Саха литературатын бастакы ньургуһуна
Размер шрифта:
Цвета сайта:
Шрифт:
Изображения:
Интервал между буквами (Кернинг):
Интервал между строками (Интерлиньяж):
Кнопка действия
Статья
16.03.2023

Саха литературатын бастакы ньургуһуна[6+]

Просмотры: 1388
Быйыл, кулун тутар 3 күнүгэр, саха дьахталларыттан бастакы ССРС суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, сахалыы оҕо литературатын төрүттэспит прозаик, тылбаасчыт, фольклорист, суруналыыс Анна Денисовна Неустроева төрөөбүтэ 120 сылын туолла.
Бу бэлиэ күнү кулун тутар 10 күнүгэр Дьокуускай куоракка саха литературатын төрүттээччи Н.Д. Неустроев аатынан Smart-библиотекаҕа «Саха литературатын бастакы ньургуһуна» үөрүүлээх тэрээһин буолан ааста. Тэрээһин Саха сирин суруйааччыларын сойууһун, «Чолбон» уус-уран литература сурунаалын эрэдээксийэтин, Дьокуускай куораттааҕы «Таатта түмсүү», Таатта улууһун «Алдан нэһилиэгэ» тыа сирин түөлбэтин, Н.Д. Неустроев аатынан Уус Таатта орто оскуолатын тэрийиилэринэн буолла.

Нажмите для увеличения

Маннык тэрээһин анал быыстапкалартан, суруйааччы айар үлэтин уонна олоҕун кэпсиир көрдөрөр-иһитиннэрэр матырыйаалларыттан саҕаланааччы. Ол курдук, “Саха литературатын суолдьут сулустара Анна, Николай Неустроевтар” Уус Таатта орто оскуолатын музейын салайааччыта А.Н. Неустроева, “А.Д. Неустроева – саха бастакы дьахтар суруйааччыта”, Алдан нэһилиэгин библиотекара, ССРС культуратын туйгуна А.К. Маркова быыстапкалара, Н.В. Николаева салайааччылаах Ф.С. Аргунов аатынан Тааттатааҕы оҕо искусствотын оскуолатын Уус Тааттатааҕы филиалын үөрэнээччилэрин уруһуйдара уонна “Неустроевскай ааҕыылар” научнай-практическай конференция бастыҥ үлэлэрэ тэрээһин суолтатын дириҥэтэн биэрдэ, дьон-сэргэ болҕомтотун тарта.

Нажмите для увеличения

Үөрүүлээх тэрээһини Саха сирин Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлэ, саха норуодунай поэта Наталья Харлампьева арыйда. Дьокуускай куорат баһылыгын солбуйааччы, Дьокуускай куораттааҕы «Таатта» түмсүү салайааччыта Владимир Аржаков, Алдан нэһилиэгин баһылыга Егор Постников, Дьокуускай куораттааҕы киин библиотека ситимин дириэктэрэ Ньургуйаана Решетникова Н.Д. Неустроев төһө да кылгас олоҕу олордор, норуокка дириҥ ис хоһоонноох айымньылары хаалларбытын, саха литературата төрүттэниитигэр сүҥкэн кылаатын сиһилии сырдаттылар. Саха норуодунай суруйааччылара Сэмэн Тумат, Елена Слепцова-Куорсуннаах, уһун кэмҥэ Уус Таатта оскуолатыгар дириэктэрдээбит СӨ үөрэҕириитин үтүөлээх үлэһитэ Петр Дягилев, Н.Д. Неустроев аатынан Уус Таатта орто оскуолатын дириэктэрин эбээһинэһин толорооччу Ф.А. Чахов, В.И. Ленин аатынан Уолба орто оскуолатын дириэктэрэ А.В. Аржаков эҕэрдэ тылларын эттилэр. А.Д. уонна Н.Д. Неустроевтар хаан-уруу аймахтара күндү ыалдьыт буолан кыттыыны ылбыттара тэрээһин ис хоһоонун ситэрэн-хоторон, киэргэтэн биэрдэ.

Нажмите для увеличения

Оччотооҕу саҥа өрөспүүбүлүкэ бастыҥ кыргыттарыттан биирдэстэрин, үөрэх-билии, иитии туһугар үгүһү оҥорбут Анна Неустроева олоҕун уонна айар үлэтин М.К. Аммосов аатынан ХИФУ РФ ХИНТуоКИ дириэктэрин наукаҕа солбуйааччы, доцент, филология наукатын кандидата, Матрена Попова «А.Д. Неустроева олоҕо уонна айар үлэтэ» диэн дакылааты аахта. СР үтүөлээх учуутала, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, учууталлар учууталлара, Таатта улууһун Алдан нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина Антонина Неустроева убайдаах-балыс суруйааччылар олохторун уонна айар үлэлэрин, кинилэр сырдык ааттарын үйэтитиигэ туох үлэ ыытылларын кэпсээтэ.

Нажмите для увеличения

Маннык тэрээһиннэргэ оҕо, ыччат кыттара олус кэрэхсэбиллээх. Быйылгы Неустроев ааҕыыларын лауреата, Таатта улууһун Уолба орто оскуолатын 5-с кылааһын үөрэнээччитэ Айаана Семенова «А.Д. Неустроева “Тиргэһиттэр” кэпсээнигэр Ааныска прототиба кимий?» диэн дакылаатын билиһиннэрдэ уонна прототип – «Бочуот знага» уордьан кавалера, СӨ үтүөлээх учуутала Анна Васильевна Хоноехова туһунан сэһэргээтэ, билиһиннэрдэ. Онтон Н.Д. Неустроев аатынан Уус Таатта орто оскуолатын 6-с кылааһын үөрэнээччилэрэ Анна Неустроева «Оҕолор» айымньытынан инсценировка көрдөрөн дьону үөртүлэр.
Саха сирин Суруйааччыларын сойууһа, Алдан нэһилиэгэ, Уолба орто оскуолата, суруйааччы аймахтара Smart-библиотека фондатыгар сэдэх уонна автографтаах кинигэлэри бэлэхтээтилэр.

Нажмите для увеличения

Үҥкүү-битии, ырыа-тойук аргыстаах Таатта сирин ытык-мааны дьоно киэн туттар биир дойдулаахтарын ааттарын үйэтитиигэ үлэлииллэрэ хайҕабыллаах. Бу үйэлээх, умнуллубат тэрээһини "Чолбон" сурунаал бас эрэдээктэрэ, суруйааччы Гаврил Андросов иилээн-саҕалаан үрдүк таһымҥа ыытта.

Ыстатыйаны бэлэмнээтэ, сүрүннүүр библиотекарь Беленкова М.В.

Смотрите также