Бүгүн ыам ыйын 18 күнэ, Саха сиригэр ньургуһун сибэккини уруйдуур, киниэхэ сүгүрүйэр күн.
Саха киһитигэр күүтүүлээх күндү кэм сандал саас сандаарыйан тиийэн кэлбитигэр тулабыт тупса-киэргэнэ түһэр буоллаҕа... Аан-бастакынан хаар анныгар силиһин тардан халдьаайыга, сыһыыга үүнэр мааны сибэкки ньургуһун, хагдаҥ сири киэргэтэн, тыһыынчанан сулуһу ыһан кэбиспит курдук дуу, эбэтэр күн кыымчааннара бытарыйан түспүттэрин курдук дуу тэтэрэн, чаҕылыйан, хайдахтаах даҕаны сүрэҕи үөрдэр, дууһаны манньытар буоллаҕа эбээт...
Бу саха киһитэ үөрэ манньыйа таптыы көрөр сибэккитин, ньургуһун туһунан былыр былыргыттан төһөлөөх хоһоон хоһуллубута, ырыа ылламмыта буолуой. Биллиилээх бэйиэттэр, кэпсээн суруйааччылар тыл уранын түмэн айан-тутан аастахтара, өссө даҕаны айыллыа турдаҕа.
Саха сиригэр сааскы бастакы сибэкки Ньургуһун күнэ 2004 сылтан бэлиэтэнэр. Аан дойдуга ньургуһун сибэккики таптыылларын, харыстыылларын бэлиэтэ-муус устар 19 күнэ Ньургуһун күнэ эбит. Бу күнү аан-бастаан Англияҕа 1984 сыллаахха бэлиэтээбиттэр. Көр, Ньургуһун барахсан кырачаан бэйэтэ омугуттан, хааныттан тутулуга суох икки атахтаахха олоххо тардыһар күүһү тилиннэрэр, үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйар күүһэ сүдүтүөн!
Сахабыт сирин хорсун-хоодуот сибэккитин Ньургуһуну уруйдуур маанылаах тэрээһин аан-бастаан 2004 сыллаахха ыам ыйын 5 күнүгэр Опера уонна балет Государственнай театрыгар түһүлгэлэнэн, Иван Ушницкай авторскай көҕүлээһининэн, Прокопий Неустроев режиссердаан «Орто дойду ньургуһуннара» диэн аатынан ыытыллыбытын тыыннаах кэрэһитэ буолан олорорбунан киэн туттан суруйа олоробун. Ол күнтэн ыла 18 сыл ааста, соччо төгүл саас барахсан сиэдэрэй Ньургуһунунан дойдубутун киэргэтэн аастаҕа.
Салҕыы Ньургуһуҥҥа анаммыт тэрээһиннэртэн биир бастыҥнарын Тулагы-Киллэм библиотекара, Саха Республикатын культуратын утуэлээх улэьитэ, Гражданскай килбиэн бэлиэ хаһаайката Елена Михайловна Готовцева ахтыытыттан билсиэҕиҥ: "..Аан бастаан Киллэм араҕас өҥнөөх ньургуһун сибэккинэн симэммит хайатыгар Ньургуһун ыһыаҕын тэрийбиппит. Онно Алексей Калининскай матыыбыгар Ньургуһун ыһыаҕа диэн ырыаны мин дьүөгэм, ырыаһыт Лонгина Бережнева ыллаабыта. Оо, бу ырыаны биһиги Тулагылар олус даҕаны таптаан истэбит! Кини курдук истиҥник бу ырыаны ким даҕаны толорбот, мин бэйэм тус санаабар. Кини ыллыырын истэммин, ыллыахпын баҕаран, «Ньургуһун ырыата» диэн ырыаны үөрэтэн, ыллыыр дьоллоохпун. Ол курдук Дьокуускайга цирк уораҕайыгар, Тулагыга, Туймаада ыһыаҕар ыллаан дьолломмутум...»
Бу эбээт до5оттор, Ньургуһун үтүөҕэ-кэрэҕэ угуйар улуу күүһүн туоһута!
Мин бэйэм хоһоон айааччы буоларым быһыытынан, ньургун эрээри намчы сибэккигэ анаабыт хоһооммунан түмүктүүрбүн көҥүллээҥ:
Ньургуһун барахсан, эн тыллаар
Сандал саас салаллан кэлиитэ,
Күн уота күндээрэ тыгыыта,
Халдьаайы хараарбыт иэнигэр
Ньургуһун нуоҕайа тыллыаҕа...
Ол кэрэ, ол сырдык кэмнэргэ
Эдэр саас аттыбар туруоҕа,
Сүгэһэр санаабын киэр кыйдаан
Умнубут иэйиибэр сирдиэҕэ.
Кинини батыһан тиийиэҕим
Эдэркээн ньургуһун саастарбар,
Эрэнэ сүрэхпин аһыаҕым
Умнубат бастакы тапталбар.
Олоҕу саҥалыы таптааммын
Дьэҥкир дьол чыпчаалын билиэҕим,
Оччоҕо Ньургуһун барахсан,
Махталбын эйиэхэ аныаҕым.
Ньургуһун барахсан, эн тыллаар,
Сыл аайы эдэрбэр эргитээр,
Хагдаҥ буор сирбитин киэргэтээр,
Кэрэҕэ эрэли үөскэтээр.
Эн баарыҥ тухары эдэрбит
Кэрэчээн сибэкки сэгэрбит,
Эдэр саас тапталын иҥэрбит
Олоххо уостубат эрэлбит.
Ньургуһун барахсан, эн тыллаар...
Мария Поскачина
Ыам ыйын 18 күнэ. Тулагы сэлиэнньэтэ.