Ахсынньы ый 24 күнүгэр «Сэргэх сэһэргэһии» түмсүү кыттыылаахтарыгар сылбытын түмүктүүр саргылаах Саҥа дьыллааҕы көрсүһүү буолан ааста. Биэчэри кулууп салайааччыта Виктория Оконешникова «Саҥа дьыл» диэн хоһоонунан уонна «Хаар вальса» диэн ырыанан аста. Көрсүһүү сүрүн ыалдьытынан Саха өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ Иванов Валерий Герасимович буолла. Итии чэйдээх остуол тула олорон элбэх көрдөөх-нардаах оонньуулар, Валерий Герасимович дьүрүһүйэ кутуллар баянын тыаһыгар доҕуһуоллатан былыргылыы-аныгылыы ырыалар хотоҕостуу субулуннулар. Түмсүү биир талааннаах кыттыылааҕа Петрова Елизавета Егоровна сыанкаттан быһа тардыылары көрдөрөн көрү-нары көҕүлүттэн тутта. Виктория Алексеевна саҥа кинигэ быыстапкатын кытта билиһиннэрдэ. Көрсүһүү түмүгэр кыттыылаахтар Саҥа дьылынан сэмэй бэлэхтэри тутан үөрүү өрөгөйүн биллилэр, элбэх махтал тыллара этилиннилэр.
Виктория Оконешникова, библиотекарь