Салама ыйааһына-сахаларга биир ытыктанар сиэр-туом буолар. Өйдөбүлэ – үөһээ айыыларга тахсар далаһа диэн, ол аата айыылар бу саламаҕа кэлэн түһэллэр диэн өйдөбүллээх эбит.
Бүгүҥҥү «Оһуор ойуу» биэриибитигэр Арт-дизайн устуудьуйа салайааччыта Ньургуйаана Яковлевалыын салама баайан көрдөрүөхпүт. Саламаҕа туостан ынах, ат, ыаҕайа , томторук оҥороллор эбит. Ону таһынан сиэл кыбытыллыахтаах уонна айылҕа биэрбит үүнээйилэрин өҥүнэн таҥас кырадаһынын тэҥ гына тутан баайыллыахтаах. Саламаҕа хара өҥ киирбэт.