Сайылыкка көһүү - өбүгэ үгэһэ
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
23.05.2024

Сайылыкка көһүү - өбүгэ үгэһэ[6+]

Просмотры: 506

2018 сыл сэтинньи 6 күнүнээҕи ыйааҕынан Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр ыам ыйын 22 күнүгэр Сайылык күнэ бэлиэтэнэр. Сайылык күнэ үтүмэн үйэлэри уҥуордаан илдьэ кэлбит саха омугун үгэһин үйэтитии, тыа сирин туруу үлэһит киһитин өрө тутар, инники күөҥҥэ таһаарар сырдык сыаллаах. Хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэн олорор өбүгэлэрбит уһун, тымныы кыһын кэнниттэн баччаларга, от-мас тыллыыта, сүөһүлэрин-астарын илдьэ кыстыктарыттан сайылыкка көһөн тахсар үгэстээхтэрэ, айылҕа биэрэр быйаҥын, күөх мэччирэҥи көдьүүстээхтик туһаналлара. 

Ыам ыйын 22 күнүгэр Н.Д. Неустроев аатынан SMART-библиотекаҕа Айыы Кыһатын 3-с кылааһын үөрэнэччилэригэр «Сайылыкка көһүү сиэрэ-туома» диэн библиотека уруога буолан ааста. Оҕолор сайылыкка көһүү бэйэтэ туспа үгэстээҕин билистилэр. Биллэр худуоһунньук Андрей Чикачев кэрэ хартыыналарынан саха норуотун культуратын, историятын кэпсэттилэр. Худуоһунньук Саха сирин баай айылҕатын олус үчүгэйдик уруһуйдаабатын астына көрдүлэр. 

Оҕолору кытта күн эргииринэн хааман, «Һаадьаҕай оҕус» ырыатын ыллаан, быйаҥнаах, элбэх үүнүүлээх сайын буоларыгар, үтүө баҕа санаа туоларыгар салама ыйааһынын сиэрин толордулар. Саламаны баайар туспа быраабылалааҕын биллилэр.

Сайылык көрүгэр-наргыгар ыам ыйын алгыһа иһилиннэ, ырыа-тойук ылланна, оһуохай үҥкүүтэ дуораһыйда. Тэрээһиммитин сахалыы флешмоб үҥкүүнэн уонна санаа атастаһыытынан түмүктээтибит. Оҕолор бары олус көхтөөхтүк кытыннылар, куруутун бииргэ үлэлэһэр учууталбытыгар Айталина Елисеевнаҕа махталбытын тиэрдэбит. 

Оҕо бэйэтэ кыттыыны ылар, ыйытыктары биэрэр, санаатын этэр, ырыалаах-тойуктаах, үҥкүүлээх тэрээһиннэр олус тиийимтиэтик ааһаллар. Онон, библиотека ааҕааччыларын мантан сайын олус интэриэһинэй тэрээһиннэр күүтэллэр.

Ыстатыйаны бэлэмнээтэ: Мария Беленкова

Смотрите также