Бүгүҥҥү тыйыс, олохпут огдолуйбут кэмигэр киһи киһиэхэ истиҥ-эйэҕэс сыһыана туохтааҕар да күндү.
Көстөкүүн Туйаарыскай – быйыл үбүлүөйдээх суруйааччылартан биирдэстэрэ.
Константин Николаевич оҕо литературатын бөдөҥ маастара – поэт уонна тылбаасчыт, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, 1915 сыллаахха бэс ыйыгар Абаҕа тыатыгар Аммаҕа төрөөбүт.
Туйаарыскай оҕо аймахха анаан суруйбут хоһооннорун аахпыт эрэ киһи барыта сүрэхтиин-быардыын сылаанньыйар, өйдүүн-санаалыын ырааһырар.
Оттон Туйаарыскай хоһоонноругар саха ыалын олоҕуттан саҕалаан, чугас дьоҥҥо амарах сыһыана олус үчүгэйдик сырдатыллар.
Туйаарыскай хоhооннорун истин-сэргээн:
2. “Доҕор” 3. “Ийэҕэ сыһыан” (С.Михалков хоһоонун тылбааһа) 4. “Я буква” (Б.Заходер хоһоонун тылбааһа)
Саха Республикатын Национальнай электроннай библиотекатын саайтыгар Туйаарыскай кинигэлэрин ааҕыаххытын сөп.