Күөх сайын ыһыаҕын ыҥырар
Кулунчук туйаҕын тойуга
Сыһыынан сылгыта, сүөһүтэ
Сыыдам тыал көччүйэр халлаана.
Саха АССР 100 сылыгар аналлаах киэҥ Туймаада туонатыгар Тулагы сыһыытыгар Үрүҥ Тунах ыһыах бэс ыйын 18 күнүгэр ыһылынна. Самаан сайыны уруйдуу киһи бөҕө тоҕуоруста – нэһилиэк олохтоохторо, мааныылаах ыалдьыттар, оҕо-аймах. Уһун кыһын ааһан, от-мас силигилээн-көҕөрөн турдаҕына, кэтэһиилээх кэм тиийэн кэлбитинэн күндү ааҕааччыларбытын, бар дьоммутун Үрүҥ Тунах ыһыаҕынан эҕэрдэлиибит!
Ыһыах аһыллыытын сиэрэ-туома, эҕэрдэтэ, алгыһа этилиннэ, түптэ буруота унаарда, оһуохай төгүрүйдэ, түһүлгэнэн олорон уохтаах кымыс иһиитэ буолла. Ол кэнниттэн эдэриттэн кырдьаҕаһыгар тиийэ аналлаах араас оонньуулар, интэриэһинэй күонкурустар, күрэхтэһиилэр буоллулар, дьон болҕомтотун тартылар. Холобура, «Ааспыт кэм кэрэһитэ» -сэбиэскэй кэминээҕи мал-сал быыстапкатыгар «Үйэлээх мал» аат иҥэрилиннэ Федотов И.Е., Тулагытааҕы бааһаарынай чаас суоппарыгар, «Саха ыалын ытык мала» аат туттарылынна учууталга Васильев В.И. уонна «Дьиэ кэргэн кэриэс мала» ааты ылла Айтымбетова Н.Г., үлэ бэтэрээнэ. «Эллэй эһэбит саҕаттан» Гаврил Колесов төрөөбүтэ 90 сааһыгар аналлаах оһуохай күрэҕэр 7 киһи кыттыыны ылла. Хомоҕой тыллаах-уустаах кыайыылааҕынан таҕыста Федотова Н.К. «Алгыстаах олбох» куонкуруска 10 киһи кытынна. Уран тарбахтаах иистэҥнньэннэр күрэстэригэр кыайыыны ситистэ Шарина С.П., Тулагы-Киллэм нэһилиэгин бэтэрээннэр Сэбиэтин чилиэнэ. Өссө биир интэриэһинэй күрэх «Ырыа-тойук кырдала» диэн норуот ырыатын толоруу буолла. Бастакы миэстэни ылла Семенов Георгий «Эн кэлбитин оһуохайга» диэн ырыатынан. Аҕам саастаах дьон «Хабылык-хаамыска» остуол оонньуутугар 14 киһиттэн дьахталларга кыайыылаах буолла-83 саастаах Слепцова А.П., педагогическай үлэ бэтэрээнэ, эр дьон ортолоругар бастакы миэстэни ситистэ-Васильев В.И., 62 саастаах үлэ бэтэрээнэ.
Бу күн онтон да атын үгүс үөрүүлээх, кыайыылаах-хотуулаах тэрээһиннэр буоллулар.
Тулагы-Киллэм нэһилиэгин үөрүүлээх түмсүүтэ «Ыһыах күнүн уруйдаан!» диэн ааттаах СӨ Үтүөлээх артыыската Саина чаҕылхай кэнсиэринэн түмүктэннэ.
Саха киһитэ былыр-былыргаттан төрүт үгэһэ – ыһыах. Уйгулаах ыһыахпыт уруйун үөрэ-көтө үллэһиннибит, алгыһын куппутугар-сүргэбитигэр иҥэриннибит!
Күндү ааҕааччылар, бу күннэргэ Дьокуускай куорат Библиотечнай ситимигэр нэдиэлэ устата ыһыах чэрчитинэн араас тэрээһиннэр ыытылла тураллар. Ол курдук, эһиги болҕомтоҕутугар, куорат сынньалаҥ паркатыгар бэс ыйын 21-24 күннэригэр «Лесная библиотека» иһинэн араас быыстапкалар, мастер-класстар, викториналар, куонкурустар күүтэллэр! Ону таһынан ЦБС сайтыгар анал Программатын кытта билсиэххитин сөп:
Тулагы-Киллэм нэһилиэгин Телеграм каналыттан Үрүҥ Тунах ыһыах түгэннэриттэн хартыскалары тутуннубут.