Алгыс – «аал уокка ыс» диэн өйдөбүллээх. «Аал уот» диэн тыл «улахан», «сүүнэ» диэн суолтаҕа туттуллар. Киһиэхэ аал уот иччитэ олус чугас буолар. Ол иһин киһи аал уотугар, аһыыр аһыттан бэрсиэхтээх уонна үһүс халлааҥҥа олохтоох Дьөһөгөй Айыыга уот нөҥүө кымыһынан айах тутуохтаах эбит. Ону аал уот олус күүскэ ылынар диэн ааттыыллар.
SMART-библиотека култуураҕа салаата «Смартыын бииргэ», «Оһуор ойуу», «Өбүгэ үгэһэ» биэриилэрэ Үрүҥ тунах ыһыахха ананар. Ол курдук ыам ыйын 26 күнүгэр Дьокуускайдааҕы Арчы норуот айымньытын дьиэтигэр «Смартыын бииргэ» биэриигэ алгыс өйдөбүлүн туһунан, алгысчыт, сиэри-туому толорооччу Иван Герасимович Васильев – Алгыс Уйбааны кытта кэпсэтии буолла.
Бэс ыйын иккис күнүгэр «Оһуор ойуу» биэрии алтыс таһаарыытыгар «Салама айыы далаһата» диэн ааттаан ситии быатын хатарга, салама баайарга маастар кылаас көрдөрдүбүт. Салама ыйааһына-сахаларга биир ытыктанар сиэр-туом буолар. Өйдөбүлэ – үөһээ айыыларга тахсар далаһа диэн, ол аата айыылар бу саламаҕа кэлэн түһэллэр диэн өйдөбүллээх эбит.
Былыр, салама ыйаммыт сирэ «ытык сир» дэнэр эбит. Ону мээнэ тыытыа, алдьатыа, үрэйиэ суохтааххын. Тоҕо диэтэр салама дьону харыстыыр, көмүскүүр аналлаах уонна киһиэхэ саҥа тыыны биэрэр. Бу саха киһитэ төрөөбүт айылҕатын кытта ситимэ буолар.
Саламаны саас, от-мас тыллыыта, хатыҥ сэбирдэҕэ собо тылын саҕа буолуута, айыылар, иччилэр саамай кэтэспит, сылаанньыйбыт кэмнэригэр ыйыыллар. Сылга биирдэ, элбээбитэ иккитэ ыйыахха сөп эбит. Үгэс быһыытынан сайылыкка көһөн тиийэн баран, халдьаайыга тахсан хатыҥ маска саламаны баайаллар эбит диэн бэлиэтээһиннэр бааллар. Саламаҕа туостан ынах, ат, ыаҕайа, томторук оҥороллор эбит. Ону таһынан сиэл кыбытыллыахтаах уонна айылҕа биэрбит үүнээйилэрин өҥүнэн таҥас кырадаһынын тэҥ гына тутан баайыллыахтаах. Саламаҕа хара өҥ киирбэт.
Ыһыах – бу үрдүкү айыыларга уонна сир-дойду иччилэригэр анаан сүгүрүйүү буолар. Саха дьоно кыстыкпытын этэҥҥэ туораатыбыт диэн от-мас көҕөрөн, айылҕабыт уһуктубутун кэннэ айыыларга анаан, «саҥа дьылбыт» диэн ааттаан үөрэн-көтөн ыһыах сиэрин-туомун толоробут. Бу төрүт итэҕэли кытта ыкса ситимнээх.
«Өбүгэ үгэһэ» биэриигэ Улуу Туймаада хочотун ытык сиригэр Үс хатыҥҥа тиийэн краевед, историк, этнограф, худуоһунньук, «Туймаада ыһыаҕа» архитектурнай этнографическай комплекс дириэктэрэ, Саха Сирин «Ытык сирдэр» ассоциациятын президиумун бэрэссэдээтэлэ Вильям Федорович –Түһүлгэн ыһыах өйдөбүлүн, суолтатын туһунан кэпсээтэ.
Бу биэриилэр толору видеоларын биһиги библиотекабыт ютуб ханаалыгар киирэн көрүөххүтүн сөп.
Өбүгэ ытык үгэһэ умнуллубатын, хас биирдии бэйэбитин, кэнчээри ыччаппытын алгыстыы, киэргэтэ, бөҕөргөтө туруохтун!
Үрүҥ тунах ыһыах үгүс үөрүүнү түстээтин, хас биирдиигитигэр бу кэмҥэ үтүө баҕа санааҕыт туоларыгар, туруоруммут соруккут ситиһиллэригэр баҕарабыт.
Туһаныллыбыт литература:
Федоров А.С. Өбүгэ сиэрэ-туома / А.С.Федоров. - Дьокуускай: Бичик, 2011. - 488с.- Текст: непосредственный.
Федоров А.С. Салама ыйааһына / Афанасий Федоров. – Дьокуускай: Бичик,-2005. – 24с.-Текст: непосредственный