Статья | Хомуска күргүөм тардыы
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
16.06.2022

Статья | Хомуска күргүөм тардыы

Просмотры: 1533

Бэс ыйын 16 күнүгэр Smart-библиотека иһинэн үлэлиир Smart-этно устуудьуйа «Далбар» фольклорнай ансаамбыл III-с төгүлүн ыытыллар «Аан дойду виртуоз-хомусчута» норуоттар икки ардыларыынаҕы куонкурус чэрчитинэн,  Саха АССР төрүттэммитэ 100 сылыгар аналлаах Дьокуускай куорат Орджоникидзе болуоссатыгар күргүөмүнэн  хомуска тардыыга кыттыыны ылла.
Бу тэрээһиҥҥэ Өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан 300-н тахса сахалыы таҥастаах дьон, 100 сыыппара курдук туран күргүөмүнэн оһуохай матыыбын тартылар. 


фон.jpg


III-с төгүлүн ыытыллар «Аан дойду виртуоз-хомусчута» норуоттар икки ардыларыынаҕы куонкуруска 8 дойдуттан уонна Арассыыйа 11 эрэгийиэниттэн 39 бастыҥ толорооччу кыттаары бэлэмнэнэ сылдьар эбит.

Smart-этно устуудьуйа саха омук дириҥ култууратын, ырыатын-тойугун, төрүт дорҕооннорун, сиэрин-туомун кэлэр кэнчээри ыччакка иҥэриинэн дьарыктанар. Ол курдук биир сүрүн хайысхатынан 2019 сыллаахтан үлэлиир «Хомус алыптаах дорҕооно» кууруска оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо диэн арааран үөрэтэр. Сүрүн уратыта диэн аҕыс дьарыктан турар, хомуһу саҥа илиилэригэр тутааччыларга аналлаах.

21c418fc-4b8d-42b7-9595-cabc30b48812.jpg


Бу сыллар тухары дьон сэҥээриитин ылан элбэх киһи уһуйулунна. Дьокуускайга олорор эрэ дьон буолбакка Верхоянскайтан, Үөһээ-Бүлүүттэн анаан-минээн кэлэн үөрэнэн, астынан барбыт дьон эмиэ бааллар. «Хомус алыптаах дорҕооно» кууруска сөпкө тыынартан саҕалаан хомуһу хайдах илиигэ тутарга уонна олоҕурбут ньымалары үөрэтэбит. 

Самаан сайын салаллан, кэлэн иһэр Үрүҥ тунах ыһыаҕынан бар дьоммутун эҕэрдэлиибит. Саха киэн туттар төрүт дорҕооно — хомуспут өссө өрө тутуллан үүнэ-сайда турдун.



Смотрите также