Оҕо сылдьан аан бастаан өйдөөн билбит кинигэм оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолорго хрестоматия этэ. 1980 сыллаахха тахсыбыт, ол аата, оччолорго 4-5 саастаахпын. Ийэм элбэх да остуоруйаны, хоһоону ааҕан иһитиннэрэр этэ. Кинигэ таһыгар баар оҕолору “Бу эн Биэриккэ, бу балтыҥ Мааһыҥка, оттон бу быраатыҥ Акыым” дии-дии тарбаҕынан оҕолору көрдөрөн ааттыырын бу баардыы өйдүүбүн. Онно сөхпүт буолуохтааҕым бу күндү кинигэни.
Остуоруйа иһиттим да хайа эмэ уобараска киирэн сүрдээҕин сэҥээрэрим. Оччотооҕу кэм оҕото Таал-таал эмээхсин, дядя Стёпа, Айболит курдук сананарым. Онтон күөх экраҥҥа ити дьоруойдарбын көрдөхпүнэ доҕотторбун көрсүбүт курдук үөрэрим. Кэм-кэрдии аастар, ол кэминээҕи дуоһуйуум сүрэхпэр билигин да баар.Хрестоматия уһуйааҥҥа эмиэ баара. Онон элбэх оҕону хоһооҥҥо, ырыаҕа үөрэппитэ, остуоруйаны билиһиннэрэн сиэрдээх майгыны иҥэрбитэ, үөрдүбүтэ-көтүппүтэ саарбаҕа суох.
Хомуурунньук айымньылара оҕо сааһынан тыырыллан киирбит буоланнар, уһуйаан үлэһиттэригэр эрэ буолбакка, дьиэ кэргэҥҥэ, төрөппүккэ оҕо тылын-өһүн, толкуйун сайыннарарга эмиэ сүрдээх туһалаах. Бэйэм эмиэ оҕолорбор ааҕан, кэпсээн, үөрэтэн үгүстүк да туһаммытым. Төрөөбүт ийэ тылбытынан саха, нуучча уонна атын норуоттар остуоруйалара, кылаассык итиэннэ биллиилээх Арассыыйа суруйааччыларын уонна саха суруйааччыларын айымньылара оҕолорбутун сайыннарарбытыгар улахан суолталаахтар. Кэлин оҕо сааһым хрестоматията хомуурунньук 2002 сыллаахха тупсарыллан тахсыбытын билэбин.
Оҕо эрдэҕинээҕи кинигэм билигин да миэхэ баар. Төһө да эргэрдэр, элэйдэр сүрдээх истиҥ, ураты иэйиини санатар күндү кылаат.
Кэскил. төрөппүт, детсад иитээччитэ оҕоҕо ааҕар кинигэтэ
Вера Святославовна Гаврильева,
23-с нүөмэрдээх Дьокуускай куорат оскуолатын
саха тылын уонна литературатын учуутала
.
Материалы хомуйда Анна Тодышева, кылаабынай библиотекарь