Сардаана Корякиналыын ааҕыахха, сайдыахха
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
24.04.2024

Сардаана Корякиналыын ааҕыахха, сайдыахха[16+]

Просмотры: 994

Муус устар 20 күнүгэр бүтүн Арассыыйа үрдүнэн бэлиэтэнэр үгэскэ кубулуйбут «Библионочь-2024» тэрээһини А.П. Гайдар аатынан Дьиэ кэргэн бибилэтиэкэтэ 13 төгүлүн бэрт сэргэхтик тэрийэн ыытта. Быйылгы «Библионочь-2024» аахсыйа «Дьиэ кэргэнинэн ааҕабыт» диэн тиэмэлээх Арассыыйаҕа Дьиэ кэргэн, Өрөспүүбүлүкэҕэ Оҕо саас сылларыгар ананна.

Бу киэһэ араас оонньуулар, сынньалаҥ күрэхтэр ыытылыннылар, кинигэ быыстапката ыалдьыттар болҕомтолорун тарта уонна киһи эрэ кэрэхсээн, сөҕөн-махтайан көрбүт тэрээһининэн буолла эдэр талааннаах суруйааччыны, хоһоонньуту, республика араас муннуктарыгар олорор ааҕааччылар дууһаларын хамнаппыт дьиҥ олоххо буолбут түбэлтэҕэ олоҕуран суруллубут «Күтүөккэ хомолто» кэпсээн ааптарын Сардаана Корякинаны – Сардаананы кытта аһаҕас көрсүһүү. Бу тэрээһин быйыл арыллыбыт «Р.В.С: РазВивайСя» диэн дьиэ-кэргэҥҥэ аналлаах бырайыак иһинэн ыытылынна.

Ааптары кытта көрсүһүүгэ бибилэтиэкэҕэ куруутун сылдьар бэриниилээх ааҕааччыларбытыттан ураты, Сардаана Корякина талааныгар сүгүрүйэр элбэх ыалдьыт кэлбитэ. Биэчэргэ эдэр суруйааччы бэйэтин туһунан кэпсээтэ, дьон интэриэһин тарта. Бэрт сэргэх тэрээһин ыытыллан ыалдьыттар бириэмэни билбэккэ, элбэҕи билэн, сэргэхсийэн, үөрэн-көтөн, бибилэтиэкэ үлэһиттэригэр уонна ыалдьыкка махтанан тарҕастылар.

Сардаана туһунан кэпсээтэххэ:
Сардаана Александровна, псевдонима – Сардаана, Чурапчыттан төрүттээх, идэтинэн Социальнай-пенсионнай фоҥҥа Федеральнай казначейство управлениятыгар отдел бухгалтерынан ситиһиилээхтик үлэлии-хамныы сылдьар. Сардаана бэйэтэ төгүрүччү талааннаах киһи, ол курдук эппиэтинэстээх үлэтин таһынан, ааҕааччы сүрэҕин, дууһатын тутар, интэриэһиргэтэр хоһооннору, кэпсээннэри суруйарын таһынан, бэйэтэ кэрэ куоластаах ырыаһытынан биллэр.

Сардаана Корякина Семен Ченянов студиятыгар икки сыл дьарыктанан, «Эн эрэ» уонна «Доҕорбор» диэн Семен Ченянов аранжировкатыгар, куолаһы таҥан оҥоруутугар, тылыгар, матыыбыгар икки ырыата «Тэтим», «Сахалыы Виктория» долгуннарыгар сүрэхтэммитэ. «Доҕорбор» диэн ырыата НВК телевидениятыгар клип буолан тахсыбыта. Хас да хоһооно ырыа буолан кынаттаммыта, «Тэтим», «Сахалыы Виктория» араадьыйаларыгар сүрэхтэммиттэрэ.

Сардаана «Айар аартыкпыт аргыстара» өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр суруйааччылар бөлөхтөрүн чилиэнэ. «Саҥа олох», «Кыым», «Туймаада», «Киин куорат», «Саха сирэ» хаһыаттарга тэттик кэпсээннэрэ үгүстүк тахсан, күннэтэ бэчээттэнэллэр. Ону таһынан «Чолбон», «Күрүлгэн» сурунаалларга хас да кэпсээнэ тахсыбыта.

«Күтүөккэ хомолто» диэн кэпсээн «Айар» кинигэ кыһата бэчээттээн таһаарбыт, үгүс дьон кутун, сэҥээриитин туппут кинигэ 3 тыһыынча экземплярынан бэчээккэ тахсыбыта эрээри, атыыга номнуо аҕыйах бириэмэнэн бүппүт сураҕын истэн эрэ хаалбыппыт. Бу кинигэ ааҕааччы интэриэһин тардар итэҕэтиилээхтик суруллубутун, ааптар Сардаана суруйааччы быһыытынан үрдүк таһымнааҕын, туспа суоллааҕын көрдөрөр.
Олох киэҥ аартыгар саҥардыы үктэммит эдэр киһи тус дьылҕатын эрдэттэн өҥөйөн көрбөт. Ол иһин КИҺИ дьылҕата уонна олоҕо куруук сүрүн болҕомтону эрэйэр...

Бу «Күтүөккэ хомолто» кинигэҕэ иэдээннээх тургутуулары ааһан, биир да түгэҥҥэ сынтарыйбакка, сыччах үтүөҕэ эрэ эрэлинэн сирдэтэн, олоҕун оһуорун бэйэтэ ойуулаабыт эр киһи киилин, тулуурун күүстээх санаатын туһунан сэһэн дууһаны долгутар, сурэҕи ытатар... Киһи тыннаааҕын тухары эрэлин сүтэрбэтэ тиһэҕэр булгуччу сырдык тардыылаах, дьол кыымын ыспахтыыр күүстээх буоларын ааҕааччы бу кинигэттэн итэҕэйиэ.

Бу кэпсээн ис хоһооно дьиҥ олохтон ылыллыбыт түгэн. Сүрүн геройа Афанасий Степанович Егоров бастакы тапталыгар, кэргэнигэр Даайыска үс кэрэчээн кыыс оҕо төрөөн, эдэр ыал аҕатын дьоллуур. Хомойуох иһин кырачаан Сайыыналара баара суоҕа 3 сааһыгар бу олохтон күрэнэр. Икки улахан кыргыттара Маайыс уонна Татыйаас туох үлэһит дьон буолбуттарын, Дьөгүөрэптэр иллээх-эйэлээх, элбэх о5олоох ыал төрүттэрэ, уустара төһө кэҥээбитин, дьылҕалара хайдах салаллыбытын туһунан ссылканан видеоҕа көрүөххүтүн сөп. Ыал улахан кыыһа Маайыс кэпсээҥҥэ суруллубутунан куорат киинигэр киэҥ билиилээх исписэлиис, Мария Афанасьевна дириэктэрдиир тэрилтэтэ куруук инники күөҥҥэ сылдьар, иккис кыыс Татыйаас быраас идэлээх диэн кинигэҕэ суруллубут. Иэдээннээх тургутуулары ааспыт эр киһи күүстээх санаатын ыһыктыбакка, Афанасий Степанович оҕолорун хайаан да үтүө дьон гына ииппит буолуохтаах.

Сардаана Корякина-Сардаана санаатын үллэстиитэ:
«Биир үтүө күн сэлэспэбэр Дьокуускай куорат «А.П.Гайдар» аатынан муниципальнай дьиэ кэргэнинэн ааҕар киин үлэһитэ – Матрена Егоровна эрийбитэ. Муус устар сүүрбэһис күнүгэр «Библионочь-2024» диэн сылын ахсын ыытыллар акцияҕа кыттыыны ыларбар ыҥырбыта. Манна ааҕааччыга саҥа ааты сырдатар акция уон үһүс сылын ситиһиилээхтик үлэлии турар эбит. Ыҥырыыга тута сөбүлэһэн, тоҕоостоох күммүн долгуйа күүппүтүм.
Буолар күммэр боруогу атыллаан киирбиппэр үлэһиттэр үөрэ-көтө көрсүбүттэрэ. Ааҕар дьиэ иһигэр оҕо-уруу тоҕуоруспута көрөргө наһаа үчүгэй этэ. Билиҥҥи түргэн тэтимнээх, сайдыылаах кэмҥэ оҕо кинигэни илиитигэр ылан, арыйан ааҕа олороро киһини үөрдэр көстүү. Аны сахалыы саҥаран чуопчаарыһалларын истибитим сүрэҕим-быарым ортотунан ааспыта.
Соммун устан түгэх саалаҕа ааспытым дьон кэлэригэр барыта уурбут-туппут курдук бэлэм турара. Ойоҕостуу турар тимир стендаҕа илдьэ кэлбит кинигэлэрбин биир-биир хостоон кэчигирэппиппит. Сыыйа ыалдьыттар кэлитэлээн, тэрээһиммит бириэмэтигэр саҕаламмыта.
Матрена Егоровна микрофону ылан оргууй кэпсээн барбыта. Кинини киһи төһө баҕар истэн олоруох курдуга, дьон умсугуйан олорон хас биирдии тылын иҥэринэ олорбута, ким да, ханна да ыксыыр көрүҥэ суоҕа, дьиҥ чахчы көрө-истэ кэлбитэ көстөр этэ. Үксүлэрин саҥа харахтаан көрбүтүм, үөрбүтүм уонна испэр олус махтана санаабытым. Бачча сылаас, сааскы, өрөбүл күн бириэмэлэрин миэхэ анаары кэлбиттэригэр. Айар куттаах дьүөгэм Инна Донская-Дайаана «Аҕабар» диэн хоһооммун матыыптаан, ырыа ыллаан, көрсүһүүбүтүн киэргэппитэ. Бу киэһэбит олус истиҥник, биир тыынынан ааспыта. Элбэх үтүө тыл этиллибитэ, ырыа ылламмыта, хоһоон ааҕыллыбыта. Дьиэм иһигэр сибэкки дьөрбөлөөх, кэһии тутуурдаах, үөрүү үктэллээх киирэн кэлбитим.
Бары үлэһиттэргэ махталбын тиэрдэбин! Кыһамньылаах үлэҕит үрдүк ситиһиилээх буоллун, дьон махталын ыла турдун, саҥаттан саҥа аат, ааҕааччы, кэрэ кэпсээннээх, үтүө сонуннаах мааны ыалдьыт буолан кэлэ туруохтун!
Махталы кытта Сардаана Корякина-САРДААНА, 21.04.2024с., Дьокуускай куорат».

Ити курдук, ааҕыыны көҕүлүүр сыл ахсын ыытыллар «Библионочь» акция чэрчитинэн ыытыллыбыт көрсүһүү истиҥник, иһирэхтик буолан ааста.

Бибилэтиэкэрдэр уонна ааҕааччылар ааттарыттан биһиги Сардаана Александровна Корякинаҕа тэрээһиҥҥэ кэлэн күндү ыалдьыт буолбутугар улахан махталбытын тириэрдэбит! Баҕарабыт эдэр киһиэхэ талаана арылла турарыгар, ааҕааччы болҕомтотун тардар кинигэлэрэ үксүү турдуннар, санаабыта санаа хоту салаллан иһиэхтин, тахсыылаах, ситиһиилээх буоллун! Дьиэ кэргэнигэр эйэни, дьолу, чэгиэн туругу. Үгүс сүгүрүйээччилэрин махталлара, тапталлара өрүү харысхал буолуохтун!

Статью подготовили: Матрена Охлопкова, Розалия Максимова

Смотрите также