Айыы – аан бастаан айыллыбыт үрдүк күүс. Айыылар сири-дойдуну, киһини-сүөһүнү, көтөрү-сүүрэри, үөнү-көйүүрү барытын айбыттар. Үөһээ илин халлааҥҥа олороллор. Онно үс халлаан Орто дойдуга намылыйан түһэллэр, ону «сатыы халлаан» дииллэр.
Айыылар ааттара: Айыыһыт, Иэйиэхсит, Дьөһөгөй, Хотой Айыы, Улуу Суорун, Сүҥ Дьааһын, Дьылҕа, Таҥха, Билгэ, Одун, Чыҥыс Хаан, Үрүҥ Айыы Тойон.
Бастакы халлааҥҥа Айыыһыт Хотун олорор. Кини оҕону үөскэтэр айыы. Киһини, олоҕун устатын тухары араҥаччылыыр, олох очурдарын туоруурга күүс-кыах биэрэр аналлаах. Өбүгэлэрбит бу айыыны намыын мөссүөннээх, толору эттээх-сииннээх толуу-мааны дьахтар быһыытынан көрөллөр. Майгытынан эйэҕэс, ол гынан баран олус өһүргэс эбит. Дьоҥҥо өһүргэннэҕинэ, кыыһырдаҕына оҕо кутун биэрбэт. Ол алгыс тылыгар көстөр: «Инники да өттүгэр биһиги уорукпутун өҥөйөөр».
Айыыһыттар элбэхтэр:
Киһи айыыһыта – Налыгыр Айыыһыт
Ынах-сүөһү айыыһыта – мылаҕалдьын Айыыһыт
Хотой уонна дьаҕыл сылгы айыыһыта – Нэлэгэлдьин Сиэр Хотой Айыыһыт
Ыт айыыһыта – Норолуйа Айыыһыт уо.д.а.
Айыыһыкка анаан маннык сиэрдэри-туомнары толороллор: «Оҕо кутун көрдөһүү», «Айыыһыты таттарыы» уонна оҕо төрөөбүтүн кэннэ, үс күн буолан баран оҥоһуллар «Айыыһыты атаарыы» сиэрэ-туома.
Иккис халлааҥҥа Иэйиэхсит Хотун олорор. Кини тыынар тыыннааҕы барытын араҥаччылыыр уонна быйаҥы үөскэтэр аналлаах. Эр киһиэхэ оройунан имэҥи түһэрэр, ону кини дьахтарга иҥэрэр.
Иэйиэхситтэр элбэхтэр:
Киһи иэйиэхситэ – Нэлбэй, Нэлэгэлдьин, Эдьээн Иэйиэхсит.
Сылгы иэйиэхситэ – Сэлэгэлдьин, Дьөһөгөй Иэйиэхсит.
Ынах-сүөһү иэйиэхситэ – Мылахсын, Ынахсыт, Иһэгэй Иэйиэхсит уо.д.а
Саха итэҕэлигэр Айыыһыт уонна Иэйиэхсит айыылар аҕас-балыстыылар, Үрүҥ Айыы Тойон кыргыттара буолаллар. Ол алгыс тылыгар маннык этиллэр: «Айыыһыккыт аргыстаннын, Иэйиэхсиккит эҥээрдэстин»,-диэн.
Үһүс халлааҥҥа Дьөһөгөй Айыы олорор. Кини Үрүҥ Айыы Тойон уола буолар. Былыр-былыргыттан Дьөһөгөй – саха киһитин үҥэр таҥарата, миинэр миҥэтэ, көлүнэр көлөтө, олоҕун аргыһа, уохтаах кымыһа буолар. Ол да иһин олоҥхоҕо, сэһэҥҥэ саха сылгытын өйө-санаата, күүһэ-күдэҕэ ордук чорботуллан кэпсэнэр. Дьөһөгөй Айыы дьону, сылгылары араҥаччылыыр аналлаах, ону таһынан сылгы кутун уонна күүстээх санаалаах эр дьон кутун биэрэр.
Төрдүс халлааҥҥа Хомпоруун Хотой Айыы олорор. Бу айыы көтөр эбэтэр дьиппиэн хааннаах эр киһи буолан көстөр. Дьоҥҥо дьулууру, күүстээх санааны, былааһы биэрэр. Өссө Орто дойдуга хара дьаҕыл сылгылары ыытар. Ол иһин дьон-сэргэ хотойу тыытыа суохтаахтар, куһаҕан буолар.
Бэһис халлааҥҥа Хара сылгылаах Хара Суорун Тойон олорор. Кинини атыннык Улуу Суорун диэн ааттыыллар. Суор – кини кыра уола эбит. Улуу Суорун дьоҥҥо дьоҕур күүһүн уонна уһанар идэни, тыл хомуһунун, ойууннааһыны биэрэр. Идэ киһиэхэ төрдүттэн-ууһуттан, ол эбэтэр өбүгэтиттэн эмиэ бэриллэн, хас да көлүөнэ ыччакка тиийиэн сөп.
Алтыс халлааҥҥа суостаах-суодаллаах Сүҥ Дьааһын олорор. Атыннык Аан Дьааһын, Дьаара-Буурай, Орой Буурай, Буура Дохсун, Уордаах Дьарабыл, Сүрдээх-кэптээх Сүгэ Буурай Тойон. Бу айыы орто дойдуга этиҥи аҕалар, чаҕылҕаны түһэрэр. Этиҥ эттэҕинэ ардах түһэр, оччоҕо от-мас үүнэр, быйаҥ кэлэр. Ону таһынан бу айыы киртийбит, дьай сыстыбыт киһитигэр, сүөһүтүгэр, окко-маска түһэн, барыны-барытын куһаҕан тыынтан ыраастыыр. Ол курдук чаҕылҕан охсон тиити алдьаттаҕына, ол мастан чыыппааны ылан уматан «Арчы» сиэрин-туомун толороллор.
Сэттис халлааҥҥа үс айыылар – Дьылҕа, Таҥха, Билгэ олороллор. Кинилэртэн Дьылҕа Тойон туох баар көтөр-сүүрэр ыйаахтарын илдьэ сылдьар. Кини киһи олоҕун ааспыт, билиҥҥи, кэлэр өттүн барытын оҥорор. Таҥха Хаан, ким төһө өр олоруохтааҕын, кэм туругуттан көрөн быһаарар. Киһи туруга төрүөҕүттэн саҕаланар уонна олоҕун устатын тухары уларыйар. Ол туругу таҥхалаан билэллэр.
Сахалар өйдүүллэринэн Дьылҕа Тойон уонна Таҥха Хаан бииргэ сылдьаллар. Ол иһин «дьылҕалаа-таҥхалаа» дииллэр. Кыһын тохсунньу ый 13-18 күннэригэр Таҥха иһиллиир оонньуулары тэрийэн ыыталлар. Бу кэмҥэ уу олохтоохторо сүллүкүүттэр Орто дойдуга тахсаллар.
Билгэ Хаан – анала инники өттүгэр киһи олоҕор туох буолуохтааҕын чинчилээн көрүү, өтө таайыы буолар. Сахаларга киһи олоҕун өтө көрөр билгэһиттэр бааллар.
Ахсыс халлааҥҥа Одун Чыҥыс Хаан диэн сүдү айыылар олороллор. Кинилэртэн Одун Хаан Орто дойду дьонун олоҕун оҥорбут, оттон Чыҥыс Хаан дьылҕа кытаанах ыйааҕын айбыт. Ол иһин сахалар бу курдук дииллэр: «Одун Хаан оҥоһуута, Чыҥыс Хаан ыйааҕа көтүллүбэт».
Тохсус халлааҥҥа Үрүҥ Айыы Тойон олорор. Бу айылҕа үрдүкү айар күүһэ. Аан дойдуга туох буолара барыта киниттэн тутулуктаах. Сахалар өйдүүллэринэн кини киһини утары көрбөт уоттаах харахтаах, курдары көстөр кэриэтэ дьэҥкир эттээх-сииннээх, аас бытыктаах оҕонньор. Ол алгыс тылыгар бу курдук этиллэр:
Күн харахтаах,
Ый кулгаахтаах,
Үүс-аас бэйэлээх,
Үүт-таас олбохтоох,
Үрүҥ былыт үктэллээх,
Үрүҥ Айыы Тойон...
Бу айыы куту биэрэр, айар үөскэтэр күүстээх. Бэлиэтэ – күн, көмөлөһөөччүтэ – хотой.
Айыылар киһини-сүөһүнү, көтөрү-сүүрэри араҥаччылыыр, көрөр-истэр, өрүһүйэр аналлаахтар. Аан дойдуга туох буола турарын барытын билэллэр, көннөрөн, оҥорон, салайан биэрэллэр, ол гынан баран сөбүлээбэтэхтэринэ, кытаанах сокуоннарынан дьүүлүүллэр. Кинилэргэ сүгүрүйэн, дьон-сэргэ араас сиэрдэри-туомнары толороллор. Ол иһин саха итэҕэлэ «айыы итэҕэлэ» диэн ааттанар.
Бэлэмнээтэ Ольга Валериевна – култуурнай салаа сүрүннүүр библиотекаря.
Туһаныллыбыт литература:
1. Федоров А.С. Өбүгэ сиэр-туома / А.С. Федоров. – Дьокуускай : Бичик, 2011. – 448 с.