16 сыл анара өттүгэр ЮНЕСКО саха олоҥхотун киһи аймах айбыт чулуу айымньынан материальнайа суох нэһилиэстибэтин шедевринан ааттаата. Саха сирин үрдүнэн сэтинньи 25 күнүгэр традиция быһыытынан сыл аайы Олоҥхо күнэ уонна декадата ыытыллар.
Саха героическая эпоһа норуот төрүт культуратын кытары ыкса ситимнээх. Олоҥхоҕо Саха дьонун-сэргэтин кута-сүрэ, кини бэйэтин, кэм-кэрдии, аан дойду туһунан өйдөбүлэ түмүллүбүт, бэйэтин мифологиятын, итэҕэлин уонна философиятын өйдөбүллэрин олуктара ууруллубуттар. Олоҥхоҕо саха норуотун күннээҕи олоҕо-дьаһаҕа, дойдутун айылҕата, тулалыыр эйгэтэ дьайаннар үөскэппит омук быһыытынан ураты көрүүтэ, аан дойдуну анаарарга, үрдүк ис хоһооннуурга дьулуһуута көстөллөр.
Олоҥхо декадатыгар олоҕуран биһиги библиотекабыт «Олоҥхо дойдута» диэн виртуальнай выставка оҥордубут.