлө туппат төрүт баайыҥ - төрөөбүт ийэ тылыҥ

Просмотры: 2112

Тылы тыыннаах эйгэ диэн билэбит. Тыл иччилээҕин итэҕэйэн илэ билэбит. Тыл тыына, тыл иччитэ киһи да, норуот да кутугар – сүрүгэр өтөн киирэн, иҥэн тыыннаах сылдьар.Саҥа кэм ирдэбилэ ыччат сиэрин – туомун билиитигэр норуот фольклорун билиитэ быстыспат ситимнээх. Ол аата норуот туох үгэстэрин, сиэрин –туомун , итэҕэлин , бастатан туран, тылын – өһүн, тылынан уус – уран айымньытын оҕо кыра эрдэҕиттэн этигэр – хааныгар, өйүгэр – санаатыгар иҥэринэн улаатар. Төрөөбүт тыл үгэстэрин билэ улааталларыгар норуот уус – уран айымньытын билии, таптааһын улахан оруолу ылар. Саха фольклора баайын, фантазията киэҥин, уобарастара күүстээҕин, идиэйэтэ дириҥин үгүс тыл үөрэхтээхтэрэ бэлиэтээбиттэрэ. Киһи кэрэни өйдүүргэ хайаан да үөрэниэн наада. Ол курдук төрөөбүт тыл үгүс өрүтүн оҕо үөрэнэн, иитиллэн эрэ ситэ өйдүүр. Оччоҕо оҕо төрөөбүт тылын көмөтүнэн кэрэни өйдүүр, айар, бэйэтэ үтүөҕэ тардыһар киһи буола улаатыа. Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр ийэ тылбыт, үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ- сайда турдун! Норуот олорбут олоҕо- дьаһаҕа, дьылҕата тылыгар иҥэн сылдьар. Оҕо төрүөҕүттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитиллэрэ – салгыы сайдар, барҕарар. Сахалыы сайаҕастык саҥарар, иэйиибитин истиҥник этинэр Ийэ тылбыт үйэлэргэ сүппэккэ үүнэ сайда турдун!

Норуот олорбут олоҕо, тыына-дьылҕата тылыгар иҥэн сылдьар. О5о төрүөҕүттэн ийэ тылын эйгэтигэр иитилиннэҕинэ, омук кутун-сүрүн, өр үйэлэргэ муспут муудараһын этигэр-хааныгар иҥэринэр, төрөөбут тылын, бэйэтин омугун харыстыыр киһи буолар. Хайа да омук төрөөбүт тылын билэр, таптыыр, сыаналыыр кэнчээри ыччаттаах буоллаҕына, тыыннаах буолар, салгыы сайдар, барҕарар кыахтанар. Тыл – бүтүн норуот национальнай баайа, кэлэр кэскилэ. Түмүккэ ааҕааччыбыт Римма Васильева хоһоонун сэргииргитигэр ыҥырабыт.

Төрүт тылбытын харыстыах.

Төрүт тылбыт кэрэтин,

Тускуланар тойугун

Тулхадыйбат төлкөлөөн

Туругурда туруоҕуҥ.

 

Холбуур – илбиир тылбытын,

Хоһооннорго хоһуйан,

Хомуһуннаах сүмэтин

Хомоҕойдук туойуоҕуҥ.

 

Аартыктары арыйар

Аптаах уран тылбытын,

Араас өҥнөөх киэргэтин

Алаас аайы дьиэрэтиҥ.

 

Истиҥ иэйии аргыстаах

Илгэ тыыннаах тылбытын,

Итэҕэллиин дьүөрэлээн,

Куппутугар иҥэриэх.

Смотрите также