Саха үйэлээх олоҥхото дуорайда
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
22.11.2024

Саха үйэлээх олоҥхото дуорайда[0+]

Просмотры: 23

Саллар саас тухары олоҥхо
Саханы үрдэтиэ олоҥхо
Кэс тылбыт кэскилин көрдөрүө,
Кэхтибэт кэрэтин сөхтөрүө... 

                                                (Күннүк Уурастыырап)

2006 сыл сэтинньи 25 күнэ Олоҥхо күнүнэн биллэриллибитэ. ЮНЕСКО туох-ханнык иннинэ олоҥхону аан дойду культуратын шедеврын быһыытынан үйэтитээри, харыстаары,киэҥ эйгэҕэ таһаараары ирдиир, уонна аан дойду культуратын шедевринэн билиммитэ.
Олоҥхо – саха норуотун тылынан уус- уран айымньытын саамай үрдүк чыпчаала, үйэттэн үйэлэр тухары көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэн испит дириҥ ис хоһоонноох айымньыта буолар. Биһиги өбүгэлэрбит, төрүттэрбит былыргы олох көстүүтүнуустаан-ураннаа кэпсээһиннэрэ буолар. Сырдык-хараҥа күүрсүүтэ, киһи модун санаатын, күүһүн-уоҕун, кыаҕын айыы аймаҕын араҥаччылыыр үрдүк аналын хоһуйуу көстөр. Былыр үөрэх, сурук-бичик суоҕар, олоҥхолооһун улахан культурнай суолталааҕа. Олоҥхоһут – айылҕаттан талааннаах киһи. Мээнэ ыллын да олоҥхоһут буолбаккын. Олоҥхоһут – дорҕоонноох тойуксут, алгысчыт, сээркээн сэһэнньит, алыптаах остуоруйаһыт, чабырҕахсыт, үгэһит.

Сэтинньи 22 күнүгэр Олоҥхо күнүгэр оҕолорго аналлаах тэрээһиҥҥэ ыҥырыылаах ыалдьытынан кэллэ олоҥхоһут, тойуксут, оһуохайдьыт, “Хаҥалас улууһун фольклорун сайдыытыгар уонна харыстааһынын иһин” бэлиэ хаһаайына, “Күн оһуохайа” өрөспүүбүлүкэтээҕи телевизионнай оҕо күрэҕин “Көрөөччү биһирэбилин” хаһаайына, 2019, 2023, 2024 Олоҥхо ыһыахтарын олоҥхоҕо, оһуохайга, тойукка курэхтэр кыайыылааҕа, “Наследие в кадре” регионнар икки ардыларынааҕы күрэх кыайыылааҕа, бүтүн Республикатааҕы “Тоҕус оһуордаах түһүлгэ” күрэһигэр “Кэскиллээх тойуксут” анал аат хаһаайына уонна “Оһуохай – саха алгыстаах үҥкүүтэ” оһуохайдьыттар күрэхтэрин кыайыылааҕа, “Ытык Чыыбыстаан” өрөспүүбүлүкэтээҕи саха фольклоругар күрэх 2023, 2024 сылларга муҥутуур кыайыылааҕа уонна Олоҥхо көрүҥэр кыайыылааҕа – “Айыы Кыһатын” 11 кылааһын үөрэнээччитэ - Егоров Эрик.

Бу тэрээһиҥҥэ Эрик биир дойдулааҕын Е. М. Яковлев – Той Дьэримиэй “Чэмэриллэ Чээчик” олоҥхотуттан быһа тардыыны толоруутун оҕолор сэргээн иһиттилэр. Ыччаппытыгар саха тылынан уус-уран айымньыны, күндү баайбытын олоҥхону тиэрдэн, өбүгэ ситимин салҕаа иһиэхэйиҥ!

Төрүт тылым
Маҥнайгы оҕото –
Эн бааргын
Сахам олоҥхото.
Үтүмэн үгүс
Сыллары уҥуордаан
Умнуллубакка кэлбиккин
Уруйдаан
Саха саҥалаах барыта
Эйиэхэ абылаппыта...
Дириҥ да силиктээх,
Улуу олоҥхом.
История
Дириҥ далайыттан
Күөрэйэн тахсыбыт эбиккин,
Орто дойду
Кумахтаах куйаарыттан
Умнуллубакка
Тиийэн кэлбиккин –
Бары мэһэйи кыа-хото
Сахам үйэлээх олоҥхото!

Ыстатыйаны бэлэмнээтэ: Любовь Скрябина

Смотрите также