Статья | Салайан-саҥардан иһиэҕиҥ
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
16.02.2023

Статья | Салайан-саҥардан иһиэҕиҥ

Просмотры: 1339

Саргылардаах сахаларбыт

Салаһыннаах саҥаларын

Саҥалыыра тойугунан

Салайан-саҥардан иһиэҕиҥ.

Алампа «Ыччат сахаларга»


Саха лингвист-учуонайа Семен Андреевич Новгородов саха дьоно суруктаах-бичиктээх, үөрэхтээх буолалларыгар улахан сүдү кылааты киллэрбит киһи буолар. Кини алпаабытынан саха литературатын бастакы айымньылара суруллубуттара. Сахалыы тыл, саха культурата сурукка тиһиллэн сайдар суолга үктэммитэ. Кини күн сирин көрбүт күнүгэр – олунньу 13 күнүгэр - Саха сиригэр Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күн чэрчитинэн «Мир приключений» библиотека элбэх тэрээһиннэри партнердарын кытта кыттыһан ыытта.

Нажмите для увеличения

Ол курдук олунньу 11 күнүгэр Дьокуускай куорат оскуолаларын сахалыы 3-4 кылаастарын үөрэнээччилэрин икки ардыгар «Аман өс» күрэх буолла. Бу тэрээһини 1 нүөмэрдээх орто оскуола иилээн-саҕалаан ыытта.Библиотека быыстапканнан, дьүүллүүр сүбэҕэ үлэлээн кыттыыны ылла. Бастакы түһүмэххэ кыттааччылар бэлэмнэммит «Төрөөбүт төрүт тылым» тиэмэҕэ кэпсээтилэр. Иккис түһүмэххэ оҕолор үс араас тыллары хайдах өйдүүллэрин быһааран эттилэр. Онтон үһүс түһүмэххэ кыттааччылар ыйытыктарга хоруйдары биэрдилэр. Оҕолор үс түһүмэх тухары бэйэлэрин санааларын сахалыы саҥаран эттилэр.Күрэх үрдүк тэрээһиннээхтик ааста.

Нажмите для увеличения

Олунньу 13 күнүгэр төрөөбүт төрүт тылы уруйдаан, Хотугулуу-Илиҥҥи университет алын кылаастаах «Сэргэлээх» оскуолатыгар «өй оонньуута» буолан ааста. Оҕолор саха тылын, Саха сирин туһунан умсугутуулаах оонньууну сэргээн, бөлөҕүнэн арахсан дуоһуйа таайдылар, болҕомтолоохтук иһиттилэр. Кыайыылаах хамаандалар минньигэс бириискэ тиксэн үөрүүлэрэ үксээтэ. Оскуола оҕолоро маннык тэрээһиннэри олус сөбүлээн сылдьалларын биһиги, библиотека үлэһиттэрэ, астына бэлиэтиибит.

Нажмите для увеличения

Олунньу 14 күнүгэр Дьокуускай куорат сахалыы үөрэтэр бөлөхтөрүн «Ийэ тылынан иитии» методическай холбоһуга буолан улахан «Културологическай тургутук-2023» ыыттылынна.Тэрээһиҥҥэ уһуйаан иитээччилэрэ кыттыыны ыллылар, бары көхтөөхтүк кэлэн уопсайа 56 иитээччи тургутугу ааста. Тургутук сэттэ сорудахтан, ол иһигэр сэттэ ыйытыктан тутуллаах. Тургутук түмүгүнэн уон икки улахан бааллаах кыттааччы диплом туттулар уонна хас биирдии кыттыбыт туоһу сурук ыллылар.Маны таһынан олус киэҥ ис хоһоонноох «Омук күүһэ – өйүгэр, өйүн күүһэ – тылыгар» быыстапка сэҥээриини ылла.

Нажмите для увеличения

Олунньу 15 күнүгэр Дьокуускайдааҕы технология уонна сервис техникумун студеннарыгар тэрээһин буолан ааста. Оҕолор С.А.Новгородов, Э.К.Пекарскай олохторун уонна айар үлэлэрин кытта билистилэр. Биһиги библиотекабыт кинигэ быыстапкатын тэрийэн кэпсээтибит уонна «Төрөөбүт тылгын төһө билэҕин?» диэн викторина оонньоттубут. Кыайыылааҕынан ПиКД-5 бөлөхтөн Софья Полномошных ааттанна.            Устудьуоннар хоһоон аахтылар, викторинаҕа олус көхтөөхтүк кытыннылар. Нарын хомус тыаһынан КМиТШИ-9 бөлөх устудьуона Күннэй Наумова тэрээһини олус киэргэттэ. Техникум библиотекардара ыыппыт социологическай опростарын түмүгүнэн студеннар улахан аҥардара сахалыы саҥараллара уонна кэпсэтэллэрэ биһигини олус үөртэ.

Маннык тэрээһиннэри «Мир приключений» библиотекэ сыллата ыытар, бииргэ үлэлиир партнердарбыт өйүүллэр уонна тэрийии бииргэ барарын табыгастааҕын бэлиэтииллэр.

Суруйда М.С.Кайдалова

Смотрите также