Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан...
Кыһалҕа бөҕө кыһарыйдар даҕаны
Кыайыыттан атын кыһалҕабыт суоҕа.
Кыайыы туһугар барытын тулуйарбыт,
Кыайыы туһугар барытын уйарбыт.
Иван Сысолятин
«Герои труда Якутии» серия 2015 с. тахсар. Бу серия олохтоммута сөптөөҕүн Саха сирин нэһилиэктэрэ элбэх баай ис хоһоонноох тыыл үлэһиттэрин туһунан ахтыылары хомуйан ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр таһааран эрэллэрэ буолар.
Аан дойдуну аймаабыт 1941-1945 сс. Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии ыар сүтүктэрэ уонна өрөгөй үктэллээх Улуу Кыайыы суолтата хаһан да өлбөөдүйбэккэ, дьон-норуот өйүгэр-санаатыгар сүппэт өйдөбүл буолан барыбытын сомоҕолуур. Дойду көмүскэлин туһугар сэриилэһэр да фроҥҥа, тыыл да үлэһиттэрин хорсун быһыылара кэмҥэ-кэрдиигэ бэриммэт, бу тугунан да кэмҥэммэт нэһилиэстибэни харыстыыр барыбыт ытык иэспит.
Тараҕай нэһилиэгиттэн 83 киһи, олор истэригэр 4 ини-бии Климентовтар, Марковтар, 3 ини-бии Бурнашевтар, Романовтар, икки ини-бии Брызгаловтар, Гоголевтар, Егоровтар, Керемясовтар, Степановтар, Федоровтар, Христофоровтар, Шишигиннар уонна Яковлевтар сэрии толоонугар охтубуттар уонна сураҕа суох сүппүттэр; 30 буойун дойдуларыгар Кыайыы көтөллөөх төннүбүттэр; 31 буойун үлэ фронугар сылдьан ытык иэстэрин төлөөбүттэр.
Тараҕай нэһилиэгин олохтоохторо сыл аайы биирдиилээн автордар, аймахтар сэрии кыттыылаахтарын, тыыл үлэһиттэрин олохторун, дьылҕаларын сырдатар кинигэлэри, ыстатыйалары таһааран күндү дьоннорун үйэтитэллэрэ үтүө үгэскэ кубулуйбута ыраатта. Ол курдук Шишигин Е.С. «Саллаат таайым суруктара», 2000 с., Шишигин Е.С. «Өтөх төҥүргэстээх. Учуутал. Буойун. Үтүө сүбэһит. Амарах аҕа», 2003 с., Гоголева Ф.Г., Маркова И.А., Маркова Т.В. «Сиэрдээх олох кэрэһитэ», 2009 с., Керемясова А.Ф. «Ыстахаанабыс холкуос олохтоохторо Аҕа дойду сэриитин кэмигэр», 2005 с., Попова В.А. «Биир дьиэ кэргэнтэн – алта буойун», 2016 с., Фомина Н.Н. «Аҕабыт туһунан истиҥник» 2018 с. уо.д.а. Бу үлэлэр Тараҕайдар аныгы сүһүөх ыччаттарын төрөөбүт-үөскээбит нэһилиэктэрин историятын үөрэтиигэ, аҕа көлүөнэ дьонуттан холобур ылан патриотическай тыыҥҥа иитии буолар.
Аҕа дойду Улуу сэриитин алдьархайа хас биирдии саха ыалын тумнубатаҕа. Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө Тараҕайдар кыайыыны уһансыбыт аҕа көлүөнэ туһунан чугас дьоннорун, оҕолорун уонна тус бэйэлэрин ахтыыларын хомуйан кинигэ таһаардылар.
Инчэҕэй тирбэҕэ быстыбатынан... : Ахтыылар / «Тараҕай нэһилиэгэ» муницип. тэриллии; [хомуйан оҥордо П. Т. Макарова]. – Дьокуускай : РИО медиа-холдинга, 2020. – 288 с. : фото.
Кинигэ 3 түһүмэхтэн турар: Улуу Кыайыы 30 сылыгар; Улуу Кыайыы 75 сылыгар; Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!; Үс муннуктаах суруктар; «Колхоз кырдьыга» хаһыат балаһатыттан; Архыып матырыйааллара кэпсииллэр.
Чороччу улаатан эрэр оҕолор сэрии кэминээҕи суту-курааны билбит, дьарамай санныларыгар үлэ ыараханын улахан дьону кытта тэҥҥэ сүксүбүт оччотооҕу оҕолор оонньоммотох оҕо саастарын ахтыыларын ааҕа олорон хайдах да долгуйбат буолуоххун сатаммат. Төһө да саастарынан оҕо буоллаллар кырыктаах сэрии бара турарын эттэринэн-хааннарынан билэн кыайыы туһугар үлэлээбиттэрэ. Кинилэр төрөппүттэрэ, бииргэ төрөөбүттэрэ аччыктаан, ыалдьан өлбүттэрин сыллар ааспыттарын да иһин хараһыйа саныыллара оспот баас буолан билигин да нүөлүйэ ыалдьар. «Биһиги аҕабытын Нуотараҕа холкуос үлэтигэр сэрии саҕана мобилизация диэн илдьэ хаалбыттара. Ас-таҥас суох, хоргуйуу бөҕө, кыра бурдук биэрэллэр, ону убаҕас судураан хааһы оҥостон, аҕыйах хонукка сиигин. Наар сылбырхай ууну иһэн хоммут түүннэрим аҕыйаҕа суох этилэр. Оту-маһы, аан тириитин илдьиритэн сиирбит. Онно ийэм, эһэм, кыра балтым хоргуйан өлөннөр, аҕам биһикки иккиэйэх хаалбыппыт», - диэн ити ыар сыллары оҕо санныгар сүкпүт Артамония Слепцова. Никитина М.Н ахтар: «Арыт туох да айахха угарбыт суох буолан, икки-үс күн аһаабакка, аҥардас уунан эрэ сылдьарбыт... Ама ааспытын иһин, аччыктыыр диэн баар этэ, киһи киһиэхэ тириэрдэн кэпсээбэт суола... Билигин санаатахпына, сүрэҕим ыалдьар». Маркова М.С. кэпсиир: «Сут-кураан дьылларга аһыҥа наһаа үөскээбитэ, ханааба хаһан, куулу икки өттүттэн тутан сүүрдэххэ киирэрин ханаабаҕа сүөкүүр этибит, онно күн уотугар ууллан сытар буолаллара. Элбэх кыаммат, ыарыһах дьон хоргуйан өлбүттэрэ».
Бу кинигэҕэ хомуллан тахсарыгар нэһилиэнньэ барыта кыттан улахан үлэ ыытыллыбыта көстөр. Ол курдук 245 киһи олоҕо суруллан хаартыскалаах киирбит. Элбэх оҕо сыралаах үлэлэрин иһин «Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэрии 1941-1945 сс. килбиэннээх үлэтин иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыттар.
«Үс муннуктаах суруктар» салааҕа көҥүл олоҕу көмүскүүр саллааттар сэрии толоонуттан суруйбут суруктара киирбит. Ол курдук Андрей Зыков, Прокопий Петров, Макар Петров, Феодосий Брызгалов, Роман Брызгалов, Хрисанф Петров суруктарын Табаҕа орто оскуолата хомуйан оҥорбут альбомуттан талан киллэрбиттэр. Бу буорах сыттаах буойун суруга төһө эрэ үөрдүбүтэ буолуой оччотооҕу аас-туор олохтоох дьоннорун!
«Колхоз кырдьыга» хаһыаттан ылыллыбыт салааҕа Табаҕа оскуолатын урукку директора, билигин орудие командира Алексей Ильич Сосин бэйэтин үөрэнээччилэригэр суруга, нэһилиэккэ үлэ хаамыытын туһунан ыстатыйалартан быһа тардыылар киирбиттэр.
«Архыып матырыйааллара кэпсииллэр» салааҕа буойун Брызгалов Степан Петрович сэтинньи 15 күнүгэр 1942 с. сэрии толоонугар өлбүтүн туһунан биллэриитэ, сэрии сылларыгар Тараҕай нэһилиэгин хаһаайыстыбатын үлэтин хаамыыта, нэһилиэнньэтин туһунан; 1942 с. «Колхоз сирин быалаах кинигэтин» куоппуйата киирбитэ дьиҥнээх олох туоһута буолан кэрэхсэбиллээх.
Тараҕай нэһилиэгин туһунан чахчылар:
*1768 с. Мирон Черкашенинов II Дьаһаах хамыыһыйатыгар киллэрбит биэдэмэһигэр 137 дьаһаах төлүүр эр киһилээх туспа нэһилиэк быһыытынан сурулла сылдьар. Онон 1998 с. нэһилиэк 230 сылын бэлиэтээбитэ.
*1812 с. Аҕа дойдуну көмүскүүр сэриигэ нэһилиэк кинээһэ В. Слепцов, старосталар Е. Бурнашев, Ф. Аргунов, Н. Тельгенов 325 солкуобайы хомуйан сиэртибэ биэрбиттэрин иһин күн ыраахтааҕыттан махтал ылбыттар.
*Республика, оройуон уонна олохтоох салалталар болҕомто ууран, түргэнник бириэмэтигэр көмөлөспөккө аар-туор олохтон, ыарахан үлэттэн, кыһыҥҥы түптэлэс тымныыга мөлтөх таҥастан тоҥон-хатан, элбэх киһи хоргуйан, ыалдьан өлбүтэ биллэр. Ол курдук Мэҥэ-Хаҥалас оройуонуттан 1940-1944 сс. 3806 киһи өлбүтүттэн 1900 киһи хоргуйан өлбүт.
Бу кинигэттэн элбэҕи билиэххит, кэлэр көлүөнэҕэ бэрт өйдөбүнньүк оҥоһуллубут.
Бэлэмнээтэ Ирина Уваровская, ИМО сүрүн библиотекара