Сэмэн Туматтыын сэһэргэһии
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
22.02.2024

Сэмэн Туматтыын сэһэргэһии[12+]

Просмотры: 1115

Олунньу 22 күнүгэр Н.Д. Неустроев аатынан SMART-библиотекаҕа поэт, прозаик, литературнай критик, тылбаасчыт, суруналыыс, СР норуодунай суруйааччыта, СР үтүөлээх үлэһитэ Семен Андревич Попов-Сэмэн Туматтыын көрсүһүү буолан ааста.

Быйыл Семен Андреевич 80 сааһын бэлиэтиир үбүлүөйдээх сыла. Көрсүһүүгэ А.Г. уонна Н.К. Чиряевтар ааттарынан Дьокуускай куораттааҕы национальнай гимназия 7«б» кылааһын үөрэнээччилэрэ кэлэн иһиттилэр, санаа атастастылар.

Семен Андреевич оҕо сааһын, хантан төрүттээҕин, тоҕо Тумат диэн ааттаммытын, төрдүн-ууһун, айар үлэтин олус үчүгэйдик кэпсээтэ. Төрөөбүт дойдутун кэрэ айылҕатын, кыылларын-сүөллэрин, хайдах бултуурун, мүччүргэннээх сырыыларын кэпсээбитигэр бары хоту дойдуга барыахпытын баҕардыбыт.

Кэпсэтиибит саамай интэриэһинэй чааһа, суруйааччы кыра сылдьан бэйэтэ оҥорбут олус ураты оонньуурдарын көрдөрдө. Балык уҥуоҕуттан оҥоһуктарын, кус-хаас тумсуларынан оонньуурун уонна саамай интэриэһиргээбиппит морж аһыыта (клык). Үйэбитигэр хаһан да көрбөтөхпүтүн көрдүбүт, туттубут. Морж аһыыта ыйааһыннаах да буолар эбит.

Онон библиотекаҕа биир умнуллубат суруйааччылыын көрсүһүү буолан ааста. Оҕолор кылаас аатыттан Семен Андреевичка төрөөбүт күнүнэн эҕэрдэлээтилэр уонна бэлэх туттардылар. Библиотека аатыттан махтал сурук уонна «Финансики» проект оҕолорго аналлаах комиксын, А.П. Решетникова «Олоҥхо уонна төрүт култуура: сиэр-туом, ырыа-тойук алтыһыылара» кинигэтин бэлэхтээтибит.

Тэрээһиммитигэр кэлбит оҕолорбутугар, кылааһы тэрийэн аҕалбыт учууталбытыгар Галина Семеновнаҕа уонна оскуола библиотекарыгар Сардаана Иннокентьевнаҕа махтанабыт. Өссө да инникитин үлэлэһиэхпит диэн эрэнэбит.

 

 

Статью подготовила: Мария Беленкова

Смотрите также