Ардыгар олох умнуллубат кэрэ көрсүһүүлэри бэлэхтиир. Олортон биирдэринэн, уһуйааччы Клавдия Ильинична Максимовалыын билсиһии буолар. Ол 90-с сыллар саҕаланыыта этэ. Сайыына ол кэмҥэ дьикти эйгэҕэ киирэн, киһи бэйэтин бэйэ салайыныытын үөрэҕин арыйан, дьоҥҥо көмөлөһөр үлэтин саҥа саҕалаан, дэриэбинэлэри кэрийэ сылдьан уһуйаанын ыытан эрэр кэмэ эбит этэ.
Мин оччолорго төрөөбүт дойдубар олоҕум ыарахан түгэнигэр, кэргэммиттэн арахсан, кыра оҕолоох төрөппүттэрбэр төннөн кэлэн олорор этим. Кулууп дьиэтигэр биллэрии көрөн, үөрэх ыытылларын билэн онно кэлбитим. Син балачча элбэх киһи мустубут этибит. Ол саҕана кыһалҕалаах мин эрэ диэн сыыһа саныыр эбиппин диэн өйдөөбүтүм. Сайыына сүбэтинэн-аматынан, бэйэбитин кытта үлэлэһэн, санаабыт сырдаан, көхсүбүт кэҥээн, олоххо тардыһыыбыт күүһүрэн, инникигэ, бэйэбит күүспүтүгэр эрэнэн, аргыый арыллан, сүөм үрдээбит, бөҕөргөөбүт курдук санаммыппыт барыбытыгар күүс-көмө буолбута. Ол саҕана маннык чараас эйгэҕэ үлэлээччи суох да курдук этэ. Ыарахаҥҥа түбэспит киһиэхэ олус туһалаах курс этэ. Маннык кэрийэ сылдьан төһөлөөх элбэх киһиэхэ көмөлөспүтүн киһи сэрэйиэн эрэ сөп. Үөрэх кэнниттэн мин хараҕым сырдаан, холкутуйан, инникибин санаан үэрэхпин бүтэрэн, үлэ үөһүгэр умса түспүтүм. Ситиһиилээхтик үлэлээн аҕыйах сылынан оҕом оскуолаҕа киириитэ, Дьокуускай куоракка көһөн Авторскай оскуолаҕа үлэлии киирбитим. Биир сыл үлэлээн баран, эмискэччи Сайыына үлэлиир библиотекатыгар атаҕым сирдээн аҕалбыта. Оҕобор анаммыт курдук библиотека аттыгар оскуолаҕа миэстэ көстөн үөрдүбүтэ.
Клавдия Ильинична кэпсээннэрэ киһини соһутар, олус сэргэх буолаллара. Киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук түбэлтэлэри кэпсиир этэ. Иккистээн үөрэххэ коллегабын кытта сылдьан, бэйэм сөҕүөхпүн хоһоон бөҕө суруйан саҕалаабытым. Онон киһи бэйэтин үөрэтэн, дьоҕурдарын арыйыан сөптөөҕүн итэҕэйбитим. Олоҕу көрүүм уларыйбыта. Опера уонна балет театрыгар Сайыына юбилейыгар астык кэнсиэр буолбута. Элбэх үөрэнээччилэр кэлэн эҥин дьикти талааннарын көрдөрөн дьону соһуппуттара, сэргэхсиппиттэрэ, итэҕэппиттэрэ.
Санаабар Сайыына миигиттэн быдан аҕа курдук саныырым. Тас көрүҥүнэн буолбатах (сэбэрэтэ наһаа эдэрэ). Көрүүтүнэн-истиитинэн, киһи, гуру-маастар, үөрэтээччи быһыытынан быдан үрдүк турарынан. Онтукам баара суоҕа 18 сыл аҕа эбит. Бэлиэр бу библиотекаҕа үлэлээбитим отучча сыл буола охсубут. Сайыына 75 эрэ сааһа эбит. Билигин баара буоллар төһөлөөх элбэх киһиэхэ көмөлөһүө, тирэх буола сылдьыа этэй. Ол эрэн кини үөһээ дойдуга өссө элбэх дьоҥҥо күүс-көмө буола сылдьара саарбаҕа суох.
Аныгы үйэҕэ инник дьикти эйгэҕэ үлэлиир эдэр дьоннор сыл аайы элбээн иһэллэрэ үөрдэр. Ол да Сайыына көмөтүнэн буоллаҕына киһи соһуйбат. Инник эйгэни ылынан, ол суолунан барар эмиэ хорсун санааттан тахсар, үрдүк эппиэтинэс. Маннык дьон баар буолан ыарахаҥҥа түбэспит киһиэхэ эрэл үөскүүр.
Олохпут күнтэн күн күүрүүтэ, тэтимэ түргэтээн иһэр. Онтон сылтаан дьон ыгылыйыыта, тууйуллуута эмиэ элбээн иһэр. Ол иһин да буолуо, Сайыына үөрэҕэ билигин наадата саарбаҕа суох. Киһи бэйэтин үөрэтэн, дьоҕурдарын арыйан, олох үөһүгэр олороро наада. Оҕолорбутугар, сиэннэрбитигэр тапталынан сыдьаайан, сылаас эйгэни олохтоон, дьиэ кэргэммитигэр күүс көмө, эрэллээх эркин буолуоххайыҥ, бэйэ бэйэҕэ болҕомтолоохтук, харыстабыллаахтык сыһыаннаһан, бу орто дойду олоҕор кэрэни кэрэхсээн, үтүөнү үксэтэн дьоллоохтук олоруохха.
Сайыына хоһооннорун ааҕан санааҕытын сырдатыҥ, тууйуллар кэмҥитигэр көхсүгүтүн кэҥэтиҥ.
Махталы кытта Сайыына туһунан санааларбын үллэһинним үөрэнээччитэ, библиотекарь Анастасия Сергеева. Өрүү саныыбын, ахтабын, суохтуубун...